охрана, защита; доруобуйа харыстабыла здравоохранение.
Якутский → Русский
харыстабыл
Якутский → Якутский
харыстабыл
аат.
1. Ким эмэ туһугар кыһаллыы, кими эмэ көрөн-истэн харыстааһын, араҥаччылааһын. ☉ Забота о ком-л.
Кини өстөөҕүн кытта хаһан да эйэлэспэт, киниэхэ туох да харыстабылы билбэт. Суорун Омоллоон
Харыстабыл, итэҕэйсии, убаастабыл дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ сиэрдээх буоллаҕына, сиргэ олох чэлгийиэ. А-ИНА ДьБО
2. Туох эмэ (хол., айылҕа, доруобуйа) чөл туругун илдьэ сылдьыытын, эмсэҕэлээбэтин туһугар туруулаһыы, көмүскэл буолуу. ☉ Бережное отношение к чему-л., охрана, защита чего-л. (напр., природы, здоровья)
Павел Николаевич Шастин, эмиэ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ, эһэлээх аҕатын үтүө үгэстэрин кэспэтэҕэ. И. Федосеев
3. Ким эмэ интэриэһин, быраабын күөмчүлээһинтэн көмүскээһин. ☉ Охрана, защита чьих-л. интересов, прав
Яковлев үлэһит-хамначчыт интэриэһин харыстабылыгар туох баар күүһүн-саталын биэрэргэ туруммута. Эрилик Эристиин
Үлэ харыстабылын дьаһаллара биһиэхэ быстах кэмнэргэ эрэ буолбакка, мэлдьи ыытыллаллар. СГПТ
Уопсастыба киһи бырааптарын уонна интэриэстэрин харыстабылыгар турар. Л. Брежнев (тылб.)
Еще переводы: