Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дьүдьэй

туохт.
1. Иин-хат, ыр (ситэ аһаабаттан, ыалдьартан эбэтэр ыар үлэттэн о. д. а.). Худеть, тощать, сохнуть (от недоедания, болезни, непосильной работы и т. п.)
Кини бүтүн ый кэриҥэ мэлийэн баран, сындалҕаннаах айантан чоройо дьүдьэйэн, иэдэһэ хараара иһэлийэн төннүтэлиирэ. Софр. Данилов
Тииҥ бэс туорааҕын элбэхтик аһылыктаннаҕына, туораах сымалата дьабадьытыгар сыстан, устунан уоһа бааһырар, ол бааһа оспот, аһыырын мэһэйдиир, онтон сылтаан тииҥ дьүдьэйэн өлөр. Я. Семенов. Уҥуохтаах тирии буола дьүдьэйбит, хапкаан соһуулаах бөрөнү эмиэ өлөрбүтэ. ДьДьДь
2. Улам мөкүтүйэн, кэрээҥҥиттэн тахсан ис (киһи майгыта-сигилитэ буорту буоларын туһунан). Становиться невыносимым, бессовестным, дурным, портиться
Маннык оонньууну [хаартыны] эккирэтиһэр киһи үлэтин-хамнаһын көрүммэт, …… суобаһа сууллар, майгыта дьүдьэйэр. Эрилик Эристиин
Куһаҕан буол, буорту буол (хол., быраҕыллыбыт сир). Становиться негодной (о заброшенной земле)
Дойдуну киһи киэргэтэр, Киһитэ суох сир дьүдьэйэр. С. Данилов
3. Сытыйан, буортутуйан туһата суох буол. Становиться несвежим, гнить, протухать, портиться (о продуктах)
Балык дьүдьэйбит, киһи сиэ суох.  [Тайах этэ] дьүдьэйэн, харааран барбыта да, чэпчэки сыаналаах булт этин сирэ-тала барбатахтара, дьон, кыракыра да буоллар, атыылаһан барбыта. А. Сыромятникова
п.-монг. дьүдэ

кырый-дьүдьэй

туохт. Сааһыран олус мөлтөө. Стать немощным от старости
Оо, эрэйдээҕим иинэн-хатан, илиитэ атаҕа синньээн, көхсө хопчоллон, сирэйэ-хараҕа ньыппаллан, сэрбэйэн-арбайан, түргэнник да кырыйдадьүдьэйдэ. Болот Боотур

Якутский → Русский

дьүдьэй=

см. дьүдэй =.

Якутский → Английский

дьүдьэй=

v. to become skinny, thin; дьүдьэт= v. to make thin, cause to lose weight; дьүдьэх a. skinny, thin


Еще переводы:

похудеть

похудеть (Русский → Якутский)

сов. дьүдьэй, ыр.

дурнеть

дурнеть (Русский → Якутский)

несов. дьүдьэй, кэҕин.

худеть

худеть (Русский → Якутский)

несов. дьүдьэй, ыр.

опошлиться

опошлиться (Русский → Якутский)

сов. дьүдьэй, сымсаа, мөкүтүй.

подурнеть

подурнеть (Русский → Якутский)

сов. дьүдьэй, кэхтэн хаал.

осунуться

осунуться (Русский → Якутский)

сов. ыр, дьүдьэй, сулбу түс.

отощать

отощать (Русский → Якутский)

сов. разг. ыр, дьүдьэй, дьүүкэр.

исхудать

исхудать (Русский → Якутский)

сов. дэлби дьүдьэй, охто ыр.

тощать

тощать (Русский → Якутский)

несов. разг. ыр, дьүдьэй, иин-хат.

ухудшиться

ухудшиться (Русский → Якутский)

сов. куһаҕан буол, мөлтеө, дьүдьэй; отношение к нему ухудшилось киниэхэ сыһыан мөлтөөтө; его характер ухудшился кини характера дьүдьэйдэ.