даҕ. Иискэ сыһыаннаах, иискэ аналлаах. ☉ Относящийся к шитью, швейный
Субу суруйа олорор уруучукабытыттан иистэнэр иннэбитигэр тиийэ [өстөөҕү кыайар туһугар] өссө кытаанахтык тутуох, өссө чиҥник туттунуох. Амма Аччыгыйа
Тахсан хат сүөкээн баран, төттөрү симээри гыммыта, иистэнэр холбуйата туох иһин батан киирэр аата диэн суох буолта. Н. Заболоцкай
Хойут хороччу улааппытым кэннэ, сэппэрээтэр, иистэнэр массыына өрөмүөнэ мин илиибэр киирбитэ. «ХС»