Якутские буквы:

Якутский → Якутский

бэрдимсийии

бэрдимсий диэнтэн хай
аата. Уһуну санаабат, киэҥи көрбөт, албын оҥоһуу, тутах тутуу, мин аҕай дэнии, бэрдимсийии туһата кыра. Сибэккилэр
Норуот бэйэтэ ааллаһан-анньыһан үлэлэстэҕинэ, тойомсуйуу, бэригирии, улаатымсыйыы, бэрдимсийии суох буолуох тустаах. «Кыым»

бэрдимсий

туохт. Бэйэни атыттартан үрдүктүк саныыр буолан киэбир. ☉ Гордиться, возгордиться
Бэрдимсийэн, үөрэхтээҕимсийэн эппэппин, ааҕар, суруйар дьон, тыл эрэйиттэн дьулайбакка суруйдуннар, үлэлээтиннэр диэн этэбин. П. Ойуунускай
Эмээхсинэ Ааныс киһиргээбит дуу, бэрдимсийбит дуу курдук кыраттан сылтаан, үөҕэн-мөҕөн кэбиһэр буолара. И. Никифоров
Бэрт буолан баран, бэрдимсийиминэбин. Н. Лугинов. Тэҥн. киһиргээ, улаатымсый, улуутуй


Еще переводы:

самомнение

самомнение (Русский → Якутский)

с. бэйэмсийии, бэрдимсийии.

тщеславие

тщеславие (Русский → Якутский)

с. бэрдимсийии, улахамсыйыы.

бахвальство

бахвальство (Русский → Якутский)

с. разг. бэрдимсийии, киһиргэнии.

зазнайство

зазнайство (Русский → Якутский)

с. разг. наһаа сананыы, бэрдимсийии.

улаатымсыйыы

улаатымсыйыы (Якутский → Якутский)

улаатымсый диэнтэн хай
аата. Норуот бэйэтэ ааллаһан-анньыһан үлэлээтэҕинэ тойомсуйуу, бэригирии, улаатымсыйыы, бэрдимсийии суох буолуох тустаахтар. П. Ойуунускай

амбиция

амбиция (Русский → Якутский)

ж. амбиция, киэмеийии, бэрдимсийии; # вломиться (или удариться) в амбицию разг. кыраттан өһүргэн, тэбиэһир.

бахвалиться

бахвалиться (Русский → Якутский)

несов. разг. бэрдимсий, киһиргэн.

нэгэй

нэгэй (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Киһи кэлэйиэн, сиргэниэн курдук куһаҕан. ☉ Низкий, дурной, отвратительный (о ком-л.)
    [Женя] көрдөххө бэрт киһи буолан баран, иһэ хайдах бачча быдьар, нэгэй баҕайыный? В. Яковлев. Билигин кэлэн, киһи өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр, …… уопсай интэриэскэ үлэлии сылдьан иирсэртэн ордук нэгэй быһыы суох эбээт. М. Д оҕордуурап
  2. аат суолт. Туох да сиэрэ суох, ку һаҕан майгылаах киһи. ☉ Дурной, низкий, отвратительный человек
    Ымсыы, көҥөс дьон былыр да, быйыл да баар буоллахтара дии. Дьон нэгэйдэрэ. И. Семёнов
    Махтаныы — күүстээхтэр сэмэй быһыылара, махтаммат буолуу — нэгэйдэр бэрдимсийиилэрэ. ПБН КСКТ
    Кыһыыта, абалааҕа баар, маннык нэгэйдэр туох да буойуута-хаайыыта суох көҥүл күөннээн-күөнэхтээн сылдьаллара. «Чолбон»
    ср. русск. негодяй ‘негодный, скверный, плохой человек’
зазнаться

зазнаться (Русский → Якутский)

сов. разг. наһаа санан, бэрдимсий.

кичиться

кичиться (Русский → Якутский)

несов. кем-чем бэрдимсий, киэбир; кичиться своими успехами ситиһиилэргинэн бэрдимсий.