Якутские буквы:

Русский → Якутский

гоготать

несов. 1. (о гусях) хаҥынай; 2. прост, (хохотать) күлэн саһыгыраа.


Еще переводы:

хаастыы

хаастыы (Якутский → Русский)

нареч. по-гусиному, как гусь; хаастыы саҥар = гоготать по-гусиному.

лыксый=

лыксый= (Якутский → Русский)

гоготать; издавать глухие отрывистые крики (о гусях при кормёжке).

хаҥынай=

хаҥынай= (Якутский → Русский)

1) невнятно говорить в нос, гнусавить; ср. хаҥсый =; 2) гоготать (о гусях).

хахаар=

хахаар= (Якутский → Русский)

1) кудахтать; гоготать; куурусса хахаарар курица кудахчет; куоҕас хахаарар гагара гогочет; 2) перен. кричать по-петушиному, кричать петухом.

халыгынас

халыгынас (Якутский → Якутский)

туохт. Чуолкайа суохтук, улаханнык, түргэнник саҥар (хаас саҥатын этэргэ). Гоготать (о гусях)
Миитэрэйи үрдүнэн бэрт намыһаҕынан сүүрбэччэ үөрдээх хоҥор хаастар халыгынаһан аастылар. В. Егоров. Онон-манан хаастар саҥалара халыгынаһаллар. И. Семёнов

кут-сим

кут-сим (Якутский → Якутский)

туохт. Олус элбэхтик, улаханнык уонна тохтоло суох саҥар (киһи уонна көтөр туһунан). Говорить (о человеке), гоготать, гомонить (о птицах) очень много, громко и беспрерывно
Быһата, олорбохтоон баран, Даайыс киһитигэр бииртэн биир мэһэйи хостуу, кута-симэ олордоҕо. Н. Заболоцкай
«Орут-орут, оннук-оннук!» — өрө күлүбүрэһэн, үрүт-үрдүгэр кутансимэн бардылар кинилэр [мородулар] бэйэлээхтэр. Н. Заболоцкай

кылыкынаа

кылыкынаа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. «Кылык-кылык» диэн саҥар (хаастар саҥаларын туһунан). Гоготать (о крике гусей)
Үрүҥ күн уота [Лена] мууһугар үҥкүүлүүр, Үрдүнэн үөр хаас кылыкынаата. Л. Попов
Кылыкыныы саҥардылар Арай айан хаастара. Баал Хабырыыс
Хаас үөрдэрэ бэрт тэйиччи айаннаан иһэннэр, кылыкыныы хаһыытаспыт дорҕоонноро олус ыраах баар ханнык эрэ күөлтэн иһиллэр курдуга. Н. Гоголь (тылб.)

халыкынаа

халыкынаа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. «Халык-халык» диэн эрэр курдук саҥар, оннук тыаһаа. Производить звуки, похожие на крик гусей, гоготать
Халыкынаан, ханна эрэ хаһыытаата суор. С. Тарасов
Хотугу тыал Хотуулаах илиитинэн бигээтэҕинэ, Хоҥор хаас бөҕө халыкыныыр. И. Гоголев
Хаас кэлэн үрдүбэр халыкыныа — оо, эр киһи буолан бултуу олорор үчүгэй даҕаны. Н. Габышев. Үөр куба халлааҥҥа халыкыныыр, Оҕо сааһым харахпар элэҥниир… «ХС»

хаах

хаах (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т.
1. Сорох көтөр (хол., суор, аҥыр) саҥата. Крик некоторых птиц (напр., вороны, выпи)
Манчаары аттыттан «хаах» диэбитинэн биир аҥыр көтөн дайаҥнаан таҕыста. Айталын. Хаа-дьаа аҥыр «хаах» диэн ааһар. Г. Колтовскай (тылб.)
2. Киһи күөмэйин түгэҕиттэн ыгыллан тахсар тыас (хол., силлииргэ). Звук, возникающий при отхаркивании
Бу аптаах холбукаҕа кини хаста «хаах» диэбитэ, ытырдыбыта кытта баар. Г. Угаров
ср. др.-тюрк. хах хух ет ‘гоготать’

хабдьыгыраа

хабдьыгыраа (Якутский → Якутский)

субул. тыас туохт.
1. Субу-субу «хап-хап-хап» диэн эрэр курдук саҥар (хол., хабдьыны этэргэ). Гоготать (напр., о куропатке)
Кыырт мохсоҕол саҥата хабдьыгыраата. П. Ойуунускай
Чугас соҕус хабдьыгырыыр саҥа иһилиннэ, көрбүтэ, хабдьылар олороллор эбит. Күрүлгэн
2. Түргэн-түргэнник соччо чуолкайа суохтук саҥар. Говорить быстро и невнятно
Сотору соҕус Халлай үөрбүткөппүт саҥата хабдьыгыраата. Болот Боотур
Ыалдьыппыт бэрт түргэн саҥалаах-иҥэлээх хабдьыгыраабыт киһи буолан биэрдэ. ЖЕ ИОК
Бобуллаҕас куоласкынан хаһыырар былаастаах бардьыгынаан саҥар. Напряжённо-возбуждённым голосом издавать громкий крик. Өрө Харах эмискэ хаһыыра, хабдьыгырыы түстэ. Саха сэһ
1977
Бухатыыр Хаһыытыы, хабдьыгырыы түстэ. Тоҥ Суорун
Баһылайка өрө хабдьыгырыы түһэн баран, халҕаны хайа тэбэн кэбистэ. Н. Павлов