Якутские буквы:

Якутский → Русский

боллох уолаттара

ландыши.

Якутский → Якутский

боллох

аат. Кыракый үрдэл сир; сир бөлтөркөйө (боллорооттооҕор кыра). ☉ Бугорочек, бугорок земли
Суолларыгар боллох дуу, дулҕа дуу түбэстэ быһыылаах. Софр. Данилов
Дьөгүөссэ отон уктаах боллоххо икки тобугуттан тардыстан олордо. П. Аввакумов
Сыыр боллохторугар ата илик ньургуһуннар быкпыттар. Уустаах Избеков
п.-монг. болбог


Еще переводы:

бугор

бугор (Русский → Якутский)

м. боллох, томтор.

очур

очур (Якутский → Якутский)

аат. Кыра томтор, боллох, төхтүр. ☉ Бугорок, неровность
Очурдарга охсулла-охсулла, сыыры таҥнары сырылаан түһэн истим. Т. Сметанин

адырыын

адырыын (Якутский → Якутский)

аат. Чорбох, боллох. ☉ Отросток, бугорчатость
Чиэрбэ сыҕарыйарыгар элбэх ахсааннаах кыра адырыыннарынан эмиэ көмөлөһүннэрэр. ББЕ З. Арҕас хамнатар Адырыын араҕас, Хаппар хамнатар Хаамыылаах хара [сылгыны хоһуйуу]. Саха фольк.

амарахсыт

амарахсыт (Якутский → Якутский)

амарахсый диэнтэн дьаһ
туһ. Күөх далай иччитэ Күөх Боллох тойону Айахта тутан амарахсытар Ааттаах астара Аҥаардас кини [арыгы] буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй

быгылах

быгылах (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Оллур-боллур ньуурдаах сиргэ чочоруһан турар боллохтор, быллаардар. ☉ Небольшие бугорки на неровной поверхности
Быгылах быыһын аайы Бырылас былдьырыыт, Бадараан саҕатын аайы Барылас бараах буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй

дөбдүргэн

дөбдүргэн (Якутский → Якутский)

аат. Ото-маһа суох, куурбут-хаппыт өрө үппүт көбдөркөй сир. ☉ Засохшая, рыхлая земля
Боллох диэн дөбдүргэн үллэн тахсар сирэ. Багдарыын Сүлбэ
Уот иҥэр кутталлаах дөбдүргэн, эбэтэр хаппыт, эмэх мастаах ойуурдаах сирдэри өртүүрүттэн туттуналлар. ПАЕ ОС

көччүй-көрүлээ

көччүй-көрүлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Туох да кыһалҕата суох көҥүл-босхо, дуоһуйаастына сырыт. ☉ Беззаботно резвиться, веселиться
Күлүм күөххэ көччүйэ-көрүлүү мустубут Күндү көмүс күөрэгэйдэрбиэт! Саха нар. ыр. II
Көй боллох уйаланан, Көмүс ньээкэ сымыыттанан, Көччүйэн-көрүлээн эрэр [көтөр бииһэ]. Өксөкүлээх Өлөксөй

логлоор

логлоор (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Сир өрө лоппойон тахсыбыта, дулҕа кэриэтэ кыра боллох. ☉ Выпуклость на ровной поверхности земли, маленький бугорок
Туохтан эрэ куотардыы сир логлооруттан, онтон-мантан иҥнэн умса-төннө түһэ-түһэ, сирэйин хоту тэбиммитэ. Софр. Данилов

боллоҕор

боллоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Халыҥ, улахан, бөлтөйөн көстөр (хол., уос). ☉ Толстый, большой, пухлый (напр., о губах)
Боллоҕор соҕус уоһун үрдүнэн кугастыҥы бытыктаах саас ортолоох киһи улам күлэн-оонньоон барда. Амма Аччыгыйа
[Чэйин] боллоҕор улахан уоһун үлүннэрэн, үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, сыпсырыйа олордо. ПНИ ДКК
[Оҕо] боллойбут уостарын биллэ-биллибэттик ибигирэтэн кураанах суоскатын оборор. А. Федоров. Икки иэдэһигэр тордоҕуран эрэр бытыктаах, боллойбут омуртаах, лэҥкэллибит төбөлөөх сонос киһи остуолуттан туран кэллэ. «ХС»

күндүлэт

күндүлэт (Якутский → Якутский)

күндүлээ диэнтэн дьаһ
туһ. «Бу ханнык аат-таах сиргэ кэлэн аастым уонна бачча күндүлэттим?» — диэн мин дьоммуттан арахсаары туран ыйыттым. Н. Заболоцкай
Баай хара тыа иччитэ Байанайтан маанылатан, Күөх далай иччитэ Күөх Боллохтон күндүлэтэн Эһэкээн кырдьаҕас Эдэр-эмэн норуотунуун Этэҥҥэ сыл кыстыыр Эти-арыыны хаһааммыт. ДьТ