аат. Бэйэ бэйэҕэ хардарыта көмө оҥоруу. ☉ Взаимопомощь
Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи патриархальнай-родовой тутул сабыдыалынан, сахаларга хаһаайыстыбалар хардарыта көмөлөсүһүүлэрэ, кыттыһан үлэлээһиннэрэ балайда тарҕаммыт этэ. И. Аргунов
Холобур, дьиэни көмөлөөн хомуйуу, аһы астааһыҥҥа да көмөлөсүһүү — бииргит саҕалаабыт үлэтин иккис киһи салгыы оҥорон түмүктүөн сөп. ФВН ТС
Якутский → Якутский
көмөлөсүһүү
көмөлөс
туохт.
1. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ гынарыгар эбии күүс буол, эбии көмө буол. ☉ Помогать, оказывать помощь кому-л. в чем-л.
Миша доҕоро таҥнарыгар көмөлөстө. Н. Лугинов
Кыһыллаай сайынын дьонугар көмөлөһөрө, кыраны ону-маны үлэлиирэ. Л. Попов
[Петя:] Тыраахтарынан балбаах тиэйэ кэллим. Ким баарый, көмөлөһүҥ. С. Ефремов
2. Кимиэхэ эмэ үп, ас-таҥас өттүнэн көмө буол; кими эмэ үбүнэн, аһынантаҥаһынан салҕаа. ☉ Оказывать материальную помощь кому-л.
Детдом оҕолоро киниэхэ күн сарсын ас таһааран биэрэн көмөлөһүөх буоллулар. Н. Заболоцкай
Мотуруонаҕа харчынан көмөлөһүөх буолла. Н. Павлов
Сорохтор көлөнөн, бурдугунан, ичигэс таҥаһынан көмөлөспүттэр. И. Никифоров
3. Өйөбүл, тирэх буол; сүбэ-ама буол. ☉ Оказывать содействие кому-л. в чем-л., поддерживать кого-л. в чем-л. (напр., морально, идейно)
[Чокуурап:] Эһиги холкуостаахтар, кириитикэни сайыннарыҥ. Онуоха баартыйа көмөлөһүө. С. Ефремов
Холкуос атын үлэлэригэр олохтоох үчүгэй сүбэлэринэн көмөлөспүтэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
Оҕо кыра эрдэҕинэ улахан дьон бэлиэтии көрөн, сэҥээрэн: «бу оҕо дьоҕурдаах», «бу оҕо талааннаах» дииллэрэ кэлин сайдарыгар күүһү-уоҕу биэрэр, көмөлөһөр. ОАП ОДьТС
4. көсп. Туһалаа, үчүгэй түмүккэ тиэрт. ☉ Приносить пользу, доводить до хорошего результата
Бу эмп көмөлөһөр эбит. — Хахха сиргэ сөрүүкээһин син биир көмөлөспөт. И. Данилов
Якутский → Русский
көмөлөс=
помогать, содействовать, оказывать помощь; үлэҕэ көмөлөс = помочь в работе; үбүнэн көмөлөс = оказать денежную помощь; бу эмп көмөлеспөт это лекарство не помогает.
Якутский → Английский
көмөлөс=
v. to help
Еще переводы: