1) уст. кровожадный (эпитет боевого холодного оружия); илбистээх батас кровожадная пальма (старинное боевое холодное оружие); 2) обладающий особой силой внушения (напр. о шамане, певце-сказителе); проникновенный (о речи, песне).
Якутский → Русский
илбистээх
Якутский → Якутский
илбистээх
даҕ.
1. эргэр. Хаанымсах, хааҥҥа баҕалаах, хааҥҥа курдаттыы тартарар (үксүгэр кыргыс сэбин туһунан). ☉ Кровожадный (эпитет, характеризующий боевое холодное оружие); имеющий страсть к убийству, к резне
Оннооҕор буолуох бухатыырдарга илбистээх илиилэммит киһибин. Саха фольк. Хайа, тэбиик мохсоҕоллорум, Илбистээх биилээхтэргит санаалара көнньүөрэн, Оботтоох уһуктаахтаргыт утахтара ханан кэллэ дуо? И. Гоголев
Бөрө бөтүҥнэр маннык айылаах илбистээх сэрии сэбэ кинилэр эттэригэр-хааннарыгар ананан оҥоһуллан эрэрин билбэттэр. «Чолбон»
2. Киһини абылыыр күүстээх; дириҥ иэйиилээх, долгутуулаах, ылыннарыылаах, курдаттыы тардар (тыл, ырыа туһунан). ☉ Обладающий особой силой внушения, способностью зачаровывать (напр., шаман, певец-сказитель); проникновенный (о речи, песне)
Аартык иччитин ыллаабыт киһи ырыатын кыайбата. Бу ырыа чиҥ хатан, дириҥ, илбистээх, улуутуҥу соҕус буолуох тустаах этэ. П. Ойуунускай
Саха тыла - наһаа баай, күүстээх, били этэргэ дылы, кырдьык да имэҥнээх, илбистээх тыл. Күннүк Уурастыырап
Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларын төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри... Суорун Омоллоон
Ол эрээри оҕонньор ити бүрэ тас көрүҥэр холооно суох киһини итэҕэтэр сүлүһүннээх тыллаах, илбистээх биллэр ойуун этэ. С. Курилов (тылб.)
Еще переводы: