преувеличение.
Якутский → Русский
дэм
Якутский → Якутский
дэм
- аат.
- Туох эмэ табыла, туохха эмэ ордук табыллар кээмэйэ, балаһыанньата (сүнньүнэн тард. ф-гар тутлар). ☉ Суть, сущность кого-чего-л. (чаще употр. в притяж. ф.)
Дэмэ биллибэт. Дэмин ылбаппын. Дэмнэрин билсэр ахан дьон. Бырааттыы кэриэтэ үөскээбиттэрэ. ВВ ЫСЫ
Манна биһиги сорох салайар үлэһиттэрбит быһаарыыта суох саараҥ, дэмэ биллибэт буолан биэрэннэр, дьыаланы ордук күөртээтилэр. «Чолбон»
Санаа араас эгэлгэтэ салайтарбат, ситтэрбэт. Дууһа араас оонньуута Дэмин булбат, уоскуйбат. «Кыым» - Син оруннааҕы эбии күүркэтэн, эбэн кэпсээһин. ☉ Прибавление лишнего в рассказе, преувеличение
Күүстээҕин да иһин сүүрбэ бууттаах оҕуһу көтөхпүтүм диирэ дэм ини. «ХС» - даҕ. суолт. Дьикти, сөҕүмэр, уһулуччу. ☉ Небывалый, исключительный, необычайный
Чөҥөрө чүөмпэ саҕа Дириҥ далай түһүлгэ турбут, Дэм дэлэгэй ыһыах тэриллибит. П. Ойуунускай
Дэм дэлэгэй ыһыах тэлгэммит, дэлэй элбэх оонньуу туругурбут сирэ буолла. ПЭК ОНЛЯ I
◊ Эйэ дэмнээх - эйэни кэспэт, иирээнэ суох. ☉ Миролюбивый. Эйэ дэмнээх кэпсэтии
дэм-хом
аат. Үлүннэрии, күүркэтии, ордук-хоһу тыл (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар). ☉ Домыслы в рассказе, преувеличения, лишние несдержанные комментарии (употр. в отриц. ф.)
Кини [Боҕурҕана] суруйбут дьыалата, дэмэхомо суох, биир ыскаап буоллаҕа. И. Гоголев
«"Алтан туура" хотуура Айаннаатар эрэ дуо», - Дэмэ-хомо суох кэмнээх Дэһээтинэ диэн кэбис. Суорун Омоллоон
эйэ-дэм
аат. Чуумпу, нус бараан, нус-хас дьиэ-уот ис туруга, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара. ☉ Тихая, уютная, приятная во всех отношениях атмосфера, обстановка в доме
Бастакы кинигэттэн наар үөрүү-көтүү, уруйайхал, эйэ-дэм сылаас тыына илгийэрэ. Софр. Данилов
Еще переводы: