Якутские буквы:

Русский → Якутский

необычный

прил
ураты, туспа, атын

необычный

прил. ураты, туспа, атын.


Еще переводы:

неурочный

неурочный (Русский → Якутский)

прил. 1. (не установленный договором и т. п.) кэпсэтиигэ суох, кэпсэтии таһынан; 2. (необычный, неподходящий) тоҕооһо суох, себе суох; в неурочное время тоҕооһо суох кэмҥэ.

эксцентрический

эксцентрический (Русский → Якутский)

прил. 1. театр, эксцент-рическэй (наһаа дьүөрэтэ суох дорҕооттору, көстүүлэри эбэтэр олус дьикти, киһини күллэрэр ньымалары туттууга олоҕурар); 2. (необычный) напаа дьиибэ, напаа дьикти.

оказия

оказия (Русский → Якутский)

ж. 1. уст. (удобный случай) тоҕоос, уолдьах, тоҕоос түбэһиитэ; послать письмо с оказией суругу кэлээччинэн-барааччынан ыыт; 2. разг. (необычный случай) дьикти, дьикти түбэлтэ; вот так оказия! дьикти даҕаны!

эриэккэс

эриэккэс (Якутский → Русский)

1) редкость || редкостный, редкий, необычный; эриэккэс кыылы көрдүм я увидел редкостного зверя; эриэккэс киһи странный человек; 2) чудный, прекрасный, изумительный; этиэхтэн эриэккэс невыразимо прекрасный; этиэхтэн эриэккэс айылҕалаах дойду страна с неописуемо прекрасной природой.

уратытык

уратытык (Якутский → Русский)

нареч. особенно, иначе; уратытык саҥарар көтөр необычно поющая птица.

дьиктитик

дьиктитик (Якутский → Русский)

нареч. странно, необычно; дьиктитик туттар-хаптар он ведёт себя странно.

редкий

редкий (Русский → Якутский)

прил. 1. (не густой, не частый) убаҕас, сэдэх; редкие волосы убаҕас баттах; редкий лес сэдэх ойуур; редкое население сэдэх нэһилиэнньэ; 2. (о ткани) арыттаах; 3. сэдэх, хам-хаадьаа буолар, дэҥҥэ көстөр; редкий гость дэҥҥэ көстөр ыалдьыт; редкие выстрелы сэдэх саа тыаһа; 4. (необычный) сэдэх; биир эмэ; редкое имя сэдэх аат; 5. (исключительный) дэҥҥэ көстөр; редкие способности дэҥҥэ көстөр дьоҕур.

неестественный

неестественный (Русский → Якутский)

прил. 1. (противоестественный) быстах; неестественная смерть быстах өлүү, быстах өлүүнэн өлүү; 2. (ненормальный, необычный) дьикти, одуу, олуона; у него цвет лица неестественный кини сирэйин дьүһүнэ дьикти; в его поведении было что-то неестественное кини туттар быһыытыгар туох эрэ дьикти баара; вскрикнуть неестественным голосом киһи атыҥырыыр куолаһынан кылана түс; 3. (деланный, притворный) оҥоро сатаан (туттунар), албын, истиҥэ суох; неестественный смех албын күлүү; 4. (по величине, силе и т. п.) киһи дьиктиргиир, сөҕүмэр; нестись с неестественной быстротой киһи дьиктиргиир түргэнинэн баран ис.

особенно

особенно (Русский → Якутский)

нареч. 1. (необычно) ураты; было особенно много народу дьон ураты элбэх этэ; 2. (в особенности) уһулуччу, чуолаан, ордук; особенно приятно видеть старых друзей өрдөөҕүттэн доҕотторгун көрөрүҥ ордук үчүгэй.

халтарый=

халтарый= (Якутский → Русский)

скользить; мууска халтарыйдым я поскользнулся на льду; халтарыйан оҕунна он поскользнулся и упал # харах халтарыйар а) очень много, разнообразно; б) очень красиво, красочно, необычно.