густой молодой лес.
Якутский → Русский
иһирик
Якутский → Якутский
иһирик
- даҕ. Наһаа хойуу. ☉ Густой, плотный
Ичигэс салгын - Итир былыты аҕалан, Иһирик самыыр түһэн Туоллан-тупсан турдум [хатыҥ]. Саха нар. ыр. I
Тимир иһирик Тиэрэ ханары баттаҕа Күөх уотунан Күлүбүрүү умайда... П. Ойуунускай
Хас иһирик ойууру, симилэх талаҕы барытын тумнан ааһа-ааһа, кини хайыһарын суолунан батыһан иһиэхтэрэ эбитэ буолуо дуо? Амма Аччыгыйа
Иһирик ыарҕаны быыһынан синньигэс ыллыгынан иһэбит. «Кыым» - аат суолт. Хойуу кыра мастаах ойуур. ☉ Густой молодой лес
Кинилэр биэс түүннээх күнү быһа түҥ хара тыаны, маары, иһириги кэтэн, эрэйбуруй бөҕөнү көрөн баран, дьон баар сирин булбуттара. Суорун Омоллоон
Оҕонньордоох кыыс тыаҕа киирэн, кыыл ыллыгын устун баран истилэр, тымныы тыал эккирэтиспэхтээн иһэн, иһириккэ киирэн, сүтэн хаалла. Л. Попов
Иннилэрин диэки икки улахан тоҕой силбэһиитигэр, хойуу иһирик иһигэр, туох эрэ көтөр саҥаран кэбигирээтэ. Н. Заболоцкай. Тэҥн. симилэх, ыркый, сыҥ I, сыбар
Еще переводы: