Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хараҥар

туохт.
1. Хараҥа буол. Темнеть, меркнуть
Хараҥаран, Дьөгүөрэп эппит таҥараларын дьиэлэрэ көстүбэттэр. Н. Якутскай
Мин таһырдьа тахсыбытым номнуо хараҥарбыт этэ. Н. Заболоцкай
Киэһэ айаҥҥа туралларыгар күн киирэн хараҥаран барбыта. «ХС»
2. Харатыҥы эбэтэр ордук хара дьүһүннээх буол. Стать более тёмным по цвету, потемнеть
— Кеша тута баттаһан, Тутан ылыах толкуйдаах, Көҥдөй иһин хаһыста. Хараҥарбыт моҕотой Халыан Кеша сөмүйэтигэр Харсар сытыы тииһинэн Хатамматах этэ дуо? Чычып-ч. Колосов хара бараан сирэйэ эбии хараҥарда. «Чолбон»
«Кыйаханыма», — Усиевич уордайбыта. Кини күөх харахтара хараҥарбыттара. Ю. Чернов (тылб.)
3. көсп. Туймааран тугу да өйдүүрдьүүллүүр кыаҕа суох буолан хаал (хол., олус долгуйан). Лишить возможности здраво мыслить, затемнить разум (напр., о сильном волнении)
Кыыһырбыт, хараҥарбыт киһиэхэ өй, толкуй мөлтөх сүбэһит буолан хаалара биллэр суол. С. Данилов
Төбөм өссө ыарыыр, хараҥарар, хараҕым ирим-дьирим буолар. Н. Заболоцкай
Муҥнаах балаһыанньабар өлөр-өлүү куттала өйбүн хараҥардара. Д. Дефо (тылб.)
4. көсп., кэпс. Наһаа иҥсэлэн, ымсыы буол. Стремиться к наживе, быть жадным до денег
Абытай-халахай, Харалаампый Хаһыытыыр халыҥ баайдаргар, Хаастардаах хараххар Хаһаастаах харчыгар Хараҥаран кэлбэтэҕим. Саха нар. ыр. II
Бу үйэбэр үпкэ-аска хараҥарбатахпын бэйэҥ билэҕин. ХКК
Билигин эн үөрэхтэнэн үлэһит киһи буолан эрэҕин. Ол эрээри, бука диэн, үпкэ-аска үлүһүйүмэ, харчыга хараҥара сылдьаайаҕын. «ХС»
[Убайдара аттарга] Хараҥаран анаараннар, Ханньастан хаала сыстылар. П. Ершов (тылб.)
Хааҥҥа хараҥарбыт (имэҥирбит) көр хаан I. Хааҥҥа хараҥарбыт террористар Европаҕа кытта быгыалаан эрэллэр. Хараҕа хараҥарар — кимиэхэ, туохха эмэ олус баҕарар; ымсыырар, имэҥирэр. Непреодолимо захотеть чего-л., воспылать страстью к кому-л. (букв. глаза потемнели)
«О, аныгы дьон! Кыраныысса таһа дии-дии кыралыын-улаханныын харахтара хараҥаран түһэн»... — Ньукуус оҕонньор наһаалаан эрэбин диэбиттии дьон күлүгэр кирийдэ. Э. Соколов
Фома кини муус маҥан, кыракый илиитин …… умсугуйан туран уһуннук ууруура. Дьахтар, мичээрдии-мичээрдии, …… уол хараҕа хараҥарбытыттан төрүт да долгуйбакка, илиитин төлө тардан ылара. М. Горькай (тылб.)
Хараҕа хараҥарар — куттанан, кыыһыран аанньа арааран көрбөт буол. соотв. в глазах потемнело (напр., от испуга, от злости, от усталости)
Ол эрэйдээхтэр харахтара хараҥаран, бачча сырдыгы үөмтэлиир өйө суох, өкөччү тартаран туран хаалбыттар. Д. Апросимов
Маайа сүрэҕэ эрэ хайдыбат, мэйиитэ эргийтэлээн ылар, кулгааҕа чуҥкунуур, хараҕа хараҥарар. Н. Якутскай
Ол кэмҥэ Петяны олус күүскэ ойоҕоско анньан баран, ыга баттаан кэбистилэр да, хараҕа хараҥаран хаалла уонна кини өйүн сүтэрэн кэбистэ. Л. Толстой (тылб.)

Якутский → Русский

хараҥар=

темнеть, мрачнеть; меркнуть; халлаан хараҥаран эрэр нёбо темнеет; аламай күнүм хараҥарда поэт, ласковое моё солнце помрачилось.


Еще переводы:

стемнеть

стемнеть (Русский → Якутский)

сов. безл. хараҥар; уже стемнело хайыы-үйэ хараҥарда.

хараҥарт=

хараҥарт= (Якутский → Русский)

побуд. от хараҥар = затемнять; хоһу хараҥарт = затемнить комнату.

потемнеть

потемнеть (Русский → Якутский)

сов. хараҥар, хараар, боруор; # у меня в глазах потемнело хараҕым хараҥарда.

темнеет

темнеет (Русский → Якутский)

гл
хараҥарар

меркнуть

меркнуть (Русский → Якутский)

несов. 1. (тускнеть) өлбөөдүй, хараҥар; 2. перен. (слабеть, бледнеть) самый, мөлтеө.

затемнение

затемнение (Русский → Якутский)

с. 1. (по гл. затемнить) хараҥар-дыы; 2. (по гл. затемниться) хараҥарыы; 3. (приспособление для светомаскировки) хара-ҥардааччы, уот сабыыта.

мрачнеть

мрачнеть (Русский → Якутский)

несов. 1. хараҥар, ыаһыр; 2. (становиться угрюмым) дьэбин уос, харааһын хараастыбыт дьүһүннэн.

хараҥарыы

хараҥарыы (Якутский → Русский)

и. д. от хараҥар =; хараҥа-рыыта айанныахпыт когда стемнеет, мы тронемся в путь.

хараҥа

хараҥа (Якутский → Английский)

a. dark (of color); хараҥа саарыл a. purple, violet; хараҥар= v. to become dark, darken

болоорхойдуҥу

болоорхойдуҥу (Якутский → Якутский)

даҕ. Хараҥаран көстөр, сиэрэйдиҥи. Темноватый, сероватый. Болоорхойдуҥу өҥ. Болоорхойдуҥу уу. Болоорхойдуҥу муус.