имеющий предложение; маннык этиилээхпин у меня есть такое предложение.
Якутский → Русский
этиилээх
Еще переводы:
собомсох (Якутский → Якутский)
даҕ. Собону сөбүлээн сиир. ☉ Любитель карасей. Аҕам олус собомсох
□ Собо — төрөөбүт аспыт
Ол иһин, холобура, собомсох диэн этиилээхпит. Багдарыын Сүлбэ
убедительный (Русский → Якутский)
прил. 1. (доказательный) итэҕэтиилээх, киһи итэҕэйэр, астык; убедительный пример киһи итэҕэйэр холобура; 2. (на- стоятельный) итэ^этиилээх, улахан; убедительная просьба итэҕэтиилээх көрдөһүү.
балыгымсах (Якутский → Якутский)
аат., кэпс. Балыгы таптаан сиэччи. ☉ Любитель поесть рыбы
Собо – төрөөбүт аспыт. Ол иһин, холобура, собомсох диэн этиилээхпит. Ол курдук этимсэх, эбэтэр балыгымсах диэхпитин сөп. Багдарыын Сүлбэ
этимсэх (Якутский → Якутский)
даҕ. Эти, эт аһылыгы сөбүлээн сиир, эт аһылыктаах. ☉ Любящий мясо, мясные блюда, мясоед
Холобур, собомсох диэн этиилээхпит. Ол курдук этимсэх эбэтэр балыгымсах диэхпитин сөп. Багдарыын Сүлбэ
Сорохтор эт аһылыгы кутталлаах искэннэр үөскүүр төрүт биричиинэлэринэн ааҕаллар. Өскөтүн оннук эбитэ буоллар, этимсэх дьон үгүстэрэ бу ыарыыттан өлбүт буолуох этилэр. АДУ ӨМУу
Хаххан, мэкчиргэ эмиэ этимсэхтэр. «Чолбон»
иччилээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Көстүбэт тыыннаах (абааһылаах диир кэриэтэ). ☉ Имеющий духа-хозяина
Хас сир-уот, хас үрэх, улуу тумуһахтар, таас дьааҥылар, аартыктар - бары иччилээхтэр. Саха фольк. Ааттаах иччилээх балаҕан. Амма Аччыгыйа
Үрэх баһын киһитигэр Уулаах Уйбааҥҥа бары барыта иччилээх, алаас барыта абааһылаах курдук. Эрилик Эристиин
Ааһар дьон бу тиити улахан иччилээх диэн тумналлар. Н. Павлов
2. Дьикти, кистэлэҥ күүстээх. ☉ Обладающий удивительной, таинственной силой
Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов
Ол курдук үс түүн субуруччу олус иччилээх түүллэри көрөн турабын. Далан
Кириэстэн уонна Глафира иччилээх саҥатыттан дьулайда. Л. Попов
Мин иччилээх түүлү түһээтим! А. Сыромятникова
3. Иһигэр туохтаах эрэ (хол., иһит). ☉ Имеющий содержимое, с содержимым (о сосуде, мешке и т. д.)
Хата дьогдьоот сыл буолан, оҕонньор куобаҕы балачча бултаабыта, күнүн аайы сүгэһэрэ иччилээх киирэрэ. Далан
Биирдэ кинилэр иччилээх арҕаҕы булбуттар. М. Чооруоһап
чэбдик (Якутский → Якутский)
даҕ. Өлүөр, доруобай. ☉ Пышущий здоровьем, здоровый
Валентина Васильевна К., эдэр, чэбдик, кырасыабай дьахтар, балыыһа балаататыгар биирдэ өйдөммүт. Амма Аччыгыйа
Сэттэ уоҥҥун да туолларгын, Сэргэх, чэбдик буолаҥҥын, …… Элбэх сылга истииктэргин Үлүһүйэн ай, уһан. Күннүк Уурастыырап
Катерина Ивановна чэбдик, көрдөөх, омуннаах, элбэх тыллаах алта уончалаах дьахтар этэ. Л. Толстой (тылб.)
△ Тэтэркэй, чэгиэн (көрүҥнээх). ☉ Здоровый, румяный (о внешности)
[Кыыс] оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээн ааһа турда. Амма Аччыгыйа
[Кыргыттар] иккиэн маарыннаһар, сабыс-саҥа, халлаан күөҕэ былааччыйаламмыттар — чэбдиктэр, тэтэркэйдэр, бэһиэлэйдэр. Л. Толстой (тылб.)
△ Сөрүүн, ыраас (салгыны этэргэ). ☉ Прохладный, свежий (о воздухе)
— Ларьяна, чэбдик салгыны сии таарыйа Сэргэлээх даачатын диэки бара сылдьыахха диэн этиилээхпин, хайдаҕый? — Лев кэккэлэһэ олорон баран ыйытта. Р. Баҕатаайыскай
Өлөксөй оҕонньор, таһырдьа чэбдик салгыҥҥа тахсан, …… сүһүөҕэ босхо баран тэмтэриҥнээтэ. П. Аввакумов. Сайаҕас чэбдик салгыннаах Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр. С. Данилов
ср. монг. себдег ‘оледенелый’
уохтаах (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Олус күүстээх, күүрээннээх. ☉ Очень сильный, мощный
Улуу бухатыырдар охсуһаллара уохтаах үһү (тааб.: кыстык, балта). Уохтаах сэрии обургуттан Уйадыйбат уохтанаар, Күүстээх сэрии күтүртэн Көҕүрээбэт күүстэнээр. С. Зверев
Уохтаах тымныы тостон, Уоттаах күммүт ойдо. Күннүк Уурастыырап
2. Уордаах, кырыктаах. ☉ Очень вспыльчивый, горячий, темпераментный
Уохтаах ыт …… баргыйда. Амма Аччыгыйа
Биһиэхэ, сахаларга даҕаны, уохтаах тыллаахтар, чаҕыл этиилээхтэр бааллар. Н. Габышев
Эдэр-сэнэх эрдэҕинэ уохтаах, күөнүгэр киирэн биэрбит киһиэхэ улахан саллыылаах салайааччынан биллэрэ. «ХС»
3. Хатан (хол., утах, табах); үчүгэйдик тоторор, иҥэмтэлээх, тотоойу (ас). ☉ Насыщенный, крепкий (напр., о напитке, табаке); насыщающий, питательный
Кини туох да олус үчүгэй, уохтаах быраасканы көөнньөрөн бэлэмнээбит этэ. Н. Якутскай
Эһэ этин курдук уохтаах, минньигэс, мааны ас чугаһынан баара буолуо дии санаабаппын. И. Гоголев
Сылгы — бу эмис эт, илиинэн кээмэйдэнэр хаһа, уохтаах кымыс. Багдарыын Сүлбэ
Табах уохтаах буолуута киниэхэ төһө никотин баарыттан тутулуктаах. АВГ ТТБТ
4. Өлгөм үүнүүнү биэрэр, өҥ. ☉ Способный давать богатую растительность, обильный на урожай, плодородный
Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө санаалаах киһини дьон сөбүлүүр (өс хоһ.). Кыыс Амма кытыллара нүөл кырсынан, уохтаах буорунан сураҕыраллар. Софр. Данилов
Тэллэй күн көрөн сылытар уохтаах, үчүгэй буордаах сири талан үүнэр. УГС ССКОТ
имэҥнээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Курдаттыы тардар иэйиилээх; омуннаах, умайар иэйиилээх. ☉ Проникнутый сильным чувством, страстный; пылкий
Көр эрэ: баай күндү дьиэтигэр Бардам баал байҕаллыы ньиргийэр, Имэҥнээх муусука эҥээттэр, Фокстрот сааланы эргийэр. Эллэй
Истэҕиэн эдэркээн оҕо-кыыс Имэҥнээх күлүүтүн! А. Абаҕыыныскай
Ити имэҥнээх суругу, таптал суругун Наташа салҕалас буолбут илиитигэр тутан баран ааҕар. Л. Толстой (тылб.)
Эмээхсимминиин, эдэр эрдэхпинэ, биһиги тапталбыт имэҥнээх таптал этэ! М. Шолохов (тылб.)
2. Олус күүстээх, уохтаах (хол., тымныы, тыал уо. д. а.). ☉ Неистовый, неукротимый (о стихийных явлениях, ветре и т. п.)
Имэҥнээх тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ. А. Софронов
Сытыы тыалга кыйдатан [Харыйа] Саргылаах саас имэҥнээх итиитин эккэ-хааҥҥа иҥэринэр эриэккэс үөрүүтүн билбитэ дуо? Г. Угаров
Сылаас күннэр куоттулар, Итии, тымныы охсуһан Имэҥнээх дьыбар хотто. Н. Тарабукин (тылб.)
3. Киһини абылыыр күүстээх, долгутуулаах, уоттаах-төлөннөөх (үксүгэр тыл, этии туһунан). ☉ Обладающий особой силой внушения, способностью чаровать, проникновенный (обычно о речи, песне)
Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбээ, нохоо! А. Софронов
Оннооҕор Уордаах Үөксүкү этэр тыла илбистээх, имэҥнээх. Эрчимэн
Семен Данилов поэзията сахалыытыгар күүстээҕэ, имэҥнээҕэ, эҥсилгэннээҕэ нууччалыы «табыллыытын» сүрүн төрүөтүнэн буолар дии саныыбын мин. «ХС»
4. көсп. Туохха эмэ курдаттыы тартарар иҥсэлээх, оботтоох. ☉ Жаждущий чего-л., жадный до чего-л.
Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыҕан оҕонньор. П. Ойуунускай
Имэҥнээх сытыы кылыстара Ириэнэх сигэ курдук Эриллэн хаалла. С. Васильев
Күөх буруобунан Күнү бүөлээтим, Икки атахтааҕы Имэҥнээх оҥордум. С. Зверев
♦ Имэҥнээх хараҥа - иһийбит, сиэххэ-аһыахха айылаах ынырык хараҥаны ойуулааһын. ☉ О всепоглощающей глубокой тьме, подавляющей, парализующей человека своей абсолютной тишиной и чернотой
Ол ахсын иэһийэр имэҥнээх хараҥа соһуйбут курдук өрүтэ көтүөлээн, дьэргэҥнии түһэрэ, дьэ эбии иэһийэрэ, дьэ ордук барыастара. П. Ойуунускай
Тула Им-дьим тыҥаата, Имэҥнээх хараҥа халыҥаата. В. Лебедев (тылб.)
иҥсэлээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Оботтоох. ☉ Жадный, алчный
Иҥсэлээх бэс кумаара былыттыы саба түһэриттэн да кыһаллыбат. И. Гоголев
Дьахтар ыарахан дьылҕата, иҥсэлээх эрин санаатыгар кулуттуу бас бэриниитэ, Ньургуһун ийэтин - Салбардаах сирэйигэр-мөссүөнүгэр бүтүннүүтүгэр дириҥ кутурҕан суолун хаалларбыттар. АҮ
Иҥсэлээх, бэригимсэх быһыы, тунуйаадыстааһын, холуннарыы, итириктээһин эҥин курдуктары утары сорунуулаах охсуһууну ыытыллыахтаах. Л. Брежнев (тылб.)
2. көсп., поэт. Ымсыырар, баҕарар (үксүн харах туһунан). ☉ Жадный, завистливый (обычно о глазах)
Ымсыырар иҥсэлээх харахтан Ол дойду иччитэ харыстыыр. С. Данилов
[Дьахтар] олус дьулугурдук көхсүн көннөрөн, түөһүн мөтөтөн турбахтаата. Таптыыр, барытын биэрэр иҥсэлээх хараҕынан Женяны күлүбүрэччи көрдө. Н. Габышев
Ийэтин иҥсэлээх хараҕын, Илбискэ силлэппит айаҕын Ньургустай күн оонньуур төбөтө Нуурайан, утары көрбөтө. И. Чаҕылҕан
3. көсп. Киһи куйахата күүрүөх исиһиттэн ньириһийэр; иччилээх (саҥа, тыас туһунан). ☉ Захватывающий дух; чувственный, прочувствованный, пронизывающий до мозга костей (голос, звук)
Иччилээх тыллаах, Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга этитиилээх Эбиккин эбэ, нохоо! А. Софронов
Куйахтаах батаһым Иҥсэлээх тыастарыттан Мэйиим эргийэ илбиһирэ күүркэйэбин. С. Данилов
Дьэспэ [оҕус аата] оннук киэптии, киэбирэ турдаҕына, арай, ол кэмҥэ, аллараа үрэх диэкиттэн бэрт дириҥ, иҥсэлээх мөҥүрээһин сири түгэҕинэн ньириһийэн иһилиннэ. Далан
Ити иҥсэлээх ньиргиэр тойугу икки атахтаах истибэккэ хаалла. Р. Кулаковскай
4. көсп. Хааҥҥа, өлөрөргө баҕалаах (сэрии, кыргыс сэбин туһунан). ☉ Имеющий страсть к убийству, жаждущий крови (эпитет, характеризующий боевое холодное оружие)
Оҕонньор хараҕын кырыытынан киһитин [үрүҥ саллаатын] иҥсэлээх быһаҕын көрөн ылла. Софр. Данилов
Кэнниттэн бандьыыттар иҥсэлээх буулдьалара икки өттүнэн сиирэ-халты ыйылаабыттара. А. Сыромятникова
Фашист иҥсэлээх буулдьата кини атаҕын бааһырпыта. «Кыым»
5. көсп. Олус күүстээх, уордаах (тымныы туһунан). ☉ Трескучий, жуткий, пробирающий до костей (мороз)
Кута анныттан иҥсэлээх тымныы аргыйар, Антону тардан ылаары эҕирийэргэ дылы. Т. Сметанин
Оо, тымныы, муустааҕар да иһиттэн иҥсэлээх тымныы, тыбыс-тымныы. А. Сыромятникова
♦ Ыт курдук иҥсэлээх (ымсыы) көр ыт II
Батталтан баҕарбыт кулаактар Кыраны сабардаан олооркут. Ыт курдук иҥсэлээх саҥнаахтар, Туолуо суох эһиги обоккут. Эрилик Эристиин