Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ыанньый

туохт.
1. Үчүгэйдик мэччийэн, үүтүҥ синньигэр толору киир, ыга мунньулун (хол., ынаҕы этэргэ). Нагуливать молоко (о корове), наливаться молоком, набухать от молока (о вымени коровы)
Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы аа-дьуо хааман хотолдьуһаллар. Далан
Кудуххай эмиийдээх ыанньыйбыт ынаҕын ыан курулатан киирэн барда. В. Яковлев
[Ынах] олус ыанньыйдаҕына, синньэ ыарыйдаҕына, син кэлиэҕэ, ханна барар үһүө диэн буолта. Күрүлгэн
2. көсп. Мунньуллан хойуннар хойдон ис, элбэх ууланан ыаһыра дьиппиний (былыты этэргэ). Постепенно сгущаться, наливаться, набухать от воды (о дождевых тучах)
Ардах уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии ыанньыйан, тоҕута түһэн кэлэр. Софр. Данилов
Түүн үөһэ. Арааһа, ардаары, Халлааммыт хараара ыанньыйар. Р. Баҕатаайыскай
Ыанньыйбыт хара былыттар сабардаан, дохсун ардаҕы тоҕо куппутунан барбыттара. «Чолбон»
3. көсп. Таскар таһаарбакка эрэ, искэр өр иитиэхтээн илдьэ сырыт (хол., санааны). Долго обдумывать, размышлять, вынашивать что-л. (напр., мысль). Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө-көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларыҥ төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри… Суорун Омоллоон
Түбэһиэх көрсө түспүт …… дьонугар Ыанньыйбыт санаатын ыатаҕына, Ытаатаҕына-соҥоотоҕуна да, Кинини аһынааччы суоҕа. «ХС». Бу ыанньыйбыппын таһаардым… «ХС»

Якутский → Русский

ыанньый=

нагуливать молоко (о корове, кобыле).


Еще переводы:

ыанньыт=

ыанньыт= (Якутский → Русский)

побуд. от ыанньый =.

ыамахтаа

ыамахтаа (Якутский → Якутский)

ыа I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кудуххай эмиийдээх ыанньыйбыт ынаҕы ыан курулатан киирэн барда. Балачча ыамахтаата. В. Яковлев

бискэлдьий

бискэлдьий (Якутский → Якутский)

бискэй диэнтэн арыт
көстүү. Хотун уойан бискэлдьийэн ахан эрэр. «ХС»
Киэһэ ыамҥыт кэлиитигэр, Биэдэрэнэн үүттэнэн, Бискэлдьийэ ыанньыйан Пиэрмэлэрбэр тиийиэххит. П. Ядрихинскай

хомуйталаа

хомуйталаа (Якутский → Якутский)

хомуй диэнтэн төхт
көрүҥ. [Настаа] илиитигэр кыһыл сибэккилэри хомуйталаабыт, онтун сааһылыыр. Күндэ
Эмээхсин ыанньыйбыт ынахтарын хонуу мэччирэҥиттэн хомуйталаан аҕалла. И. Чаҕылҕан

сөҥүй

сөҥүй (Якутский → Якутский)

сөҥүдүй диэн курдук
Санаата хараастан, сүрэҕэ ньүөлүйэн Биир сири одуулаан, сөҥүйэн олордо. А. Бэрияк
Ыанньыйбыт былыттыы, мэлдьи Ыаһыйан, ыараан, сөҥүйэн сылдьабын. И. Гоголев
«Чэ, Мэхээлэ Мэхээлэйэбис, бу көлдьүн тылын истэн олоруохпут дуо, боротокуолу салгыы аах!» — диэн сөҥүйдэ. ОИП Х

хотолдьус

хотолдьус (Якутский → Якутский)

хотолдьуй диэнтэн холб. туһ. Ыанньыйбыт сириннэрин сиргэ тиийэ намылыппытынан улахан ынахтар хотун дьахталлардыы хааман хотолдьуһаллар. Далан
Обуос хоҥнубута. Кини кэнниттэн ырыа ыллыы-ыллыы кыргыттар барбыттара, дьахталлар дьоһумсуйбуттуу хотолдьуспуттара. Г. Николаева (тылб.)

ыадалдьыс

ыадалдьыс (Якутский → Якутский)

ыадалдьый диэнтэн холб. туһ. Сиидэркэлээх тириппит аттарын ойуур саҕатыгар баайталаан баран, сааларын сүкпүтүнэн ходуһаҕа ыадалдьыһан киирдилэр. И. Гоголев
Улуус маанылара барылара түһүлгэҕэ ыадалдьыһан кэллилэр. «ХС»
Биэс ынаҕа ыанньыйаннар Ыадалдьыһа хаамаллар. Күрүлгэн

ыанньыйыы

ыанньыйыы (Якутский → Якутский)

ыанньый диэнтэн хай
аата. Салгын төһөнөн тымныйар да, соччонон кини ыанньыйыытыгар аҕыйах сиик наада буолар. КВА МГ
Уопуттаах бостууктар ынах күннээҕи ыанньыйыытыгар [мэччирэҥи уларытыыны] быһаарар суолталаах боппуруоһунан ааҕаллар. «Кыым»

эбиилэс

эбиилэс (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Эбилин, эбии, эбиискэ буол. Быть в придачу, прибавляться, добавляться к чему-л.
Бырааһа: «Сырыынньа үүтүҥ киириэ, икки оҕо эбиилэспитин билиэҥ, ыанньыйыаҥ», — диэбитэ. Огдо
Хайыай, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн, арыгы обургу эбиилэспитин кэннэ, утуйумуна. «ХС»

ыадаҥнас

ыадаҥнас (Якутский → Якутский)

I
ыадаҥнаа диэнтэн холб. туһ. Сир үчүгэйин апчарыйан ылаары, эмиэ сис баайдар ырҕаҥнастылар, ыадаҥнастылар. И. Гоголев
Аарыма тайахтар аа-дьуо ыадаҥнаһаллар. И. Данилов
Ынахтарым ыанньыйыы бөҕөнү ыанньыйан баран, ыадаҥнаһан иһэр буолаллар. И. Находкин
II
даҕ.
1. Уойбут-топпут көрүҥнээх, улахан истээх (үксүгэр киһини этэргэ). Упитанный, с большим животом (обычно о человеке)
[Тээллэриис:] Эһигини кытта баҕас кэпсэтиллиэ, уойан-тотон ыадаҥнас буолбуккут. И. Гоголев
2. Олус улахан көстүүлээх (тугу эмэ этэргэ). Большой, объёмный (о чём-л.)
Ыадаҥнас ындыылааннар, Тэйгэҥнэс тэриллээннэр Ойох ылар оҕолорун, Олох суолун буллардылар. И. Чаҕылҕан