Якутские буквы:

Якутский → Русский

ходуу

ходуу ходуйар он косит сено по льду.

Якутский → Якутский

ходуу

аат. Күһүн муус турбутун кэннэ уу отун охсуу, оттооһун; муус үрдүнэн оттоммут от, уу ото. Косьба травы на корню по льду поздней осенью; скошенная по льду поздней осенью трава
Биир ынахпытыгар кыайан оттообокко, ходуу ходуйа сырыттыбыт. М. Попов
Ходуу — муус ото. Былыр ходууну күөх оту кытта булкуйан сүөһүлэригэр сиэтэллэр эбит. СНЕ ӨОДь
Урут ходуу кэмигэр ууга түспүт, атаҕар ууну баспыт да үгүс буолааччы. ПАЕ ЭАБ
ср. монг. хаду ‘косить’


Еще переводы:

чогдоот

чогдоот (Якутский → Якутский)

көр дьогдьоот I
Уһун чогдоот күһүн буолуох буоллаҕына, куобах эрдэ маҥхайар. ФГЕ СТС
Күһүнэ табыгастаах, чогдоот буоллаҕына муус үрдүнэн ходуу ходуйаллар. С. Маисов

сэбиргэхтэт

сэбиргэхтэт (Якутский → Якутский)

туохт. Тыҥаҕын тымнытан ыарый, хам туттар, ойоҕостот. Болеть пневмонией, воспалением лёгких
Аҕабыт күһүн ходуу ходуйа сылдьан сэбиргэхтэтэн баран өрүттүбэтэҕэ. Н. Босиков
Ийэм быйыл саас тымныйан сэбиргэхтэппит. Г. Колесов
Биэлсэр эрдэттэн сэрэйбитин курдук, эмтэнэн баран, хаттаан тымныйбыт, сэбиргэхтэппит. «ХС»

ходууһут

ходууһут (Якутский → Якутский)

аат. Уу отун, хомуһу муус үрдүнэн оттуур киһи. Тот, кто косит, собирает сено по льду поздней осенью
Утаакы буолбатаҕа, ходууһуттар үлэлэригэр туруммуттара. Хойуу тумарык быыһынан кырбаммыт ходуу бырысыапка кутуллубутунан барбыта. «Кыым»

ходуй

ходуй (Якутский → Якутский)

туохт. Уу отун, хомуһу муус үрдүнэн хотуурунан оҕус. Косить сено по льду поздней осенью
[Ийэ:] Сайын ыамым ыккардыгар от мунньубутум, күһүн ходуу ходуйбутум. Муустаах ууну кэһэн, атаҕым дьарҕата көбөн сыта сырыттым. И. Гоголев
Күһүн хомус баайыахпыт. Муус тоҥорун кытта ходуйан ылыахпыт. И. Федосеев
Кэнники кэмнэргэ сайын оту элбэхтик оттоон, ходуйары умнан эрэбин. ПАЕ ЭАБ

ходууллаа

ходууллаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ситэ сиэбэккэ, элбэхтик тобохтоо, ходуул таһаар. Есть, оставляя много объедков, оставлять труху (о скоте)
Ходууну ынах сүөһүгэ аҥаардастыы биэрдэххэ ходууллуур, ол аата ситэ сиэбэт, элбэхтик тобохтуур. ПАЕ ЭАБ
Ыһан-тоҕон, ходууллаан аһыыр сүөһү, төһө да тото аһаатар уойбат, көммөт, мөлтөх туруктаах сыл тахсар. АЭ ӨӨКХ
[Бааллан турар кэмигэр аты] кураанах отунан тарда соҕус, ходууллаабат гына аһатыллар. АНП ССХТ

элбэхтик

элбэхтик (Якутский → Якутский)

сыһ. Биирдэ эмэ буолбакка, үгүстүк. В большом количестве, много, много раз
Нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатын быһыытынан быыбардааччыларын кытта элбэхтик көрсүһэр, үгүс сорудахтарын толорор. «ЭК»
АЯМ тыһыынчанан килэмиэтирдээх суолугар кураанах массыыналар айаннаан иһэллэрин элбэхтик көрөҕүн. Хорсуттар с. Ходууну ынах сүөһүгэ аҥаардастыы биэрдэххэ ходууллуур, ол аата ситэ сиэбэт, элбэхтик тобохтуур. ПАЕ ЭАБ

ходуй=

ходуй= (Якутский → Русский)

косить (осенью по льду, напр. на болотцах); ходуута ходуй = косить по льду.

үгүс

үгүс (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Ахсаанынан аҕыйаҕа суох, элбэх («аҕыйах» диэҥҥэ утары суолталаах быһаарыыта суох аат). Многочисленный, имеющийся в большом количестве (неопределённое в количественном отношении имя, имеющее противоположное значение слову «мало»)
    Күкүр Уус обургу …… бүппэт үгүс олоҥхону билэр. Суорун Омоллоон
    Ити бастакы көрсүһүүбэр үгүс кэпсэтии тахсыбатаҕа. ҮҮүДь
    Урут ходуу кэмигэр ууга түспүт, атаҕар ууну баспыт да үгүс буолааччы. ПАЕ ЭАБ
  2. аат суолт. Ахсаанынан аҕыйаҕа суох, элбэх ахсааннааҕа. Значительное количество, множество
    Киһи үгүһү күүтэр киһититтэн көрдөбүлэ да үрдүк буолааччы. «ХС»
    Быркылаахха быр бааччы сааһаабыппыт. Өйгө-санааҕа иҥэн хаалар түгэннэр үгүстэрэ. С. Маисов
    Кини нуучча судаарыстыбата күүһүрэригэр үгүһү оҥорбут, муударай салайааччы этэ. ЛВИ БУӨ
    Аҕыйахтан аҕыйах ордуо (охтуо, өлүө) үгүстэн үгүс (элбэхтэн элбэх) өлүө (охтуо) көр аҕыйах
    Күүстээх Куонаан балаҕан тулааһын баҕанатын туура охсон ылбыт да: «Дьэ, кэлиҥ бэттэх, үгүстэн үгүс охтуоҕа, аҕыйахтан аҕыйах охтуоҕа», — диэн буолбут. «ХС»
    Үгүс өттө — ким-туох эмэ элбэх өттө, баһыйар аҥаара. Большая часть кого-чего-л., большинство
    Силиэдэбэтэллэр доппуруостарын үгүс өттө эмиэ ити боппуруостары тула барбыта. Далан
    ср. др.-тюрк. үкүш ‘много’, өгүз ‘обилие, множество’