аат. Ыар олоххо эрэйдэнии, араас кыһалҕаны көрсүү. ☉ Мучения, жизненные невзгоды, несчастье, горе, беда
Саха хаһан олорбутай Чэпчэки олоҕу? Эҥээринэн тэлбитэ Эрэйимуҥу. М. Ефимов
Ытык кырдьаҕас дэнэр сааһыгар тиийиэр диэри төһөлөөх эрэ элбэх эрэйи-муҥу, кыһалҕаны, ол да курдук олоҕун умнуллубат кэрэ кэмнэрин көрсүбүтэ буолуой. С. Маисов
Унньуктаах уһун айаҥҥа эрэйи-муҥу эҥээрдэнэн төннүбүккүн, доҕоргун былаҕайга былдьаппыккын санатан, эрэннэрбит баайын төлөттөрөн, уон ыанар ынахтанан, сылгы үөрдэнэн бу дайдыны буллаххына, олоххо аналыҥ ол буолуо этэ. Н. Борисов
Якутский → Якутский
эрэй-муҥ
Еще переводы: