Якутские буквы:

Якутский → Русский

балачча

см. балайда; достаточно, в достаточной степени, довольно; балачча өр саҥата суох олордулар они довольно долго сидели молча.

Якутский → Якутский

балачча

  1. сыһ.
  2. Уһун соҕустук, өр соҕустук, өргө диэри, чочумча. Довольно долго, в течение некоторого времени
    Балачча ол курдук олорбохтообуттарын кэннэ, Вася аргыый аҕай ыйытта. Амма Аччыгыйа
    Доҕордуулар балачча сынньаналлар, кэпсэтэллэр, төрөөбүт буордарыгар дуоһуйа таалалыыллар. И. Данилов. Ойуун кинини уун-утары одууласта, кулуба балачча утары көрөн олорбохтоото. И. Гоголев
  3. Лаппа, сөп соҕустук, сөбүгэр. Достаточно, довольно, изрядно
    Дьэллик отууга балачча тииҥнээн арыый эрдэ кэлэн уот оттон, чаанньыгын уокка үтэ сылдьара. Н. Заболоцкай. Поэт Дьуон Дьаҥылы «Евгений Онегин» роман идиэйэтин, уус-уран күүһүн, кэрэтин сахалыы балачча толорутук биэрэри ситиспитин үөрүүнэн бэлиэтиэххэ наада. Софр. Данилов
    Ньургун сахалыы билбэккэ балачча моһуогурбута да, сотору син наадатын өйдүүр, кэпсэтэр буола үөрэммитэ. Далан
  4. даҕ. суолт. Ботуччу соҕус, сөбүгэр элбэх. Значительный, изрядный
    Өрүһүспүт курдук, балачча маһы туора харбаан ылан санныгар быраҕынна, толоон диэки дьулуруйбутунан барда. Амма Аччыгыйа
    Хата эн ааспыт сыллааҕы дохуоттан балачча үбү уурдаран улахан үтүөнү оҥорбуккун. М. Доҕордуурап
  5. ахс. аат суолт. Арыый да элбэх. Довольно много
    Ааспыт ыйга улахан эбиллиини ылбатым. Хата, оҕолорум балаччаны ыла сатаатылар. «Кыым»

Еще переводы:

значительный

значительный (Русский → Якутский)

прил.
балачча, обургу

изрядный

изрядный (Русский → Якутский)

прил. разг. балачча; изрядная сумма денег балачча харчы.

значительный

значительный (Русский → Якутский)

прил. 1. (большой) балачча, обургу, улахан; значительная сумма обургу суума; 2. (важный) балачча улахан, балачча суолталаах; значительные события балачча улахан событиелар; 3. (многозначительный) суолталаах, таамахтаах; значительные слова суолталаах тыллар.

порядочно

порядочно (Русский → Якутский)

нареч. 1. (честно) бэрээдэктээхтик, сиэрдээхтик; он поступил порядочно кини бэрээдэктээхтик быһыыламмыт; 2. разг. (много, значительно) балачча, балачча улаханнык; ждать пришлось порядочно балачча күүтэргэ тиийиллибитэ.

порядком

порядком (Русский → Якутский)

нареч. разг. 1. (весьма) балачча, сөбүн; я порядком устал мин балачча сылайдым; 2. (как следует) үчүгэй аҕайдык, киһилии; он ничего порядком не сделал кини тугу да киһилии оҥорбото.

дьурулат

дьурулат (Якутский → Якутский)

дьурулаа диэнтэн дьаһ
туһ. Илиитин иминэн бигээн көрбүтэ, быһаҕа балачча дириҥ суолу дьурулатан таһаарбыт. Амма Аччыгыйа

көбүөлээмэхтээ

көбүөлээмэхтээ (Якутский → Якутский)

көбүөлээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Мардьаҥныырап балачча көбүөлээмэхтээн баран, нагаанын сулбу таһыйан ылла. Е. Неймохов

кэнчээрилэн

кэнчээрилэн (Якутский → Якутский)

кэнчээрилээ диэнтэн бэй
туһ. Эргэ ходуһа иһэ номнуо балачча хойуу кэнчээрилэммит. Н. Заболоцкай

кэчэспэхтээ

кэчэспэхтээ (Якутский → Якутский)

кэчэс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Устинов сүүс бырыһыаны эрэйэрин ылыммакка, балачча кэчэспэхтээн ылла. Н. Заболоцкай

өндөҕөр

өндөҕөр (Якутский → Якутский)

даҕ. Сиртэн балачча үрдүк, өндөйөн турар. Приподнятый, возвышающийся над землёй. Өндөҕөр орон