Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эҥээрдээ

туохт.
1. Таҥас эҥээрин эбэтэр туох эмэ кырыытын, кырыы өттүн оҥор. Отделывать полы одежды или края, стороны чего-л. «Тирии кынат» диэбит курдук, Тэлимнэҕэс эҥээрдээтилэр, «Кунаах төбө» диэбит курдук, Кубаҕай хортуустаатылар. С. Васильев
Баһылайкаан дьиккэр, …… үүтээҥҥин муус эҥээрдээн кэлбиккин. «ХС»
Тугу эмэ кыйа, батыһа эбэтэр икки өттүнэн кэккэлии бара тур. Тянуться в ряд вдоль или по обеим сторонам чего-л. (напр., реки, улицы)
Тойуктар хоһоонноро кэпсииллэринэн, Алтан хайа киэҥ сири хабан сытар сис хайанан буолар. Маны эҥээрдээн улахан күөллэр бааллара ыйыллыбыттар. «Чолбон»
Эн Бүлүү эбэ хотуну эҥээрдээн сытар дэхси, нэлэмэн хонууларынан-сыһыыларынан сылдьыбытыҥ дуо? АДГ СКУо
2. көсп. Тугу эмэ кытта сэргэ туох эмэ куһаҕаны оҥор, эрэйи-буруйу таһаар, аҕал. Приносить что-л. (напр., горе), вовлекать, впутывать кого-л. во что-л. Кири-дьайы киллэримэ, Эрэйи-буруйу эҥээрдээмэ, Алдьархайы-былаҕайы аҕалыма! Өксөкүлээх Өлөксөй
[Ийэбин] Угунньалыыр буурайга, Ачаахтаах хатыҥ тоһоҕоҕо Эримэх бэйэтин эммэнитэн Энэлгэн-сыналҕан эҥээрдээн, Түөнэ чопчу төбөбүнэн Түһэн төрөөбүтүм баар этэ. С. Зверев
Омук империализма биһиэхэ күүһүнэн соҥнообут гражданскай сэриитэ Арассыыйаҕа элбэх эрэйикыһалҕаны эҥээрдээбитэ. «ХС»
Илбиркэй эҥээрдээ кэпс. — кими эмэ харысхала суох атаҕастаан, баттаан, көлөһүннээн доруобуйатын улаханнык алларыт, өрүттүбэт гына дьадат, умнаһыт олоҕор тиэрт. Довести кого-л. до полного разорения, ввергнуть в крайнюю бедность, нищету
Мин эһигини, хара көлөһүммүнэн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, илбиркэй эҥээрдээбиттэри, бакыр сүһүөхтээбиттэри, ойуттубут олооччулаабыттары, кыраатаҕым буоллун! Н. Якутскай


Еще переводы:

илбиркэй

илбиркэй (Якутский → Русский)

изорванный, изодранный; изношенный (вконец); илбиркэй таҥас изорванная одежда # илбиркэй эҥээрдээ = разорять, пускать по миру.

эммэнит

эммэнит (Якутский → Якутский)

эммэний диэнтэн дьаһ
туһ. Аҕыс чардын иһиттэн, Тоҕус ыйга дурдалаан, Угаарыскай күөх окко Угунньалыыр буурайга, Эримэх бэйэтин эммэнитэн Энэлгэн-сыналҕан эҥээрдээн, Түөнэ чопчу төбөбүнэн Түһэн төрөөбүтүм баар этэ. С. Зверев
Кинилэр, эн кулгааххар сипсийэн, эккин-хааҥҥын эммэнитэргэ кыһаналлар. А. Сыромятникова

эҥээрдэн

эҥээрдэн (Якутский → Якутский)

эҥээрдээ диэнтэн бэй
туһ. Кыра-хара норуот Кыһалҕа кыаһылыктанара, Алдьархай артыалланара, Иэдээн эҥээрдэнэрэ, Өлүү өттүктэнэрэ. Саха нар. ыр. III
Ити курдук ыйтан ордук холобурдаах кэмҥэ атах балай баран эргэнэ хара тыа эҥээрдэммитэ. С. Тумат
Итинтэн ыла кырдьаҕастаах эдэр эрэй эҥээрдэнэн, бииргэ сылдьыбыттара. А. Сыромятникова

илбиркэй

илбиркэй (Якутский → Якутский)

даҕ. Тырыттыбыт, быһыта баран тэллэ, салыбырыы сылдьар. Изорванный, изодранный, вконец изношенный
Тайахтаах, илбиркэй таҥастаах, оҕуруот таһыгар, дьиэттэн тэйиччи кыс маска олорор. А. Софронов
Киэһэ аайы мин соҕотох илбиркэй кинигэбин хайдах эмэ мүччү туттаран көрө охсор дьулуурдаах. Амма Аччыгыйа
Илбиркэй сонун сыттанан, ороҥҥо иттэннэри түһэн кэбистэ. М. Доҕордуурап
Таһырдьаттан Уһун Сэмэн, Сиикэй Ньукулай бар хоруо буолан илбиркэй ырбаахылаах, матыыгалаах киирэллэр. Күндэ
Илбиркэй эҥээрдээ - көлөһүннээн сиэ, дьадат, баайын эс. Разорять вконец кого-л. (соотв. пускать по миру)
Мин эһигини, хара көлөһүммүн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, илбиркэй эҥээрдээбиттэри, бакыр сүһүөхтээбиттэри, ойуттубут олооччулаабыттары, кыраатаҕым буоллун! Н. Якутскай

тайахтаа

тайахтаа (Якутский → Якутский)

I
туохт. Тайаҕы бултас. Охотиться на лося
Эһэни көрдөҕүнэ — эһэлиэ, тайаҕы көрдөҕүнэ — тайахтыа. П. Ойуунускай
Биир күһүн биһиги, куолубутунан тайахтыы таҕыстыбыт. Амма Аччыгыйа
Күһүөрү соҕус иккиэ буолан Силээннээх үрэҕэр тайахтыы таҕыстыбыт. Т. Сметанин
II
туохт. Кимиэхэ эмэ тайаҕы биэр, тайахта туттар. Давать кому-л. посох, обеспечивать, вооружать кого-л. посохом
Улуу баайдары, Мин курдук, ким Муус дьолуо тайахтаан, Муус дьоҥкурууну состорон Суолга хаамтарыа баарай! С. Зверев
Муус тайахтаныы — умнаһыттыйыы, дьадайыы: «муус дьоҥкуо тайахтаабыта». КНЗ СПДьНь
Муус дьоҥку (дьолуо) тайах- таа — кими эмэ киһи аатыттан аһаран, сорго-муҥҥа, умнаһыт олоҕор тиэрт. Доводить кого-л. до нищенского существования, обрекать на несчастье, горе
Чоочо баай тойон абаҕам …… Муус дьоҥку тайахтаабыта, Муҥ бөҕөнү состорбута, Халҕаһа эҥээрдээбитэ, Хатырык сиэхтээбитэ, Хара хаанынан ытаппыта. Саха фольк. Улуу дойдуну Тумнары баттаабыт Улуу баайдары Мин курдук ким Муус дьолуо тайахтаан, муус дьоҥкурууну состорон Суолга хаамтарыа баарай! С. Зверев

эҥээрдэс

эҥээрдэс (Якутский → Якутский)

  1. эҥээрдээ диэнтэн холб. туһ. Олох диалектиката көрдөрөрүнэн, куһаҕаны эҥээрдэспиттэр хаһан да мөлтөхтөр. ПБН БЭДь
    [Фаина:] Төһөлөөх эрэйи-буруйу, сору-муҥу эҥээрдэспитэ буолуой, төһөлөөх хараҕын уутун тохпута буолуой кини? «Чолбон»
    Кэпсиирэ кырдьык буоллаҕына, кинитээҕэр ордук кыһалҕалаахтык, эрэйи-муҥу эҥээрдэһэн үөскээбит киһи эбит. «ХС»
  2. Кими эмэ кытта дьукаахтаһа эбэтэр ыаллыы олор; кими эмэ кытта булкуһа, бодоруһа сырыт. Жить совместно или по соседству с кем-л.; знаться, водиться, общаться с кем-л.
    Ол эрээри балаҕаны бэйэтэ даҕаны туттуо буоллаҕа, бастаан утаа ыалга да эҥээрдэһэн олоруохха син. Болот Боотур
    Дойдутугар сайылыы кэлбитэ. Аймахтарыгар эҥээрдэһэ сылдьан, оттоспута. И. Федосеев
    Ол аайы [араас дьоннуун бодоруһан] биирдэрэ кэхтэр, төннөр түөрэхтээх суолга киирдэр-киирэн иһэр, иккиһэ, үтүө дьоҥҥо эҥээрдэһэн, үүнэр-сайдар өттүгэр үлүмнэһэр. «Кыым». Сотору Наалтаар сүрэхтэнэн Уйбаан Лааптап диэн буолар. Нууччалардыын эҥээрдэһэн Сайаҕастык улаатар. «ХС»