сущ. и прил. больной; ыарыһах үтүөрдэ больной выздоровел; ыарыһах көрүҥнээх у него больной вид; ыарыһах таҥараһыт уст. погов. хворый богомолен.
Якутский → Русский
ыарыһах
Якутский → Якутский
ыарыһах
- даҕ. Ыарыыга ылларбыт, ыалдьар (киһи). ☉ Больной, болезненный (человек)
Арай ыарыһах эмээхсин утуйбакка ынчыктыы-ынчыктыы муҥу-таҥы көрө сыппыта. Күндэ
Ыарыһах оҕо уһуктан Ытаата сэниэтэ суохтук. П. Тобуруокап
[Чокуурап:] Таһыттан көрөн киһи ыарыһах диэ суох киһитэ. С. Ефремов - аат суолт. Ыалдьар киһи. ☉ Больной человек
Үһүс балаатаҕа биир мөлтөх туруктаах ыарыһах эбилиннэ. Н. Лугинов
[Маайыс:] Тыый, Сарапыана, маннык үчүгэй көрүҥнээх буолан баран, эмиэ ыарыһаххын дуу? С. Ефремов
Быраас халаатын кэттэ, ыарыһахха тиийдэ. М. Доҕордуурап
♦ Оҕо төрүү ыараһах көр оҕо. Кини оҕо төрүү ыарыһах этэ
◊ Ньиэрбэ ыарыһах көр ньиэрбэ
Оннук сүрэҕэ өрүү быллыгырыы сылдьар киһи ньиэрбэ ыарыһах буолар. П. Аввакумов
Лариса ол күнтэн ыла, сүүрбэттэн тахса сылы быһа, ньиэрбэ ыарыһах аатыран сылдьар. Т. Находкина. Сүрэх ыарыһах — сүрэҕэ ыалдьар, сүрэҕэр ыарыылаах киһи. ☉ Страдающий болезнью сердца, сердечник
Өссө сүрэх ыарыһах, Үлэтиттэн арыт кэлэн Сытан хаалар оронугар. И. Гоголев
Кини Петербурга Бестужевскай кууруска үөрэнэ сылдьан ынырык сойуолааһыны тулуйбакка сүрэх ыарыһах буолбута. П. Филиппов
Төбө ыарыһах көр төбө. Төбө ыарыһахтары хаанныыр. И. Гоголев
Еще переводы: