Якутские буквы:

Якутский → Русский

одун

фольк.: одун халлаан вышнее нёбо; Одун хаан Вышний властитель рока; одун биис племя злых духов верхнего мира.

Якутский → Якутский

одун

даҕ.
1. фольк. Улуу, модун, дьолуо. Величественный, мощный
[Ньургун Боотур:] Мин диэтэх киһи Одун биистэн оҥоһуллубут, Дьылҕа тойонтон төрүттэммит киһибин. Ньургун Боотур
Одун халлаан оҥорбут, чыҥыс биис айбыт. Саха фольк. Эриэн кыылым эриллэ сытан Одун кыылбар эттэ. П. Ойуунускай
2. эргэр. Улаатан эрэр, эрдэҕэс (оҕо). Подросший, подросткового возраста (ребёнок). Оҕото билигин одун сааһыгар сылдьар
Одун хаантан оҥоһуулаах, <чыҥыс хаантан дьылҕалаах> фольк. — улаханнык биллэр төрүттээх-уустаах. Происходящий из знатного, высокого рода. Одун хаантан оҥоһуулаах, Огдолуйбат улуу күүстээннэр Олохтообуттар эбит. П. Ойуунускай
ср. монг. одон ‘звезда; судьба; счастье’


Еще переводы:

сүҥкэдий

сүҥкэдий (Якутский → Якутский)

туохт., фольк. Тугунан эмэ аатыр, улуутуй. Возвеличиться, прославиться. Одун биис олоҕо сүҥкэдийбит. Саха фольк.

оһообуй

оһообуй (Якутский → Якутский)

даҕ. Мөлтөөбүт-ахсаабыт, улаханнык кырдьыбыт. Ослабевший от старости, состарившийся
Кэлэллэр оһообуй оҕонньоттор, Элбэх эмчиирэ эмээхситтэр, Улуутуйар одун тойонньуттар, Ачыаһырар айыы симэхситтэр. Таллан Бүрэ

отохтоо

отохтоо (Якутский → Якутский)

отохсуй диэн курдук
Ап-Чарапынай, Муос Нооноҕой уол оҕо Одун Хаантан оҥкулланан, Дьылҕа Хаантан дьылҕаланан …… Сүр буолан сүүдүйэн, Орто туруу дойдуга Отохтоон үөскээбитэ Отут сылын туолла. П. Ядрихинскай

артыаллаа

артыаллаа (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Доҕуһуол буол. Сопровождать, сопутствовать; соединять
«Ол тоҕо кэллиҥ», — диэтэххинэ, хороҥ айыыбыт холбообут үһү, ахтар айыыбыт артыаллаабыт үһү, Одун биис оҥорбут үһү. Саха фольк. Аалай сүрэҕэр артыаллаан, Айхалынан айан, Аһатан атаахтаппыт Аҕабыттан арахсан, Айманан эрэбин. А. Софронов

кургуом

кургуом (Якутский → Якутский)

сыһ., кэпс. Мэлдьи буоларын курдук, өрүү. Постоянно, всегда
Төһө да дьадаҥы буолан, биир ытыс бурдук миэхэ наадалааҕын иһин, кургуом уоруйахтанар үчүгэй буолбатах. Эрилик Эристиин
Саха олоҥхотугар Чыҥыс-хаан, Одун-хаан ааттара кургуом ааттаналлар. «Чолбон»
ср. русск. кругом

оттун

оттун (Якутский → Якутский)

отун диэнтэн бэй
туһ. [Ньургун Боотур:] Айыы оҕото, Аан дойдугар тахсаҥҥын, Аал уоту оттунаҥҥын, Алаһа дьиэни иччилээ. П. Ойуунускай
Одун куйаар дойду Уруйдаах олоҕор орооһуҥ, Алгыстаах силиктээх Алаһа дьиэтэ ахталытыҥ, Аал уотта оттунуҥ! С. Зверев

оччугуйдук

оччугуйдук (Якутский → Якутский)

сыһ. Бэрт кыратык, аччыгыйдык, дуона суохтук. Немного, немножко, чуть-чуть. Оччугуйдук аҕа
Мин олорбут одун олохпун хатылыам этэ Оччугуйдук да халбаҥнаабакка. С. Данилов
Оччугуйдук аҕай Уоскун эрэ тиэртэргин, Ооккобун ол кэннэ Олуһа сатыам суоҕа! П. Тобуруокап

саргылан

саргылан (Якутский → Якутский)

туохт., үрд. Саргылаах буол, үөрүү, өрөйүү-чөрөйүү эҥээрдэн. Стать счастливым, обрести счастье и вдохновение
[Айыыһыт:] Саасүйэ тухары Самныбат саргыланыҥ, Одун хаантан Охтубат оҥорууланыҥ. П. Ойуунускай
Доҕордоһуу өлбөөдүйбэт Үрүйэтэ кылбаарар, Кини уутун испит эрэт Самнан биэрбэт саргыланар. И. Гоголев

албаа

албаа (Якутский → Якутский)

туохт., поэт., үрд. Өрө көтөҕүллэн, кэрэхсээн, туой, ыллаа. Славить, славословить, возносить хвалу. Алгыстаах тылбынан албаа Алдьархайдаах айыы аймаҕын Оһоллоох одун олоҕун Огдолутар оҥорторуом дуо? П. Ойуунускай
Суруй эн күннээҕини, умай күннээҕинэн, албаа бүгүҥҥүнү. «ХС»
Кини поэт, төлөннөөх патриот быһыытынан бэйэтин айымньытын сыалынан Ийэ дойду модун күүһүнкүдэҕин, кини бэртээхэй инники кэскилин албаа хоһуйууну ааҕара. «Кыым»

оҥоруулан

оҥоруулан (Якутский → Якутский)

туохт. Ханнык эрэ оҥоруулаах, дьылҕалаах, төлкөлөөх буол. Иметь судьбу, предназначение
Бу орто бороҥ туруу дьаҕыл дойдуга айбыт киһибит-сүөһүбүт түөрэккэй төлкөлөннө, кэччэгэй кэскиллэннэ, оҥдохой оҥорууланна. Ньургун Боотур
[Кэтириис:] Дьоло суох күҥҥэ төрөөммүн, итэҕэс оҥорууланаммын, күн сириттэн сүтэрим кэллэҕэ. А. Софронов
[Айыыһыт:] Саас үйэ тухары Самныбат саргыланыҥ, Одун хаантан Охтубат оҥорууланыҥ. П. Ойуунускай