Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьэгинник

сыһ. Ханна да хатыламматтык. Необычно, необыкновенно, исключительно, так, как нигде больше
Халлаан кэрэтэ диэн ураты буолар: Чаҕылҕан дьэгинник манна сырдыыр, Киниттэн кутуҥ эйиэнэ куойар. Таллан Бүрэ

дьэгин

даҕ.
1. Киһи туттарга үөрүйэҕэ суох, хаҥас илиитинээҕи. Непривычный, неудобный для пользования (о стороне, руке), левосторонний
Хахсаат Буурай хара сордоох Дьэгин өттүнэн дьиэгэнийэн Халарыктаан ылла да, …… Халаахтыы көтө турда. П. Ядрихинскай
Мин нэһиилэ бөҕүөстэн тураммын дьэгин илиибинэн сирэйбин илитинним. И. Никифоров.
Хаҥас илиитинэн (бэрт дэҥҥэ атаҕынан) уҥатынааҕар ордук сатаан туттар. Пользующийся левой рукой (в редких случаях ногой) более умело, чем правой
Улахан мээчиги атаҕынан тэбэ оонньуур олус көрдөөх буолааччы. …Маннык оонньууга дьэгин оҕолор киллэриллибэттэр. Мээчик уҥа атаҕынан эрэ оонньуурга аналлаах. И. Никифоров
2. көсп. Уопсай үөрүйэхтэн, сиэртэнмайгыттан атын, тосту-туора, олуона, түктэри (итэҕэлтэн төрүттээх). Отличный от общепринятого, совершенно непривычный, неудобный; предосудительный, неприличный
- Оок-сиэ, доҕоттоор, тиийбит сирэ - дьэгинин ньии, тохтообут сирэ - олуонатын ньии!.. Н. Якутскай
Бу сир олоҕо барыта Чыҥха атын, дьэбис-дьэгин, Мин манна көрдөөн булбатым Сүрэҕим сүүдүйэрин. С. Данилов
Мичил санаатыгар бу күтүрдэр [ороспуойдар] аһыыллара да дьэгин. Г. Колесов
п.-монг. дьегун

Якутский → Русский

дьэгин

левый; расположенный с левой стороны; дьэгин илии левая рука; дьэгин өттө левая сторона; дьэгин киһи левша.


Еще переводы:

левша

левша (Русский → Якутский)

сущ
дьэгин, хаҥастай

левша

левша (Русский → Якутский)

м., ж. хаҥас илии, дьэгин.

левый

левый (Русский → Якутский)

прил
хаҥас, левая сторона (половина) - дьэгин

хаҥаһыйа

хаҥаһыйа (Якутский → Якутский)

аат., Хаҥас илиитинэн туттар, хаҥас илиитэ күүстээх киһи, дьэгин. Левша
Курата, Япония бөҕөһө, биир уратыта — хаҥаһыйа. Н. Лугинов

дьэбис-

дьэбис- (Якутский → Якутский)

Даҕааһын күүһүрдэр формата, дьэ- диэн саҕаланар олохторго сыстар: дьэбис-дьэгин. Препозитивная усилительная форма прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся со слога дьэ-: дьэбис-дьэгин 'совершенно чужой, чужеродный'
Бу сир барыта Чыха атын, дьэбис-дьэгин. Мин манна көрдөөн булбатым Сүрэҕим сүүдүйэрин. С. Данилов

өһөччү

өһөччү (Якутский → Якутский)

өһөччү көр — өһөстүк, өһүөннээхтик, дьэбидиччи көр. Смотреть упрямо, мрачно, злобно
Егор Михайлович үрдүк уҥуохтаах, өһөччү соҕус көрбүт түҥнэстигэс харахтаах, кыраттан даҕаны салыбырыар диэри кыыһырар, быһымах киһи. Н. Босиков
Дьэгин халчаҕай сүүһүн ытыһын тилэҕинэн өрө имэриммэхтээтэ, кэргэнин диэки өһөччү көрөн олордо. И. Никифоров
Далбыыйап сөбүлээбэккэ иэдэс биэртэлээтэ, дьэбиннээҕинэн өһөччү көрдө. В. Титов

сүгүннэр

сүгүннэр (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кэргэн ылар кыыскын дьиэҕэр көһөрөн аҕал, илт (эр киһи туһунан). Приводить в дом невесту (о женихе)
Үс хонон баран күтүөт ойоҕун сүгүннэрэн илдьэрэ буолла. Амма Аччыгыйа
Күтүөт аҕатыныын Көмүһү [кыыс аата] саас, сыарҕа хаара алдьаныан иннинэ, сүгүннэрэн илдьиэх буоланнар дойдулаатылар. И. Гоголев
Кыыс эргэ барар сааһа туолбутугар …… булчут бэрдэ киһи, кэргэн ыларга кэпсэтэн, сүгүннэрээри сырыттаҕына, бу баай Дьэгин быһа түспүт. И. Никифоров
2. көсп. Батыһыннаран бэйэҕин кытта илдьэ бар. Увлекать кого-что-л.; уводить с собой
Биир саас Талба халаанын уута дэбилийэн тахсан, улуу күөлү бэйэтигэр сүгүннэрэн илдьэ барбыт. Амма Аччыгыйа

ньаах

ньаах (Якутский → Якутский)

I
ньаах буолбут — ириҥэрбит, дэлби ууламмыт, ыарыыламмыт (харах туһунан). Загноившийся, увлажнившийся, болезненного вида (о глазах)
Дьэгин [киһи аата] ньаах буолбут хараҕын сотунна. И. Никифоров; ньаах диэ — эмискэ быһа баттаан, синньигэстик «ньаах» диэ (хол., соһуйан). Внезапно пискнуть, вскрикнуть (напр., от испуга)
Хотун ол сылдьан сүр хатаннык «ньаах» диэн часкыйа түһэр. Амма Аччыгыйа
Оҕо «ньаах» диэн ытыахча буолан иһэн ах барда. Н. Габышев
Агааса күлбүт дуу, куттаммыт дуу саҥата «ньаах» диэн хаалла. «ХС»; ньаах оҕо кэпс. — саҥа төрөөбүт оҕо. Младенец, новорождённый. Ньаах оҕо биһигэр сытара ; <атаҕын> ньаах сиэбит түөлбэ. — ыырааҕын быыһа бааһырбыт (сүөһүнү этэргэ). Заболеть копытной болезнью, копытницей (о рогатом скоте). Ынахтарын кэлин атаҕын ньаах сиэбит. Сайын сүөһүнү ньаах сиэн эрэйдээччи
ср. монг. нялх ‘ребёнок, дитя, младенец, новорождённый’
II
аат., түөлбэ. Хараҥаҕа сырдаан көстөр түүлээх үөн. Светящийся в темноте волосатый червяк
Былыр ньааҕы үктэппэттэр эбит — киһи атаҕа кыһыйан, тириитэ сулбуруйуон сөп диэн. СТТТ

хаҥас

хаҥас (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Ким, туох эмэ дьэгин өттө, уҥа өттүн утарыта. Левый, левосторонний
Ырыаһыт кырдьаҕас Хат этиппэккэ, хап-сабар Хаҥас атаҕын сөһүргэстээтэ, Илин иэйэхситтээх халлаан диэки Иннинэн эргилиннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Болот оһох хаҥас чанчыгар бэркэ ууһун киллэринэн, талах ынах оҥосто олорбута. Н. Заболоцкай
Иван хаҥас илиитин остуолга тоҕонохтоон, сыҥаах баттанан олорон, кэрэ-чуор куолаһынан ыллаан унаарытан киирэн барда. М. Доҕордуурап
2. Туох эмэ хоту диэки өттүгэр баар, хоту өттүнээҕи. Находяшийся на северной стороне чего-л.
Бастаан киирэн тугу да саҥарбакка олордо. Онтон уоскуйан баран дьонугар: «Дьэ абааһыны иһиттим, хаҥас ойуурга дьахтар кыланна», — диэн кэпсээтэ. Күндэ
Балаҕан хаҥас өттүгэр аҕамсыйа барбыт дьахтар кылбаа маҥан куобаҕы тириитин сүлэ олороро. Н. Якутскай
Дьиэ хаҥас өттүнэн [өтөх] биллэр-биллибэт ыллык тахсан барда. И. Данилов
Хаҥас (хара) дьиэ көр дьиэ I
Бэкирийэ Хара хаҥас дьиэттэн лиһиргээн кэлэн өҥөс гына түһээт, төттөрү сүүрдэ. П. Ойуунускай
Ыл, Хабырыыс, манан хаҥас дьиэҕэ аас: онно эт буһарбытым. С. Никифоров
Мин онно наар хаҥас дьиэҕэ (хотон дьиэ диэки өттүгэр, билии эркин кэннигэр оһохтоох, муостата суох, икки оронноох хоспоххо) олорбутум. СДТА. Хаҥас оҕун (халый, халыт) полит. — хаҥас бэлитиичэскэй баартыйаларга чугаһаа. Становиться более левым по политическим взглядам, леветь
[Бассабыык барахсан] Кэннинэн соҕус кэхтэн, Олус уҥа диэки охтубакка, Хабаана суох хаҥас диэки халыйбакка Элбэх киһи эрэйин сэрэйдэҕинэ Үчүгэй үөскүүрэ дуу. Өксөкүлээх Өлөксөй
Өскөтүн буруйа дакаастаммакка хааллаҕына, баайсан бэйэтин сэмэлэтиэ, былааскын үрдэппиккин, хаҥас халыйбыккын диэхтэрэ. Болот Боотур
[Өлөксөй] Бэлиитикэни хаҥас халытан, Биир холкуоһу ыспыта. С. Васильев
Хаҥас орон көр орон II. Уол хаҥас ороҥҥо ыалдьа сытар ийэтин улаҕатыгар ыстанна. Амма Аччыгыйа
Лоокуут түһээн көрдөҕүнэ, Ньургуһун хаҥас ороҥҥо олорон эрэн иистэнэн килбик маҕан тарбахтара иннэни субуйа хамсыыллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Огдоойо эмээхсин утуйан, хаҥас ороҥҥо муннун тыаһа сыыгыныыра. А. Сыромятникова. Хаҥас үлэлээ калька. — сүрүн үлэҥ таһынан кэбэҕэстик эбиискэ хамнастанар быстах үлэни үлэлээ. Подрабатывать дополнительно, иметь левый заработок
Тутулуннаҕына мөҕүллүө турар эбээт, хаҥас үлэлээбиккин, халтурщиккын диэхтэрэ. Э. Соколов
Сорох суобаһа суох тырахтарыыстар эрдэ буолуохтааҕар, лаппа хойутаан гараастан тахсаллара, путёвканы укта сылдьан хаҥас үлэлиир түбэлтэлэрэ тахсара. ТССКС
ср. п.-монг. хаҕас ‘половина’