Якутские буквы:

Якутский → Якутский

өйөннөр

туохт. Туох эмэ уһуну, синньигэһи сиргэ тирээн баран туохха эмэ өйүү уур, туруор. Прислонить что-л. к чему-л.. Сааны маска өйөннөрдө
Лэглээрдэр балаҕаннарын ааныгар тоһоҕо маһы өйөннөрөн кэбиһэн баран, Дулҕалаахтарыгар оттуу киирдилэр. Амма Аччыгыйа
Сулбу хааман тиийдэ да, бэйэтин дьиэтин курдук, баттыгы ылан эркиҥҥэ өйөннөрөн кэбиһээт, иһирдьэ киирдэ. Эрилик Эристиин
Бэрдээнин оҕуруот баҕанатыгар өйөннөрө туруоран кэбистэ. Н. Заболоцкай

өйөн

туохт.
1. Кимиэхэ-туохха эмэ тайан, сыһын. Опираться, облокачиваться на кого-что-л., прислоняться к кому-чему-л.. Дьыбаан сыттыгар өйөн. Тайахха өйөнөн тур. Истиэнэҕэ өйөн
Баһыахтыыр Балбаара аан холуодатыгар өйөнөн турар Сыллайга эргиллэ түстэ. Амма Аччыгыйа
Түннүк сэҥийэтигэр өйөнөн, Маша түҥнэри хайыһан турара. А. Сыромятникова
Өкүүсэ дьиэ ортотугар үрдүк олох маска өйөнөн, бу туох буолан эрэрин таба өйдөөбөтөх киһилии, соҥуйан турар. Эрилик Эристиин
Өлүөнэ өрүһү таҥнары өҥөйөн Өрүтэ будуллар долгунун көрбүтүм. Будьурхай баттахтаах үөттэргэ өйөнөн Буурҕалаах түүннэри мин эмиэ өйдүүрүм. П. Тулааһынап
2. көсп. Кимтэн эмэ туох эмэ көмөнү, өйөбүлү ыл; туохха эмэ тирэҕир. Получить поддержку от кого-чего-л.; опираться на что-л. (напр., на решение собрания). Мунньах уурааҕар өйөн
Кинилэр ыҥырыылара киэҥник өйөннө. «ЭК»
Бачыым өйөннө. «Кыым»
уйг. сүйэнмэк, кирг. сүйөн

Якутский → Русский

өйөн=

1) опираться на кого-что-л., прислоняться к кому-чему-л.; облокачиваться на что-л.; дьыбаан сыттыгар өйөн = облокотиться на подушку дивана; таиахха өйөнөн тур = стоять, опираясь на посох; истиэнэҕэ өйөн = прислониться к стене; 2) перен. опираться на кого-что-л.; получать поддержку от кого-чего-л.; мунньах уурааҕар өйөн = опираться на постановление собрания; ср. тирэҕир =.

өйөннөр=

прислонять кого-что-л. к чему-л., опирать что-л. обо что-л.; сааны маска өйөннөрдө он прислонил ружьё к дереву.


Еще переводы:

прислонить

прислонить (Русский → Якутский)

сов. что өйөннөр, өйөннөрө УУР-

опереть

опереть (Русский → Якутский)

сов. что тирээ, тирээбиллээ, өйөннөр.

прислонил

прислонил (Русский → Якутский)

гл,сов
өйөннөрдө

подставить

подставить (Русский → Якутский)

сов. 1. что подо что тоһуй; 2. что (придвинуть) туруор, өйөннөр; подставить лестницу к окну кирилиэһи түннүккэ өйөннөр; 3. кого-что (заменить) уларытан туруор, солбуй; подставить цифры в формуле формула^а сыыппаралары уларытан туруор; # подставить ножку кому-л. атаххын тоһуйан биэр, атахтаа, мэһэйдээ.

приваливать

приваливать (Русский → Якутский)

несов., привалить сов. 1. кого--что өйөннөр, биллэҕэ уур; привалить камень к стене тааһы эркиҥҥэ өйөннөр; 2. мор. (пристать, причалить) тигис; тиксэр; пароход привалил борокуот тигистэ; 3. разг. (прийти, приехать) тоҕо анньан кэл, тоҕо кутулун; привалило много народу элбэх киһи тоҕо кутулунна.

тирэннэр

тирэннэр (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ туохха эмэ охтубат, сууллубат гына олорт, тирээ, өйөннөр. Подпереть что-л. чем-л. для устойчивости
Охсорго бааллыбыт кыллаах элбэрээк төбөтүн икки баттык мас ыккардыгар тирэннэрэҕин. С. Маисов
Чомойу укка хаһан кыратык тилэри тирэннэрэн олордор ордук. ПАЕ ОСС

саадьаҥалаа

саадьаҥалаа (Якутский → Якутский)

саадьай диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Өйөннөрө уурбут тайах маһын, тэмтэриҥнээн тиийэн, харбаан ылла уонна, босхо-босхо үктэнитэлээн, ойуур диэки хааман саадьаҥалаата. Болот Боотур

тэбэммэхтээ

тэбэммэхтээ (Якутский → Якутский)

тэбэн диэнтэн төхт
көрүҥ. Атаҕын атаҕар тэбиэлээн, хаатыҥкатын хаарын тэбэммэхтиир. Амма Аччыгыйа
Лэкэттэ туран, ньилбэктэрин тэбэммэхтээн баран, туутун сыҥаһа аттыгар туруору өйөннөрөн кэбистэ. Ойуку

өйөннөрүлүн

өйөннөрүлүн (Якутский → Якутский)

өйөннөр диэнтэн атын
туһ. Хоту истиэнэҕэ тутааҕа суох дьэбин сиэбит булуук, тимир тиистээх эргэ мас тараах өйөннөрүллэн тураллара. Далан
Аҕам харабыын тэргэнэ ол өйөннөрүллүбүт. Н. Борисов
Зосим өйөннөрүллүбүт эрдиитин булан аҕалан, чэпчэки мас баатын үөһэттэн кытылга анньан киллэрбитэ. Ойуку
Харыһыктаах, кэриэсхомуруос хотуур эркиҥҥэ, эмиэ өйөннөрүллэ уурулла ууруллубутунан, күүлэ аанын аттыгар туран хаалла. «ХС»

өйөннөртөө

өйөннөртөө (Якутский → Якутский)

өйөннөр диэнтэн төхт
көрүҥ. [Баһыыкка] бөрөлөрүн тириитин хаптаһыҥҥа хайыы-үйэҕэ тииртэлии охсон, балаакка ойоҕоһугар өйөннөртүү турара. Л. Попов
[Хачыкаат бөҕө] икки баараҕай бадьыр баҕаналары лэппэччи эрбээн баран, төбө-төбөлөрүнэн өйөннөртөөн кэбиспит курдук атахтардаах киһи. Р. Кулаковскай
Арамаан, балтыһахтарын эркиҥҥэ өйөннөртөөн баран, ыскамыайкаҕа сыҕарыҥныы-сыҕарыҥныы оннун булар. У. Нуолур