(об=, обо=, объ=) приставка, суолтатынан көрдөрөр: 1) хайааһын тугу эмэ тула барарын, предмеккэ бүтүннүүтүгэр тарҕанарын, хол. обежать тула сүүр,эргийэ сүүр; осмотреть көр, сирийэн көр; 2) хайааһын элбэх киһини эбэтэр элбэх предмети хабарын, кэрийэ буоларын, хол. обегать кэрийэ сүүр; одарить бэлэхтэтэлээ; 3) хайааһыҥҥа кими эмэ баһыйыыны, куотууну, хол. обогнать ситэн аас; 4) хайааһын түмүгэр кими эмэ ньочоокко тиэрдиини, балыйыыны, хол. обвесить ыйааһыҥҥа балый; 5) =ся эбиискэни кытта туттулуннаҕына, хайааһынгҥа сыыһаны оҥорууну, хол. оговориться алҕас эт, алҕас саҥар; 6) хайааһын түмүгэр туох эмэ буолан уларыйары эбэтэр уларытыыны, хол. обогатить байыт; 7) хайааһын эбэтэр турук түмүгэ көстүүтүн, хол. окаменеть таастый; ослепнуть хараҕа суох буол.