Якутские буквы:

Якутский → Русский

холто

облезлый, истёртый, вытертый; саһыл холтото облезлый лисий мех.

Якутский → Якутский

холто

аат. Эргэрэн халтаҥнаабыт түүлээх таҥас сарыыта, халтаҥа эрэ хаалбыта. Облезлая, истёртая меховая одежда из шкуры
Была быстыбат, холто бараммат (өс хоһ.). Охоноон холто буолбут куобах бэргэһэтин ньаппаччы уурунна. Софр. Данилов
Оҕонньор, …… холто буолбут арбаҕаһын бүрүнэн бүгүҥҥү күнү быһа утуйда. Эрилик Эристиин
ср. маньчж. ҕолдон, ҕолтон ‘головешка, обгорелый пень’


Еще переводы:

таҥныталаа

таҥныталаа (Якутский → Якутский)

таҥын диэнтэн төхт
көрүҥ. Таҥаһын сулбу тардан ылан, турбут киһи таҥныталаан кэбистэ. ПЭК ОНЛЯ VI
Маайа …… илдьирийбит нэк истээх сонун уонна холто буолбут кулун тулалаах чомпой бэргэһэтин Кыаһай ыраахтан туран быраҕаттаан биэрбитин ылан, таҥныталаан кэбистэ. Эрилик Эристиин

чомпой

чомпой (Якутский → Якутский)

чомпой бэргэһэ көр бэргэһэ
Ийэлэрэ киирэн кэллэ, улахан уолун тииҥ тулалаах чомпой бэргэһэтин туура тардан ылла. Амма Аччыгыйа
Чомпой бэргэһэтин быатын сүөрэ тардан кэбистэ. Күннүк Уурастыырап
Оҕонньор дүлүҥҥэ олордо, холто буолбут чомпой бэргэһэтин устан аттыгар уурда. Софр. Данилов

арбаҕас

арбаҕас (Якутский → Якутский)

аат.
1. Түүтэ элэйбит, холто буолан эрэр саҕынньах. Облезлая ветхая доха с полинявшим мехом
Арбаҕас иһигэр абааһы баар (өс хоһ.). Бүөтүр таһырдьаттан киирэн кэлэн, бүрүммүт таба арбаҕаһын кэтэҕэриин ороҥҥо быраҕан баран, уот кытыытыгар кэллэ. Эрилик Эристиин
Оҕонньор саптыммыт арбаҕаһын сыҕаччы аста, туран олордо, кэтэҕин тарбанна. Л. Попов
2. харыс т. Эһэ. Медведь. [Булчут] иккис күнүгэр арбаҕаһын кытта астаспыта. Эвен фольк.

была

была (Якутский → Якутский)

аат. Туох эмэ бүтэһик тобоҕо; ким эмэ күүһүн, сэниэтин эбэтэр удьуорун тобоҕо, бүтэһигэ. Последний остаток чего-л., последние остатки силы или потомства кого-л.
Былыргы киһи былата быстыбат (өс хоһ.). Былыргы киһи былата буолабын. ПЭК СЯЯ
«Мин была буолбут киһибин, онон миигин ханнык да айыы-абааһы кыайан сиэбэт», — диир Мутук оҕонньор санаата иэйдэҕинэ. И. Гоголев. Тэҥн. тобох, холто, элээмэ

дьогдьоччу

дьогдьоччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Төбөнү төҥкөтөн, сиһи токурутан, кумуччу (тутун). Склонив голову, согнув спину (сжиматься, съеживаться)
Лааһар тоҥон дьогдьоччу тутунна.  Аанньа аһаабатах, холто буолбут таҥастаах-саптаах «дьогдьоччу тоҥмут оҕонньор», кэбиһиилээх окко хайдах ыттан, отун тиэнэн логлото охсоруй? Амма Аччыгыйа
Үөр кыыл көрдөөн, сылайан, Бөрө тылын былас таһааран, Токур оллооннуу дьогдьоччу туттан, Иһэ сиһигэр хам сыстан Хаһаастаах сиригэр тиийэн кэлбитэ. Кыраһа к.

кэлимник

кэлимник (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Арда, быстыгаһа суох, бүтүннүү. Сплошь, плотно, без зазора
Икки өттө кэлимник үүммүт күөхтүҥү саһархай холто оттоох, тыалыы киэҥ-куоҥ уулуссанан аа-дьуо хаамабын. Н. Габышев
Хаар түһэн үллүктүүр, быыһа суох, кэлимник, Сарайга бааталыы дьапталлар. К. Кулиев (тылб.)
2. көсп. Бэйэ бэйэтин ситэрэн биэрэр гына толорутук, холбуу. Комплексно, в совокупности
Иитиигэ кэлимник сыһыаннаһыахха. «Кыым»
Билигин Амма хочолорун кэлимник баһылааһын боппуруоһа турда. «ХС»

хаһый

хаһый (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугу эмэ илииҥ таһынан, туора тарыйан сыҕарыт, халбарыччы ас. Отбрасывать, откидывать, скидывать что-л. тыльной стороной руки
Мин бэрэмэдэйбин сиргэ хаһыйан кэбиһээт, төттөрү көтүттүм. Амма Аччыгыйа
Ааныс …… төҥкөйөн олорон, аҥаар саппыкытын устан хаһыйан кэбистэ. Н. Заболоцкай
Сарсыарда …… уһуктан, холто буолбут эргэ суорҕаммын хаһыйан олоро биэрбитим. П. Аввакумов
Киһим биир андыны мин диэки тарыйда, иккини бэйэтин диэки хаһыйда. «Чолбон»
2. Туох эмэ үрдүн тарыйан хас (хол., күрдьэҕинэн — хаары, буору). Разгрести, отгрести в разные стороны, разрыть чем-л. что-л. сыпучее, рыхлое (напр., лопатой — снег, землю)
[Бодойбоҕо] Көмүстээх буору Күрдьэҕинэн күртүлэр, Харчылаах буору Лаппаакынан хаһыйдылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьөгүөр хаары хаһыйа охсон, көмүрүө хаары ылан ыйыстыбыта. Амма Аччыгыйа. Мичил ойон кэлэн, хаары эһитэ хаһыйбыта, хаар анныттан Кустук кистээбит куобахтара тахсан кэлбиттэрэ. И. Федосеев
Илин атахтаргынан тугу эмэ (хол., буору, хаары) тарый, хас (кыылы этэргэ). Рыть, копать передними конечностями, разгребать что-л. (напр., землю, снег — о животных)
Атыыр оҕус …… күүстээх атахтарынан эрчимнээхтик буору кэннин диэки хаһыйара. Далан
[Ийэ сибиинньэ] муостаны атахтарынан хаһыйар. ДьСИи
Бөрө, атаҕынан хаары хаһыйан чөмөхтөөн, чиҥэтэн, кутуругунан сиппийэн, бэрт эрэйинэн муус балаҕан туттар. ПНО
ср. др.-тюрк. хазы ‘копать; вскрывать (рану)’