аат. Укка олордуллубут дьөлүтэ анньан үүттүүргэ аналлаах тимир тэрил. ☉ Шило
Онуоха Оноҕочоон Чоохоон, хабахтаах хааны ылан, били удаҕанын моонньугар баайбыт уонна бэйэтин этэрбэһин тилэҕэр бүргэс тиктибит. СГФ СКТ
Кинилэргэ [тимир үйэ дьонугар] тимир быһахтар, батыйалар, батастар, бүргэстэр, иннэлэр, сүгэлэр, үҥүүлэр уонна охтор төбөлөрө бааллара. БИГ ӨҮөС
Толуу бүргэһинэн тобулбут сирдэригэр Тоһоҕотун уган, тонолуппакка көрөн, Молотуок сэбинэн бокуойа суох Туора-маары охсон тобуойдаан барда. Күн Дьирибинэ
◊ Бүргэс сүүрдэр итэҕ., эргэр. — билгэлээһин көрүҥэ: хобордооххо туойунан төгүрүк оҥороллор, онтон суоллары (хол., байыы, ыарыы о. д. а.) таһаарыллар. Бүргэс угар саптаах иннэни хатаан сабыттан төгүрүк ортотугар туруору тутуллар (хобордооххо тиэрпэккэ), сотору бүргэс биэтэҥнээн барар, ол биэтэҥнээн ханнык суолга сөп түбэһэринэн инники дьылҕаны билиллэр. ☉ Вид гадания: на дне сковородки из глины делают маленький кружок, от которого радиально проводят линии — дороги (богатства, болезней и т. п.)
К рукоятке шила привязывают иголку с ниткой. Шило держат за нитку над кружочком и по направлению его колебаний определяют судьбу кого-л.. Холобур маннык билгэлэр баар буолаллар: таҥха иһиллиир, бүргэс сүүрдэр, этэрбэс хаамтарар, кут кутар, таас тардар, уу тоҥорор диэн. А. Софронов
ср. тюрк. бургу бурав ‘сверло’