Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холкутаа

туохт.
1. Ыга ылбат, туппат гына холку, босхо буол. Стать свободнее, ослабнуть, разболтаться
Ханна эрэ холкутаабыт суха мастарын ытаһалаан чапчыйаллар. Эрилик Эристиин
Били илиитин баайбыттара холкутаан, илиитэ хамсыыр буолла. Н. Түгүнүүрэп
Бу буолта эбэтэр биинтэ эрэдэһиннээх биһилэх хотууру бигэтик тутар. Холкутаатаҕына, эбии эрийэҕин. ПАЕ ЭАБ
2. көсп. Долгуйбутун, ыксаабытын ааһан, уоскуйбут курдук буол. Успокаиваться, расслабляться
Маратик, дьэ холкутаабыттыы, атаҕын тыылыы тэптэ. А. Сыромятникова
Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. ИСА
Биһиги көрдөхпүтүнэ, генерал хамандыырбытын кырбыах курдук, онтон сыыйа холкутаата. ПИМ ДьТ
Арыыйда буолан кэҥээ, сэргэхсий (хол., ыалдьарыҥ намыраан). Облегчённо вздохнуть, отойти (напр., после приступа болезни). Сүрэҕэ эмискэ хам тутан баран, дьэ ыытан, холкутаата

Якутский → Русский

холкутаа=

1) становиться свободнее, просторнее; бэргэһэҥ холкутаабыт твоя шапка стала свободной; 2) становиться легче; легчать; ыалдьааччы холкутаабыт больному стало легче, больному полегчало.


Еще переводы:

холкутат=

холкутат= (Якутский → Русский)

побуд. от холкутаа =; кургун холкутат отпусти пояс.

развинтиться

развинтиться (Русский → Якутский)

сов. 1. өһүлүн, холкутаа; 2. перен. разг. (о человеке) айманан хаал.

харбыытаа

харбыытаа (Якутский → Якутский)

туохт. Холкутаа, босхо бар (туттарылла, баайылла сылдьар таҥас, эрэһииҥкэ туһунан). Стать более свободным, менее натянутым (об одежде, ремне)
Холкутаан хаалбыт сиидэлэри ыга тартарыллыахтаах, оттон харбыытаабыт эрэһииҥкэ кылгатан тигиллиэхтээх. СОТ

разрядиться

разрядиться (Русский → Якутский)

II сов. 1. (освободиться от заряда) иитиитэ суох буол, эһин; 2. физ. эһин; конденсатор разрядился конденсатор эстибит; 3. перен. (ослабнуть) холкутаа.

саахынаа

саахынаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Туттарыыларыҥ холкутаан, босхо бараннар, үрэллиэх, алдьаныах курдук буол. Расшатываться в узлах, местах крепления, начинать разваливаться
Туох алдьаммытын, туох саахынаабытын оҥороллор. ПНТ СС

босхотуй

босхотуй (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Босхо кэриэтэ буол (туох эмэ туттарыыҥ, кэлгиэҥ холкутаан, чэпчээн, иллэҥсийэн уо. д. а.). Становиться более свободным (напр., оторвавшись от закрепления, освободившись от нагрузки или набрав темп в движении и т. д.). Көмөлөһөөччү кэллэр, арыый босхотуйуом этэ

холкутат

холкутат (Якутский → Якутский)

холкутаа диэнтэн дьаһ
туһ. Аркадий хаалтыһын холкутатта. Н. Лугинов
Болдьохтоох сиргэ туораан, аттарбытын баайталаабыппыт, холуннарын холкутатан биэрбиппит. Сэмээр Баһылай
«Хат суруйуҥ ээ, мин өссө биирдэ кэпсиим», — диэн киһибит биһигини холкутатар. «ХС»

сэрэҥкэдий

сэрэҥкэдий (Якутский → Якутский)

көр сэрэхэдий
[Ойуун] сирэйэ-хараҕа уларыйбыт, сэрэҥкэдийбит киһи быһыытынан дьиэ иһин эриличчи көрүтэлээн баран, холкутаабыт курдук туттар. Р. Кулаковскай
Тунал маҥан көстүүгэ көмнөхтөрүн түһэрэн хараара барыйбыт мастартан сэргэх булчут сэрэҥкэдийэр идэлээх. Н. Борисов
Киһи балаакка тардынан утуйара, оттон ыт иччитин сылбай уутун араҥаччылаан кыра да тыастан сэрэҥкэдийэн үрэн моргуйара. П. Степанов

холборуй

холборуй (Якутский → Якутский)

туохт. Быаҥ-туһаҕыҥ холкутаан, босхо баран, хамсаа, халбарыйан, сулбуруйан түс (хол., ыҥыыры этэргэ). Сходить с места, съезжать, сползать (напр., о седле)
Сыыры түһэн истэҕинэ, ыҥыыра холборуйан, иҥнэри барда, ат онтон эбии тэбиэһирдэ. Д. Таас
Тохтоппутугар, ат хомуута арыый аҕай уһулла сыста, сэдиэлкэтэ холборуйан, моонньугар тиэриллэ түстэ. И. Никифоров
Тохтоо! Холумнарыҥ босхо барбыттар. Сыыр түһүүтүгэр ыҥыырыҥ холборуйуоҕа. «Чолбон»

холбураа

холбураа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Холкутаа, босхо бар (баайыллыбыт быа-туһах туһунан). Становиться свободнее, ослабевать (напр., о натянутой верёвке)
Тэһиинэ, көнтөһө окко-маска иилиллибэт гына ыҥыыр хоҥсуоччутугар баайыллыбыттар, холума-дьиримэ холбураабатах этилэр. Күннүк Уурастыырап
[Ефрейтор:] Оо, ыырым-дьаарым барыта тахсыбыт. Сирэйим оҥойо уолбут. [Рольф саллаат:] Ол да иһин ыстааныҥ холбураабыт эбит дии? В. Протодьяконов
2. көсп. Ыран дьүдьэйэ быһыытый, иин-хат. Сильно худеть, терять в весе
Лэгиэнтэй кырдьыбыт, …… улаханнык холбураабыт да быһыылааҕа, таҥаһа тоһоҕоҕо кэтэрдиллибит курдук иилиллэр буолбут. Н. Якутскай
Тыа алаастарыгар, мас хаххалаах сиргэ кыстыыр сылгылар холбураабаттар, тыалга титирээбэттэр. С. Дадаскинов