туохт.
1. Илиигэр сүгэни ыл, тугу эмэ оҥорорго сүгэнэн тутун. ☉ Брать в руки топор, делать что-л. при помощи топора
Оҕонньорум бухатыыр киһи этэ. Буойунаҕа үлэлиирэ. Сүөһүгэ хаһан да сүгэлэммэт этэ. И. Гоголев
Кими кэрдээри сүгэлэнниҥ? Сүгэҕин быраҕа тарт, чэ, ыттым! Дьуон Дьаҥылы
Сүгэлэммэккэ эрэ, быһаҕынан уҥуоҕун алдьаппакка хол, буут араарар. «Чолбон»
2. Сүгэни харбаан ыл, кимиэхэ эмэ сүгэнэн түс. ☉ Хвататься за топор, угрожать кому-л. топором
Күөнэххэ сүгэлэммиккэ дылы (өс хоһ.). Төһө да кыһалҕа кыһайдар онно [хатыҥҥа] сүгэлэнэрбин санаатахпына, хараҕым уута саккырыах, илиим төттөрү тардыах курдук. «Кыым»
Эдэр табаһыт, холуочуйан баран маачаха аҕатыгар сүгэлэммит. «Чолбон»
♦ Сүрэххэр сүгэлэн, быаргар быһахтан — кимиэхэ эмэ олус кыйахан, куһаҕаны санаа. ☉ Сильно разозлиться, затаить злобу на кого-л.
Бу Татаар кыыһа Дьэбдьиэскэ, эн бу туох буолан сүрэххэр сүгэлэнниҥ, быаргар быһахтанныҥ? Ыал хамначчыта, умнаһыт сордоох буолбатаххын дуо эн? Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
сүгэлэн
Якутский → Русский
сүгэлэн=
возвр. от сүгэлээ =; сытыы сүгэлэн = иметь острый топор; күөнэххэ сүгэлэммиккэ дылы погов. как на малька с топором (соотв. из пушки по воробьям).
Еще переводы: