препятствие, помеха; миэхэ харгыс буолума не препятствуй мне, не мешай мне; харгыһы туорат = устранить помеху.
Якутский → Русский
харгыс
Якутский → Якутский
харгыс
аат.
1. Сатыы киһи эбэтэр тырааныспар барарыгар мэһэйдиир туох эмэ иҥнигэс, мэһэй. ☉ Препятствие, мешающее кому-чему-л. пройти, проехать
Аллара үс-түөрт сүүс миэтэрэ холобурдааҕынан улахан буруулаах харгыс туорайдыы түһэн сытара. Н. Заболоцкай
Хоруу иннигэр миинэлээх хонуулар, боробулуоха харгыстар бааллара. П. Егоров
2. Туох эмэ буолуутун, сайдыытын бытаардар, мөлтөтөр мэһэй. ☉ Помеха, препона, которая задерживает какие-л. действия, развитие чего-л., стоит на пути осуществления чего-л.
Бастаан өйдөтөн, көрдөһөн, сүбэлээн көрүллэр. Ол кыаллыбатаҕына, силиэстийэҕэ харгыс тахсар буоллаҕына, сокуон олохтообут миэрэтигэр тиийэр наада. М. Попов
Үлэҕэ тахсар харгыстары туоратар инниттэн страховой саппаас тэриллэр. ЭБТ
Таба иитиитин барыстаах оҥорууга биир улахан харгыһы транспортнай схема олус ыарахана үөскэтэр. «Чолбон»
ср. п.-монг. харси ‘препятствие, преткновение’
Еще переводы: