- быһахтаа диэнтэн бэй. туһ. Сиэппэр испиискэлэнним, Сиэхпэр быһахтанным. С. Васильев
- Быһаҕы харбаан ыл, быһаҕынан суоһурҕан, куттаа. ☉ Хвататься за нож, угрожать ножом. Ымсыы киһи тыыныгар быһахтанар
□ Дойдум айыы сырдыгар Арыт хара күлүктэр, Маҕанынан саптаннар, Быһахтанан үөмэллэр. С. Данилов
Кыра күтүөтүм быһахтанар, Куттанабын — өлөрүө баҕар! Н. Некрасов (тылб.)
Якутский → Якутский
быһахтан
быһах
аат. Быһарга аналлаах аҥаар өттө биилээх, уһуктаах укка олордуллубут уһун синньигэс тимир. ☉ Нож. Саха быһаҕа. Килиэп быһаҕа. Тимир быһах
□ Иисээн хас да чоҥкуну быһах өнчөҕүнэн хайыта охсо-охсо, аҕалан уурталаан биэрдэ
Дьэ, сылаас таба силиитэ минньигэһэ бэрт буолар эбит. А. Софронов
Күөрэгэй биирдэ илиитин быһахха быспытыгар ийэтэ бокуонньук үкчү маннык отунан баайан эмтээбитэ. Т. Сметанин. Быһах угун кыстыбат, суор хараҕын оҥсубат. Саха фольк.
тюрк. бычак
♦ Быһах угун саҕа — олус кыра, буолуохтааҕыттан лаппа кыра. ☉ Очень маленький, значительно уступающий по размерам характерному образцу предметов подобного класса
Бу быһах угун саҕа сүөһү сыаната диэхтээн... «Сахаада»
Быһах угун саҕа дьарҕаалар [балыктар] устан кэллилэр. Ф. Филиппов
◊ Бадаайы быһах — олус улахан быһах (булка тут-лар). ☉ Очень большой нож (для охоты)
Баалтааны ууһа балталаабыт, Барык-сарык илбискэ этиллибит Обот-соллоҥ олуй-молуй, Хааннаах дьаргыс бадаайы быһаҕым. П. Ойуунускай. Биричиинэй быһах — бүк тутуллар кыра быһах. ☉ Складной перочинный нож
Сэмэн оҕонньор Хабырыыска оскуолаҕа киирэригэр кэтэр таҥаһын-сабын, үөрэххэ наадалаах арааһын уонна биир биричиинэй быһаҕы атыыласта. Амма Аччыгыйа
Уоттан тэйиччи кэнсиэрбэ бааҥката солуурчах өрө тардыллан турар, ол аттыгар ньуоска, биричиинэй быһах көстөллөр. С. Никифоров
Аччыгый оҕо бадаархай тиит хатырыгар биричиинэй быһаҕынан бэйэтин аатын быстар. Суорун Омоллоон. Быһах уһугунан <тиийэн> тосторугар дылы — туруоруллубут сорук туолара чугаһаан баран, бэрт кыраттан иҥнэн, мэһэйдэтэн, туолбат кутталга киириитэ. ☉ Наступление угрозы срыва из-за мелких, незначительных помех перед самым завершением поставленной задачи
Тогойкин быста ыран, ыал уотун көрөн баран: «Быһах уһугунан тостор диэбиккэ дылы, уотун көрөн бараммын... Суох, суох, сырдыгар тахсан бараммын охтуом». Амма Аччыгыйа. Быһах эрбии — аҥаар илиинэн эрбэнэр, биир өттүгэр эрэ тутаахтаах эрбии. ☉ Ножовка
Бу тоҕойум, эрбии. Быһах эрбии диэн. Көрөөр эрэ, маһы эрбиэҕим. Багдарыын Сүлбэ. Оттон эмээхсиним буоллаҕына, быһах эрбиинэн эрбиирдии аалар: «Хайа, ынаҕыҥ ханнаный?» М. Шолохов (тылб.). Үөстээх быһах — хаптаҕай өттүгэр уһун синньигэс куоһахтаах саха быһаҕа. ☉ Якутский нож с продольным желобом на плоской стороне
Бырдьай саха ууһа охсубут үөстээх сытыы баҕайы быһаҕынан кыһа-кыһа, олуктуу-олуктуу, бүк-тах тута-тута чааркааны оҥортуур. Күндэ
Муос уктаах, үс үөстээх сүрдээх үчүгэй быһах кыыҥҥа угуллан, Тураах Уйбаан оронун үрдүгэр ыйанан турар. МНН
Якутский → Русский
быһах
нож; бадаайы быһах большой нож (кухонный); булт быһаҕа охотничий нож.
быһахтан=
1) иметь, приобретать нож; 2) хвататься за нож, угрожать ножом.
Якутский → Английский
быһах
n. knife
Еще переводы: