надёжный; эрэллээх доҕор надёжный друг.
Якутский → Русский
эрэллээх
Якутский → Якутский
эрэллээх
даҕ.
1. Итэҕэллээх, эрэбиллээх, эрэбил. ☉ Надёжный, верный
Тыалга, хаарга, бусхаакка, Ыраах айанныыр булчукка Ыт буолар — Эрэллээх доҕор. Софр. Данилов
[Поэзия] Мин эрэллээх доҕорум, Арахсыбат аргыһым, Үрдүк чиэһим, Бастыҥ дьолум, Дьэбиннирбэт кылыһым. И. Гоголев
Өлөксөйү, эйигин анаан ыҥырбыттар, Үчүгэй эрэллээх аргыстан диэбиттэр. С. Васильев
2. Киһини ыҥырар-угуйар үтүө кэскил. ☉ Светлое, манящее будущее
Ыраах кытыастар кыым курдук ыҥырар эрэллээх буолан, Ыҥырар уоту итэҕэйэр буолан Киһи барахсан кэхтибэт. С. Данилов
Сүрэҕэ өллө да — поэт өлөр, Инники эрэллээх буолуохха, Эрэлэ суох олоруохха — ынырык! С. Руфов
♦ Истиэнэ курдук (тэҥэ) эрэллээх көр истиэнэ
Ханныктарын да иһин — түһэн биэрбэт, истиэнэ курдук эрэллээх дьон. «ХС». Эрэллээх эркин — саарбаҕа суох эрэмньи. ☉ Надёжная верная защита
Миша киһи буоларыгар халыҥ хахха, эрэллээх эркин кини эрэ буолар. Т. Находкина
Еще переводы: