Якутские буквы:

Якутский → Якутский

дэҥнээ

туохт. Кими-тугу эмэ оһоллоон эмсэҕэлэт, өлөр. Нанести травму кому-л. (возможно, смертельную), увечить, поранить, ушибить
Миитэрэй дэҥнээбит хараҕын саба туттубутунан, хаҥас хараҕынан көрбүтэ, Мооһой Көстөкүүн атыттан түһэн эрэр эбит. Амма Аччыгыйа
Атаҕын улаханнык дэҥнээн, үлэлиир кыаҕыттан тахсан, Силип нөҥүө күнүгэр сыбыдах оҕуһунан дьиэлээбитэ. Күннүк Уурастыырап
Дьэппириэмҥэ бу күн эмиэ булт тосхойботоҕо - баара-суоҕа биир куобаҕы дэҥнээбитэ. В. Яковлев

Якутский → Русский

дэҥнээ=

поранить, ушибить; илиитин дэҥнээбит он ушиб руку.


Еще переводы:

дэҥнэт=

дэҥнэт= (Якутский → Русский)

побуд. от дэҥнээ=.

дэҥнэн=

дэҥнэн= (Якутский → Русский)

возвр. от дэҥнээ = стать жертвой несчастного случая; ушибиться, пораниться.

күрүөйэх

күрүөйэх (Якутский → Якутский)

аат. Хантан эмэ күрээбит эбэтэр күрээн сылдьар киһи. Беглец
Күрүөйэхтэри эккирэтиһэр этэрээт тиэтэлинэн Талбаны туораата. Амма Аччыгыйа
Ыт күрүөйэхтэри, үспүйүөннэри атахтарын суолунан ирдээн тутар. Г. Угаров
Күрүөйэхтэр маҕаһыыны халаабыттар, харабылы дэҥнээбиттэр. «ХС»

ушиб

ушиб (Русский → Якутский)

1. гл. дэҥнээтэ, өлөрдө (сээкэйин)
2. сущ. быһа түһүү, охсуллуу, дьуккурутуу, өлөрүнүү

дэҥнэн

дэҥнэн (Якутский → Якутский)

  1. дэҥнээ диэнтэн бэй. туһ. Хаарга батары түһэн сытар сөмөлүөт кутуругар ыараханнык дэҥнэммит дьон сыталлар. Амма Аччыгыйа
    Ити киэһэ Улахан алаас үрдүк кырдалын саҕатыгар Миитэрэй сааҕа дэҥнэнэн өлө сытарын ынах хомуйааччылар булбуттара. Н. Түгүнүүрэп
    Ол дьахтар уон алталаах-биэстээх уолчаана дьиэтиттэн түөрт көстөөх сиргэ оттуу сылдьан улаханнык дэҥнэммит. «Чолбон»
  2. Туохха эмэ оһоллонон эмсэҕэлээ, өл. Получить увечье, травму (возможно, смертельную), ушибиться, пораниться.
дэҥнэт

дэҥнэт (Якутский → Якутский)

дэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Дьон харахтарыттан сүтүөхтэригэр диэри уонтан тахсалыыта ыттылар да биири даҕаны дэҥнэппэтилэр. Болот Боотур
«Бу, сирэйгин туохха дэҥнэттин?» - диэн, Сүөдэр хараҕын хара таҥаһынан саба баана сылдьарын көрөн, оҕонньор ыйытар. Сүөдэр туох даҕаны диэн хоруйдуурун булбат. Н. Якутскай
Ийэтэ оҕом илиитин дуу, тугун дуу дэҥнэтэн киһинэн суруттардаҕа диэн сабаҕалаабыт. «ХС»

сыбыдах

сыбыдах (Якутский → Якутский)

даҕ. Ыҥыырдамматах; көлүүр сэбэ суох, көлүллүбэтэх. Неосёдланный; незапряжённый
Сыбыдах соноҕос соһуйан чохчос гыммытыгар, оҕуруот сүнньүөҕэ тостуох курдук хачыгырыы түстэ. Амма Аччыгыйа
Атаҕын улаханнык дэҥнээн, үлэлиир кыаҕыттан тахсан, Сиилин нөҥүө күнүгэр сыбыдах оҕуһунан дьиэлээбитэ. Күннүк Уурастыырап
Кылабыыһалаах тумулу таҥнары сыбыдах аттаах киһи сүүрдэн аллара үрэх хотоолугар киирэн хаалла. Эрилик Эристиин
ср. ДТС йапытах, йабытах, тув. чабдак, алт. дьабыдак

аһарыык

аһарыык (Якутский → Якутский)

даҕ. Туохтан эмэ хапсаҕайдык халбарыйан, аһаран биэрэр дьоҕурдаах. Имеющий способность ловко увертываться, уклоняться от какой-л. опасности. Оттон Батас Мөндүкээн оххо таптарбат аһарыык, оҕу илиитинэн хабан ылан тоһута тыытар, дьиэ тоҕус холлоҕоһун көтүрү анньан тахсан куотар. Саха сэһ
1977
Ол эрээри Тэппэй Бөтөстүүн биир да моҕотойу дэҥнии иликтэр: арбахха дуу, сыгынахха дуу хаайтардахтарына сыыһа бырахтараллара, оҕустараллара — оннук сымсаҕай, аһарыык этилэр. «ХС»
Адьарай кыыһа, — аһарыык бэрдэ, Часкыйа-часкыйа Чалахайынан тыбыырда, Таҥнары халарыктаата, Хахаара-хахаара Хаанынан хаһыырда. П. Ядрихинскай

эчэй

эчэй (Якутский → Якутский)

туохт. Алҕаска туоххун эмэ дэҥнээ, оһоллон; илиигин, атаххын тоһут. Получить увечье, травму; сломать, повредить конечности
Оһолломмут чыычаах оҕото …… иннэ курдук сотото Эчэйэн хаалаахтаабыт. Ф. Софронов
[Быраатын] тустуон сөптөөх диэн тириэньэрдэр эрчийиэхтэрин баҕаран кэпсэтэ сылдьыбыттарын ийэлээх эбэтэ эчэйиэ диэн көҥүллээбэтэхтэрэ. Т. Находкина
Массыыната түҥнэстэн, улаханнык эчэйбитин, саамай кутталлааҕа, сиһин тоноҕоһун таарыйтаран, хамсыыр кыаҕын сүтэрбитин дьонтон истибитэ. Лоһуура
ср. монг. эцэх ‘уставать, утомляться; изнуряться, выбиваться из сил; худеть’

куһаҕаннат

куһаҕаннат (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугу эмэ уйбакка мөлтөө-ахсаа; хоттор. Ослабеть, сдать, занемочь; сплоховать
Хотторбуттара хотуолаата, куһаҕаннаппыттара кутурда, ыксаабыттара ыллаата, итирбэтэхтэрин диэкитэ дьиэлээтэ. А. Софронов
Арай кинилэр биирдэ куһаҕаннатан турардаахтар. М. Чооруоһап
2. Булду табан баран, тыын сиригэр түбэспэккэ, өлөрүмэ (саа, айа, сааһыт тустарынан). Подранить зверя, дичь (об охотнике, стреляющем из ружья, или о самостреле)
Сүлүһүннээх эбиэн ырбата буур тайаҕы туос иһит курдук тобулу түһэрэ мөлтөөбүт, куһаҕаннатан куоттартыыр буолбут. Амма Аччыгыйа
3. харыс т. Алҕас киһини дэҥнээ (хол., саанан). Нечаянно ранить или убить человека (напр., выстрелом)
Оҕонньор, баҕар, сыыһа туттан, куһаҕаннатыам диэн, куттаары эрэ, үрдүнэн ыппыт. «ХС»