Якутские буквы:

Русский → Якутский

гордится

гл
1. Киэн туттар. 2. Дархаһыйар

гордиться

несов. 1. киэн тутун, өҥүн; гордиться своими успехами ситиһиилэргинэн киэн тутун; 2. разг. (быть высокомерным) киэмсий, киэбир.


Еще переводы:

киэн

киэн (Якутский → Русский)

киэн тутун = гордиться кем-чем-л.; эйигинэн киэн туттабыт мы гордимся тобой.

киэмсий=

киэмсий= (Якутский → Русский)

1) щеголять чём-л.; таҥаһынан киэмсийэр он щеголяет своей одеждой; 2) гордиться, чваниться.

куорхай

куорхай (Якутский → Якутский)

туохт. Киэмсийбиттии, киэбирбиттии тутун. Важничать, возноситься, гордиться
Хол дойдуттан Холооннооҕум ходьойон холбонон куорхайан туһайда. ПЭК СЯЯ

улуутуй=

улуутуй= (Якутский → Русский)

гордиться, кичиться, важничать; улуутуйан кэпсэппэт буолбут он до того заважничал, что и не разговаривает; тугу гынан улуутуйар ? чем он так кичится? ср. улуутумсуй = # Улуутуйар улуу Тойон уст. Громовержец (божество).

өттөй

өттөй (Якутский → Якутский)

туохт. Тугунан, киминэн эмэ киэн тутун, киһиргээ, киэбир. Гордиться чем-л., важничать, кичиться, заноситься
Биһиги хас мунньах аайы кыракый ситиһиилэрбитинэн өттөйөбүт. Далан
Мин сэриигэ сылдьыбытым, кыайбытым-хоппутум диэн түөспүн охсуммаппын, онон өттөйбөппүн. Ф. Софронов

бэрдимсий

бэрдимсий (Якутский → Якутский)

туохт. Бэйэни атыттартан үрдүктүк саныыр буолан киэбир. Гордиться, возгордиться
Бэрдимсийэн, үөрэхтээҕимсийэн эппэппин, ааҕар, суруйар дьон, тыл эрэйиттэн дьулайбакка суруйдуннар, үлэлээтиннэр диэн этэбин. П. Ойуунускай
Эмээхсинэ Ааныс киһиргээбит дуу, бэрдимсийбит дуу курдук кыраттан сылтаан, үөҕэн-мөҕөн кэбиһэр буолара. И. Никифоров
Бэрт буолан баран, бэрдимсийиминэбин. Н. Лугинов. Тэҥн. киһиргээ, улаатымсый, улуутуй

кэкэй

кэкэй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Моонньугун кэннин диэки чирэһиннэр, төбөҕүн чыначчы соҕус тутун. Напрячь шею, отведя голову назад
Мантан Исиидэр Сэмэнэбис кэтэҕэ эрэ көстөр, Кини ити кэкэйбит кэтэҕин көрөн бу киһи туһунан тугу эмискэ билиэҥий? П. Аввакумов
ср. казах. кекею ‘важничать (задирать нос)’, алт. кекей, кирг. кэкэй ‘задирать голову, гордиться, важничать’

сэһэргээ

сэһэргээ (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ сонуну кимиэхэ эмэ олус умсугуйан, үлүһүйэн туран кэпсээ. Обстоятельно рассказывать, повествовать о чём-л.
Хаһаайка буоллаҕына …… бу сарсыарда ырыынактан ханнык эрэ сэдэхтик көстөр күндү сибэкки сиэмэтин түбэһэн атыыласпытын, онтон да атын араас сонуну сэһэргиирэ. В. Яковлев
Лоҥкууда ыаллара олордохторо тоҕо баҕас үчүгэйэй диэн Мария дьүөгэ дьахталларыгар сэһэргии олордо. М. Доҕордуурап
Дьарааһыан, олор, табахтаа уонна сээкэйдэ сэһэргээ. КАА АСС
ср. кирг. чечерке ‘быть многословным’, алт. чечерке ‘гордиться, важничать’

вами

вами (Русский → Якутский)

те. п. от вы эһигинэн; эйигинэн; друзья, я горжусь вами доҕоттоор, мин эһигинэн киэн туттабын; товарищ, моя очередь за вами табаарыс, мин уочаратым эн кэнни-гиттэн.

киэн

киэн (Якутский → Якутский)

киэн тутун — 1) Туохтан эмэ астын, дуоһуй; туох эмэ үчүгэйгинэн, киһи ордугургуоҕунан өҥүн. Гордиться кем-чем-л.; испытывать чувство удовлетворения от чего-л.
Саха сиригэр [алмаас] көстүбүтүнэн мин улаханнык киэн туттабын. Суорун Омоллоон
Өрүү мин киэн туттабын Саха тыллаах буолбуппунан. С. Данилов
Сэргэчээн Кулаковскайы эт бэйэтин көрбүтүнэн киэн тутта сананара. Болот Боотур; 2) кэпс. киэмсий, киэбир. Быть высокомерным
Тойон-хаан ньуурдааҕа, Улуутук туттара: албыны сатыыра, баайдааҕа — Онон киэн туттара. С. Данилов; Киэн туттунуу көр киэн туттуу
Мадьярдар — былыргы үрдүк култууралаах омук. Национальнай киэн туттунуулара олус күүскэ сайдыбыт. Багдарыын Сүлбэ
Хоту сир киэн туттунуута, Туҥуй атах, тугутчаан! Доҕордоһуу т. Улахан уонна Аччыгый Өлүөрэ диэн күөллэр — бу дьүкээгирдэр киэн туттунуулара. С. Курилов (тылб.); Киэн туттуу — туохтан эмэ астыныы, дуоһуйуу. Чувство удовлетворения чем-л., гордость за кого-что-л.
Уолаттарын ааттара бастыҥнар ахсааннарыгар киирдэҕинэ киэн туттуу истиҥ иэйиитэ кини дууһатыгар кутуллан киирэргэ дылы. «Кыым»
Бу үрдүк сыанабыл — кини тутааччыларын уонна олохтоохторун киэн туттуулара. «ХС»