даҕ. Эдэр сааһын үгэнигэр сылдьар, тугунан да мөлтүү-ахсыы илик. ☉ Находящийся в самом расцвете сил, молодой, удалой, молодцеватый
Охоноон уон сэттэтигэр диэри олоҕун «дьоллоох оҕо сааһым» кэмэ диэҕин, оччотооҕу эрэлин, кэскилин, тапталын, эдэр-чэгиэн бэйэтин бүүсбүтүннүүтүн сэрии түҥнэри эргиппитэ. Н. Лугинов
«Кырдьыбат да эбиккин!» — диэн Кырдьыкпынан сөхпүтүм, Устан ааспыт эдэр-чэгиэн Уруккуну сөхсүппүтүм. Күннүк Уурастыырап. Сайаҕас үтүө санаалаах Сайдан тахсар саргылаах Эгил-тэгил улааппыт Эдэр-чэгиэн ыччаппыт Кэрэ үөрэҕи билээри Кинигэ тылын кичэйбит. С. Васильев
Якутский → Якутский
эдэр-чэгиэн
Еще переводы: