и. д. от өрүһүй =.
Якутский → Русский
өрүһүйүү
өрүһүй=
спасать, избавлять кого-что-л. (в самый критический момент); спасать кого-л. от гибели; ср. абыраа = I, быыһаа = III 1.
Якутский → Якутский
өрүһүйүү
өрүһүй диэнтэн хай
аата. Ордук умайа турар дьиэни өрүһүйүүгэ хапсаҕайдык туттунуҥ! МКББ
Маннык саамай дьиибэ абыычай баара: Борнео арҕааҥҥы биэрэгинээҕи биир арыыга ууга тимирэн эрэр дьахтары өрүһүйүү буруйу оҥоруунан ааҕыллара. ДьДьДь
өрүһүй
туохт.
1. Кими эмэ ыксаллаах, өлөр-хаалар күнүгэр түбэһэ баар буолан быыһаа. ☉ Спасать кого-л., помогать кому-л. (в самый критический момент)
Ол икки убайдаах аҕаһым иккиэн өлбүтү өрүһүйэ, куоппуту ситэ барбыттара. Саха фольк. Баччаҕа тиийиэххэ, хата эн түбэһэ кэлэҥҥин, оҕобун өлөртөн өрүһүйдүҥ. А. Софронов
[Бааска:] Онно ытыалаһыы, сэрии буолуоҕа, хаан тохтуо, бааһырбыт дьону өрүһүйүөхтээххит. Күндэ
2. Тугу эмэ туох эмэ буола илигинэ, оҥоро оҕус. ☉ Успеть сделать что-л. раньше кого-чего-л., предварить, предупредить что-л. Дьүүлэ-дьаабыта суох алдьархай тахсаары турарын бу куорат олохтоохторо бэркэ диэн билэннэр, олбуордарын айаҕын өрүһүйэн саба охсон бараннар, ииҥҥэ, оһох кэннигэр дуурдаммыттара. Эрилик Эристиин
Дьыл бу бэйэлээх үтүө кэмин өрүһүйэ туһанан хааларга дьулуһабын. И. Артамонов
ср. тув. өршээр ‘помиловать’
Еще переводы: