Якутские буквы:

Якутский → Русский

хомолто

обида; разочарование; мин хомолтом улахан у меня большая обида.

Якутский → Якутский

хомолто

аат. Туохтан эмэ курутуйуу, санаа түһүүтэ. ☉ Огорчение, обида, печаль
Санааттан санаа салҕанан, хомолтом хойдон истэ. Амма Аччыгыйа
Кини аҕабыыт тутуллубутун уонна өссө тыыннаах хаалара биллибэтин туһунан бэйэтин ыар хомолтотун ийэбиккэ кэпсээн туран, кыһыллары туох өйө-тыла тиийэринэн үөҕүөх, кырыах санаалаах этэ. Эрилик Эристиин
Кини [Кеша] аҕыйах сыллааҕыта ыараханнык ыалдьан, мин сүрэхпин умнуллубат дириҥ хомолтонон хаарыйан, биһиги кэккэбититтэн туораахтаабыта. «К»

үөрүү-хомолто

аат. Киһи өрө көтөҕүллүүттэн санаата түһүөр диэри иэйиитэ барыта. ☉ Вся гамма чувств, охватывающая человека: и радость, и горе
Ырыаһыт үөрүүнү-хомолтону сүрэҕинэн таайар аһаҕас эттээх, үлүгэрииэдээни эрдэттэн сэрэйэр көрбүөччү харахтаах буолар диэн кырдьыгы этэллэр эбит. Е. Неймохов
Эдэр эрдэххиттэн үөрүүгүн-хомолтоҕун бииргэ үллэстибит аар маҥан хатыҥҥар кэлбитиҥ. И. Егоров
Үөрүү-хомолто киһини кытта тэҥҥэ хаамсар. С. Федотов


Еще переводы:

огорчение

огорчение (Русский → Якутский)

с. хомойуу, хомолто; причинить огорчение хомот.

курутуйуу

курутуйуу (Якутский → Якутский)

курутуй диэнтэн хай
аата. Ол курдук норуот дириҥ аһыыга, хомолтоҕо, курутуйууга түспүтэ. А. Пушкин (тылб.)

горесть

горесть (Русский → Якутский)

ж. 1. (горе) кутурҕан, хомолто; 2. горести мн. (несчастья) эрэй-муҥ, кыһалҕа; пережить много горестей элбэх эрэйи-муҥу көрсөн аас.

горечь

горечь (Русский → Якутский)

ж. 1. (горький вкус) аһыы, кураххай (амтан); у меня горечь во рту айахпар апыы биллэр; 2. (тяжёлое чувство) аба, хомолто, кутурҕан; горечь одиночества соҕотохсуйуу абата.

куйбаҥ

куйбаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ. Төттөрү-таары хамныыр, биэрэҥниир, имиллэҥниир. ☉ Извивающийся, виляющий, вертлявый
Кураанах хоспоҕун көрүөлүүр, Кулуту хомолто көмүллүүр... Куйбаҥ кыыс — тыал күтүр көрүлүүр, Ходуул от үрдүгэр үҥкүүлүүр. Эллэй

күөдьүтүн

күөдьүтүн (Якутский → Якутский)

күөдьүт 2 диэнтэн бэй
туһ. Князь Андрей Халтаҥ Хайаҕа тугу да гынара суох эрээри, хомолтотун күөдьүтүнэн биэрэргэ дьулуһар үгэһинэн, онно сылдьан ааһыахтаах буола түстэ. Л. Толстой (тылб.)

жалость

жалость (Русский → Якутский)

ж. аһыныы (сострадание); хомолто (сожаление); сделать что-л. из жалости к кому-л. кими эмэ аһынан оҥор; вызывать жалость аһыннар; смотреть с жалостью хомолтолоохтук көр; # какая жалость! тугун хо-молтотой!

куруһун

куруһун (Якутский → Якутский)

аат. Туох эмэ атаҕастабылтан, туох эмэ табыллыбатаҕыттан абарыы, кыһыйыы; хомолто, кутурҕан. ☉ Горечь, досада (от обиды, неудачи); скорбь
Дьэ, бу маҥай аллаах, айаҕын абатын, куолайын куруһунун көрөллөр, көрбөттөр оҕолор! Ньургун Боотур

куруутун

куруутун (Якутский → Якутский)

көр куруук II
Саныы сытабын куруутун Олоруом диэн бултуу-алтыы, Сир олоҕун хомолтотун, Үөрүүтүн тэҥҥэ таптыы. С. Данилов
Мин санньыйдыам? Санааҕар эрэ ини — Мин куруутун, Эйигин көрдөрбүн эрэ, үөрэбин. И. Чаҕылҕан

санаарҕабыл

санаарҕабыл (Якутский → Якутский)

аат. Туохтан эмэ санаарҕааһын, санааҕа ылларыы. ☉ Печаль, грусть
Сирэйэ куп-кубаҕай. Хараҕар түгэҕэ суох дириҥ санаарҕабыл көстөр. И. Гоголев
Санаарҕабыл — олохтон сылайыы, хомолто аргыһа. Оттон Светик уруккутун курдук наар күлэкүлэ сылдьыахтаах. Н. Лугинов