Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көлбөрүтүү

көлбөрүт диэнтэн хай
аата. Мин иннибэр икки суол баар: биирэ — олох билиммэккэ, докумуоҥҥа олохтонон, атын подотчеттаах дьоҥҥо көлбөрүтүү, иккиһэ — билинии уонна чэпчэтиигэ туруорсуу. М. Попов
Айыахсуруйуох киһи самнан хаалтым диэх курдук этээччилэр баар буолааччылар да — ол бэйэ кыамматаҕын атыҥҥа көлбөрүтүү эрэ. «Кыым»

көлбөрүт

көлбөрүй диэнтэн дьаһ
туһ. Эн суос-соҕотох Сылаас сыдьаайыҥ Өлүөнэ эбэ хотун Күтүр мууһун көлбөрүтэр. С. Данилов
Ойуур дьоно бары этэллэр — суоппар испэтэҕэ диэн. «Аһыналлар, көлбөрүтэллэр», — дииллэр силиэстийэлээччилэр. Н. Габышев
Хата кэлин үлэ итэҕэһин, туох туолбатаҕын барытын партийнай тэрилтэ сабыдыала мөлтөҕөр көлбөрүтүөҕэ. «ХС»

Якутский → Русский

көлбөрүт=

побуд. от көлбөрүй = избавляться от чего-л.; сбывать что-л.; сорудаҕы бэйэтиттэн көлбөрүтэр он уклоняется от поручения.


Еще переводы:

сэлээн

сэлээн (Якутский → Якутский)

I
аат. Тугу эмэ атын киһиэхэ бэйэҕиттэн көлбөрүтүү, атын киһиэхэ сүктэрии (хол., эппиэтинэһи, толоруохтаах үлэҕин). Перекладывание ответственности за что-л. на других, навязывание чего-л. (напр., своих обязанностей) кому-л. [Баһылай:] «Аны мин сэлээним буолсу дии?» А. Софронов
ср. эвенк. сэлэн ‘обвинение’, сэлэ ‘обвинять’
II
көр силээн I
Өндөрүүскэ сыһыыны туораан, от үрүйэ кытылын кэрийэн, улахан үрэх сэлээнигэр киирэн кэллэ. В. Протодьяконов. Үрэх сэлээнэ буолан тыал курдары охсоро. Тумат

көлбөрүтүс

көлбөрүтүс (Якутский → Якутский)

көлбөрүт диэнтэн холб. туһ. Тэрилтэлэр салайааччылара буруйтан куотунан, эппиэтинэһи бэйэбэйэлэригэр көлбөрүтүһэ сатаатылар. «Кыым»

көлбөрүтүһүү

көлбөрүтүһүү (Якутский → Якутский)

көлбөрүтүс диэнтэн хай
аата. Ол хардарыта көлбөрүтүһүү түмүгэр, сорох мөлтөх дьиссипилиинэлээх оҕолор атах туппай бараллар, атын ыаллар тэлгэһэлэрин кээмэйдииллэр. Р. Баҕатаайыскай
Бэйэттэн аһарыныы, көлбөрүтүһүү, ирдэбил суоҕа алдьатта. Сирэй эппиэттээҕи кими да булбаккын. Г. Нынныров

силиэстийэлээччи

силиэстийэлээччи (Якутский → Якутский)

көр силиэдэбэтэл
Ойуур дьоно бары этэллэр: «[Суоппар] испэтэҕэ», — диэн. «Аһыналлар, көлбөрүтэллэр», — дииллэр силиэстийэлээччилэр. Н. Габышев
«Оччоҕо туох буоларын бүтэйдии кэтэһэн баран олоробут дуу?» — силиэстийэлээччи сөпсөөбөт. «ХС». Никодим, эн силиэстийэлээччи, оттон мин силиэстийэлэнээччи курдук буолабыт дуу… «Чолбон»

сэлээнньит

сэлээнньит (Якутский → Якутский)

аат. Бэйэтиттэн тугу эмэ (хол., эппиэтинэһи) атын киһиэхэ көлбөрүтэр киһи. Тот, кто любит навязывать что-л. кому-л., перекладывать что-л. на других. Бу киһи — сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх да, өссө сэлээнньитэ бэрт буоллаҕа!

көлбөрүтүн

көлбөрүтүн (Якутский → Якутский)

көлбөрүт диэнтэн бэй
туһ. Бары көлбөрүтүннүлэр дии. Чэ, оччоҕо айылааҕын мин буруйдаах буолуум. Софр. Данилов
Дьэ ити, эдэр дьон эрээри, көстөн да турар буруйу көлбөрүтүнэ сатыыллар. П. Егоров
Дмитрий Петрович ханнык да уопсастыбаннай үлэттэн көлбөрүтүнэр, туора турар диэни сатаабат этэ. НЕ ТАО

табалыы

табалыы (Якутский → Якутский)

  1. сыһ. Таба курдук, табаны санатардыы. Как олень, напоминая оленя
    Дохсун тыал күүлэйдиир сиригэр, Туундара киэҥ куйаар иэнигэр Ырыган табалыы сиэлэрбит, сэниэ-күүс эстэн сиҥнэрбит. Эллэй
    Өрүкүйэр бороҥ санаалара Үргүбүт кыыл табалыы Үөмэхтэһэ сырсаллар. С. Васильев
  2. даҕ. суолт. Табаҕа майгынныыр. Похожий на оленя, подобный оленю
    Табалыы киэҥ чох-хара хараҕынан дьалбарыттым, өлүү бөҕөнү көлбөрүттүм, халыҥ табаннаатым, хос табаннаатым. ХИА КОВО
сыҕайыс

сыҕайыс (Якутский → Якутский)

туохт. Итэҕэһи, сыыһаны-халтыны бэйэ-бэйэҕэр түһэрис, көлбөрүтүс. Валить друг на друга что-л. (напр., вину)
Саллар сааспыт тухарыттан Сабардаабыт батталы Санныбытынан сыҕайсан …… Көрдөспүт кэрэ олохпутун Көҕүлүттэн тутан Көҕүлээн эрдэхпит. Нор. ырыаһ. Сыһыана да суохха Сыҕайсан туран, Күттүөнэ да суохха Күөнтэһэн туран …… Көстүүлээх сиргэ Күлэн-үөрэн Күүдэпчилэнэ олорор эбит. В. Алданскай
Тэрилтэлэр бэйэ-бэйэлэригэр сыҕайсан сүгүнсаҕын быһаарбакка, тиһэҕэр агропром холбоһугун сэбиэтигэр көлбөрүтэн кэбиһэр түбэлтэлэрэ эмиэ баар. «ХС»

сэлээннээ

сэлээннээ (Якутский → Якутский)

туохт. Тугу эмэ (хол., толоруллуохтаах үлэни) бэйэҕиттэн атын киһиэхэ көлбөрүт, найылаа. Навязывать кому-л. что-л. (напр., какую-л. работу); взваливать что-л. на чужие плечи, перекладывать свои обязанности на других
Билигин, дьэ, бэрт баҕайы: ким да кимиэхэ да сэлээннээбэт. Кэлим биригээдэ барытын бэйэтэ оҥорор. Г. Нынныров
Күүстээх улахан эр дьон бары дьиэлэригэр хаһыат ааҕа олороллор — кинилэр тоҕо ыарахан тимири, металлолому таспаттар, кыра оҕолорго сэлээннииллэр? «ХС»
[Эдик:] Общественнай миэстэни куурдуу, тупсарыы барыта эн эппиэтиҥ! Онтун өссө миэхэ сэлээннээри гыммыт дии... «ХС»

үтэй

үтэй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кими, тугу эмэ үтүрүйэн бэйэҕиттэн тэйит эбэтэр халбарыччы ас. Отодвинуть, оттеснить, оттолкнуть кого-что-л. от себя
Эмискэ соҕурууттан илгийэр ичигэс тыал тымныы салгыны Үтэйэн үлэ киһитин уруйдуурдуу сымнаҕас хаары өрүкүтэн ааста. Болот Боотур
Оттон куйаас күннэри үтэйэн, ыараханнык аллара намылыйбыт былыт лүҥкүрэ бүрүйдэ. П. Аввакумов
Наһаа кыыһырбыт Миитээс кыыһын күүскэ халбарыччы үтэйэн кэбистэ. В. Протодьяконов. Даадар кэлэн оҕонньору торуоскалаах илиититтэн ылла, аан диэки үтэйдэ. «ХС»
2. кэпс. Тугу эмэ бэйэҕиттэн атын киһиэхэ халбарыт, көлбөрүт (хол., үлэни). Свалить, скинуть, переложить что-л. на кого-л. (напр., работу)
Сөдүөччүйэ ити дьоһуннаах дьыаланы оҕонньоругар үтэйэрэ табыллыа суох. В. Гаврильева
Оҕо эрдэҕиттэн аҕата үөрэппитин курдук, хаһан даҕаны толлон турбат этэ, ыараханы, кытаанаҕы доҕотторугар үтэйбэт буолара. «Кыым»
3. эргэр. Саха төрүт итэҕэлинэн, киһини-сүөһүнү булбут абааһыны төттөрү үүр (ойуун туһунан этэргэ). По старинному якутскому поверью: прогонять, изгонять, спроваживать (злого духа — о шамане)
Оо, кырдьаҕас, күн-ый буол, аһын-абыраа! Ити абааһылары үтэйэн көр, хара көлөһүҥҥүн умнуохпут суоҕа. П. Ойуунускай
Сүдү ойууну ыҥыран аҕалан кыырдаран, кини ыар тыынын бу Орто дойдуттан үтэйэн баран, көмөн кэбиспиттэр. И. Федосеев
Мэлгэйбээт туох да бокуойа суох ол абааһылары хаһан да эргиллибэт гына үтэйиэн иһин кыаҕа тиийбэт. «ХС»