Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хойуос

аат., эргэр., түөлбэ. Буору хаһар, быта силиһин түөрэр тоһоҕо курдук мас. Заострённый кол для разрыхления земли, добывания корней черноголовника, кол-копоруля
Урут манна киһи сиир үүнээйититтэн арай ымыйах диэн бэрт иинэҕэс ас үүнэрэ, ону саха дьоно күһүн хойуоһунан хаһан ылан, кыһын үөрэҕэ кутан сииллэрэ. Н. Заболоцкай
Сардааны түөрэр анал хойуос диэн маһы аҥаар уһугун кус бөтүөнүн курдук холбоччу, конустуу, киһи тутар диэки уһугун мүлүрүччү кыһаллар. «Кыым»


Еще переводы:

кувыркаться

кувыркаться (Русский → Якутский)

несов. разг. хойуоһун, төбөҕүнэн хойуоһун.

хойуоһуннар=

хойуоһуннар= (Якутский → Русский)

побуд. от хойуоһун=.

хойуостаммахтаа

хойуостаммахтаа (Якутский → Якутский)

хойуостан диэнтэн тиэт
көрүҥ. Быаҕа иҥнибит уолан киһи, төбөтүн оройунан хойуостаммахтаан иһэн, оҕутта. А. Сыромятникова

хойуостаныы

хойуостаныы (Якутский → Якутский)

хойуостан диэнтэн хай
аата. [Ыт] үтүөрэн, үс атаҕынан хойуостаныы бөҕө үһү. Н. Заболоцкай

перекувырнуться

перекувырнуться (Русский → Якутский)

сов. разг. төбөҕүнэн хойуостан, түҥнэһин.

хойуоһуннар

хойуоһуннар (Якутский → Якутский)

хойуоһун диэнтэн дьаһ
туһ. Туох баар күүһүн мунньунан утарылаһааччытын буутуттан кууһан төбөтүн оройунан хойуоһуннара тиэрэ уурбута. «ХС»
Хобороос …… ыраахтааҕы мэтириэтин туура тардан ылла да, таһырдьа хойуоһуннаран таһаарда. «ХС»

хойуоһун

хойуоһун (Якутский → Якутский)

көр хойуостан
Тыы, үрдүк халлааҥҥа өрө көтөн эрэрдии, чолойбутунан өрө ыстанан иһэн аллараа супту түһэн эрэрдии, таҥнары хойуостар. Эрилик Эристиин. Онно бөҕөс киһи тустар, Сорох куобахтаан быыраттар. Көрөҕүөт, ол холоруктуу, Сыгынньах таастан куугунуу Умса-төннө хойуоһунна, Күрүлгэн күүгэн алынна. И. Федосеев
Саа эстэр тыаһа хатан дьыбарга «та-ас!» гынна да таптарбыт тииҥ умса хойуоһунна. В. Миронов

кулаачыктан

кулаачыктан (Якутский → Якутский)

туохт. Биир сиргэ эргичийэ, төбөҥ оройунан хойуоста түс. Кувыркаться; метаться на месте
Арай биир куобах туһахха иҥнэн баран кулаачыктанан эрэр эбит. Т. Сметанин
Тыһы бөрө төбөтүнэн хаарга кулаачыктана түстэ. АХС

хобуох

хобуох (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Хоппойон көстөр, хоппоҕор. Выпуклый, выступающий, выпирающий
[Уот Уһутаакы:] Дьэ, хотуой, Дьэс иэдэс, Дьэбин сирэй, Хобуох эмэһэ, Хойуос тумус — Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэнхааҥҥыттан иэстиэм буолуо. П. Ойуунускай

хойуоһун=

хойуоһун= (Якутский → Русский)

1) поворачиваться при помощи рычага (о тяжёлом и длинном предмете); 2) см. хойуостан=.