Якутские буквы:

Якутский → Якутский

миин

I
туохт.
1. Көлө үрдүгэр тах сан атахтаргынан кыбыйан сүктэрэ олор (хол., акка, оҕуска). Садиться вер хом (напр., на лошадь, на быка)
Атын мииннэ.  Мачайар Баһылай биэс мөһөөххө барбатах бадьара дьоруо атын миинэн алааһы хайа хаамтаран тахсар. Саха фольк. Тот аты тутаат, миинэн айаҥҥа илдьэ бардахха, ат ол күнүнэн сыата ууллан, этэ-хаана харааччы буһан хаалыахтаах. Н. Заболоцкай. Тороев бадарааҥҥа батыччахтаан, хара эбириэн буолбут атын быһыта кымньыылаан, дьөлүтэ тиҥилэхтээн, мииммитинэн өрүскэ киллэрдэ. Л. П опов
Айанныыр тэрилгэ олор, тур (хол., хайыһарга, тыыг а). Становиться на что-л., садиться куда-л. с целью передвижения (напр., на лыжи, в лодку)
Күөл диэки эргийэн көрбүтүм: били оҕон ньорум тыыннааҕар миинэр тыытын түгэҕэ эрэ маҥхайан сытар. Н. Н еустроев. Илим көрө Бүөтүр тыытын миинэр. Эрдии салбаҕа килбэҥниир саһарҕаҕа. И. Гоголев
Разведчик сотору тумулу эргийэ сүүрдэ. Мааҕын көрбүт хайыһарын булан мииннэ да, үрэх сиһигэр өрө анньынан таҕыста. М. Д оҕордуурап. Дьүкээбил [киһи аата] миинэн иһэр болуота хамсаабат буола хам тоҥон хаалар. Н. Якутскай
2. көсп. Ыарык-баттык буолан эрэйдээ (хол., санаа-оноо, кыһалҕа). Ложиться тяжёлым бременем на кого-л.
Сордоох ку раан дьыллар кэлэн умса миинэн эрэллэр. М. Доҕордуурап
Киил оҕонньору эмиэ санаа бөҕө таҥнары мииниэ. Н. Лугинов
Оҕонньордоох эмээхсин барахсаттар, уһун кэм устата сэрии миинэн, олус дьадаҥытык олороллоро. И. Сосин
3. Баттаан-үктээн олор, көлөһүннээ. Эксплуатировать кого-л., присваивать ч у ж о й т р у д
[Былтаҕар Былатыан:] Миигиттэн үс оҕо төрөөн өллө. Саа һым тухары үс ынахтан ордук баайдана иликпин. Ол барыта миигин баай быһа мииммититтэн оннук. Күндэ
Сэмэн эмиэ доруобай киһи этэ. Атыт тар эмиэ оннуктара. Олору барыларын батталлаах баай кылааһа умсары миинэн олорор. Бэс Дьа рааһын. Истэрим мин аҕам ынырык сэ һэнин — Баай хайдах кинини үлэҕэ миим митин. И. Артамонов
ср. др.-тюрк. бин ‘садиться верхом’, мин ‘подниматься; выходить; садиться верхом’
II
аат. Эт, балык (амтана барар курдук) буһар уутун араас тумалаан бэлэмнэммит убаҕас аһылык. Суп, бульон, уха
Собо миинэ. Хаппыысталаах миин.  Оҕонньор итии миини иһэн бурдьугунатара иһиллэр. М. Доҕордуурап
Охоноон эмис собо сытынан бургучуйар чугуунун остуолга уурда, кыһыл көмүс эбирдэринэн кылбачыйар мииҥҥэ, үүт кутан, ытыйбахтаата. Л. Попов
Барбатах балык миинин курдук көр балык. Барбатах балык миинин курдук барык дойдуга — Олоҥхо, өлүү сиригэр Охоноос баарын курдуга. Эллэй
Ис миинэ киһи көр ис IV. Бары өттүнэн дьоҥҥо сөбүлэтэр дьиҥнээх ис миинэ киһи этэ. «ХС»
Миинин (минин) <да> тартарбат — иҥин да таттарбат диэн курдук (көр иҥ II). Сээдьэҥкэ санаатыгар миинин да тартарбакка, Силип босхоломмут үөрүүтүттэн көтүөр кыната эрэ суохтук сананан, дьиэлиир суолунан хааман суксуйбутунан барбыта. Күннүк Уурастыырап
«Отчуоттуур кэм хаһан эмэ кэлиэхтээх эбээт», — д и э н к э б и с т э А к и м Романович миинин тартарбакка. Н. З аболоцкай. Үйэ уларыйда. Киһи эмиэ. Ону сорохтор билэ иликтэр, билбиттэрин да иһин, мииннэрин да тартарбаттар. А. Сыромятникова. Миин курдугунан көр — иччитэ суоҕунан мээнэнэн көр. Смотреть бессмысленными, мутными, затуманенными глазами
Минньигэһиргээн испит били суоппарбыт Миин курдугунан мэндээриччи көрөкөрө, Тимир көлөтүгэр тиийэн кэллэ! Р. Баҕатаайыскай. Тэҥн. мэндээриччи көр (көр көр I). Миинэ барар — син эмис эт буолан миинэ амтаннаах. Довольно жирный (о мясе)
Син миинэ барыыһы. «ХС». Утар. миинэ барбат. Миинэ барбат — олус көтөх эт буолан миинэ олох амтана суох. Постный, нежирный (о мясе). Миинэ олох барбат, көтөҕө бэрт эт. Утар. миинэ барар
ср. др.-тюрк. мүн ‘похлёбка, суп’, чулым. мүн ‘уха’, алт. мүн ‘суп’

Якутский → Русский

миин=

садиться верхом; атын мииннэ он сел верхом на своего коня; миинэр ат верховая лошадь.

Якутский → Английский

миин=

v. to ride (a horse, etc.)


Еще переводы:

ездит

ездит (Русский → Якутский)

гл.
айанныыр, сылдьар (сырыт); миинэр (миин)

суп

суп (Русский → Якутский)

сущ.
миин
Собо миинэ. Хаппыысталаах миин.  Оҕонньор итии миини иһэн бурдьугунатара иһиллэр. М. Доҕордуурап.

үөллэн

үөллэн (Якутский → Якутский)

үөллээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Үөллэммит миин — аҕыйах эттээх, ис үөрэтин кытта бииргэ буһарыллыбыт миин

бэрмисиэл

бэрмисиэл (Якутский → Якутский)

аат. Лапса синньигэс көрүҥэ. Вермишель. Мииҥҥэ бэрмисиэллэ кут

сэлиэйдэн

сэлиэйдэн (Якутский → Якутский)

сэлиэйдээ диэнтэн атын. туһ. Миини хойуннарыаҕы баҕардахха сэлиэйдэнэр. ЭХК

төбүрэҕир

төбүрэҕир (Якутский → Якутский)

көр төбүрэхтэн. Мииҥҥин көрө сырыт, төбүрэҕирдэр эрэ, баһан кэбиһээр

верхом

верхом (Русский → Якутский)

нареч
миинэн

төбүрэхтэн

төбүрэхтэн (Якутский → Якутский)

туохт. Төбүрэхтээх буол (хол., миин туһунан). Давать пенку, накипь (напр., о супе). Туртас этин миинэ наһаа төбүрэхтэнэр

сэлиэй

сэлиэй (Якутский → Якутский)

аат. Миини бурдугунан хойуннарыы. Мучная заправка для супа
[Сайыына] Миинин барытын истэ. Сэлиэйэ суох буолан баран, бэрт миин эбит. Г. Угаров
Оргуйбут миинтэн баһан ылан, сойбутун кэннэ сэлиэй оҥоһуллар уонна оргуйа турар мииҥҥэ кутуллар. ТИИ ЭОСА
Тугукка үүт аһылык икки ардыгар эбии бурдугунан оҥоһуллубут хааһы сэлиэйи биэрэллэр. ТНС ОКТК
ср. бур. шүлө, шүлүн ‘суп, похлёбка’, маньчж. силэ ‘мясной отвар, бульон, суп’

мииннэр=

мииннэр= (Якутский → Русский)

1)* *побуд. от *миин = сажать *кого-л. верхом; уолу оҕуска мииннэр = посадить мальчика на быка; 2) разг. огреть; сискэ мииннэр = огреть по спине.