дьүдьэй диэнтэн хай
аата. Дьүдьэйии бөҕөнү дьүдьэйэн баран, тоҕус төгүрүк сыл устатыгар хаайыыга, быаҕа сытан олорбутунан, ол кэлгиэтигэр өлбүтэ үһү. Саха фольк. Ынах кытарааһынын суох оҥоруу, саптарыыны былааннаахтык тэрийии, сүөһү дьүдьэйиитин утары охсуһуу …… тустарынан киэҥ кэпсэтии буолар. ПДН ТБКЭ
Якутский → Якутский
дьүдьэйии
дьүдьэй
туохт.
1. Иин-хат, ыр (ситэ аһаабаттан, ыалдьартан эбэтэр ыар үлэттэн о. д. а.). ☉ Худеть, тощать, сохнуть (от недоедания, болезни, непосильной работы и т. п.)
Кини бүтүн ый кэриҥэ мэлийэн баран, сындалҕаннаах айантан чоройо дьүдьэйэн, иэдэһэ хараара иһэлийэн төннүтэлиирэ. Софр. Данилов
Тииҥ бэс туорааҕын элбэхтик аһылыктаннаҕына, туораах сымалата дьабадьытыгар сыстан, устунан уоһа бааһырар, ол бааһа оспот, аһыырын мэһэйдиир, онтон сылтаан тииҥ дьүдьэйэн өлөр. Я. Семенов. Уҥуохтаах тирии буола дьүдьэйбит, хапкаан соһуулаах бөрөнү эмиэ өлөрбүтэ. ДьДьДь
2. Улам мөкүтүйэн, кэрээҥҥиттэн тахсан ис (киһи майгыта-сигилитэ буорту буоларын туһунан). ☉ Становиться невыносимым, бессовестным, дурным, портиться
Маннык оонньууну [хаартыны] эккирэтиһэр киһи үлэтин-хамнаһын көрүммэт, …… суобаһа сууллар, майгыта дьүдьэйэр. Эрилик Эристиин
△ Куһаҕан буол, буорту буол (хол., быраҕыллыбыт сир). ☉ Становиться негодной (о заброшенной земле)
Дойдуну киһи киэргэтэр, Киһитэ суох сир дьүдьэйэр. С. Данилов
3. Сытыйан, буортутуйан туһата суох буол. ☉ Становиться несвежим, гнить, протухать, портиться (о продуктах)
Балык дьүдьэйбит, киһи сиэ суох. [Тайах этэ] дьүдьэйэн, харааран барбыта да, чэпчэки сыаналаах булт этин сирэ-тала барбатахтара, дьон, кыракыра да буоллар, атыылаһан барбыта. А. Сыромятникова
п.-монг. дьүдэ
кырый-дьүдьэй
туохт. Сааһыран олус мөлтөө. ☉ Стать немощным от старости
Оо, эрэйдээҕим иинэн-хатан, илиитэ атаҕа синньээн, көхсө хопчоллон, сирэйэ-хараҕа ньыппаллан, сэрбэйэн-арбайан, түргэнник да кырыйдадьүдьэйдэ. Болот Боотур
Якутский → Русский
дьүдьэй=
см. дьүдэй =.
Якутский → Английский
дьүдьэй=
v. to become skinny, thin; дьүдьэт= v. to make thin, cause to lose weight; дьүдьэх a. skinny, thin
Еще переводы: