женатый; ойоҕо субх неженатый; ойоҕо суох ооҕуй муҥа = погов. быть неженатым — горе мыкать. /
Якутский → Русский
ойохтоох
Еще переводы:
женатый (Русский → Якутский)
прил. ойохтоох.
дьиэлээх-уоттаах (Якутский → Якутский)
даҕ. Олорор сирдээх, хаһаайыстыбалаах, кэргэннээх. ☉ Имеющий дом, хозяйство, семью
Дьиэлээх-уоттаах дьон бардахтара, арай кини тиэтэйэрэ суох. Н. Лугинов
Ол курдук Байбал, оҕолоохпун, ойохтоохпун, дьиэлээхпин-уоттаахпын диэн барара-кэлэрэ уурайан, Баһылай оҕонньордооххо ускуруой үлэлиир буолла. Күндэ
ойохтон (Якутский → Якутский)
туохт. Ойох ыл, ойохтоох буол. ☉ Жениться, стать женатым
Хоойбор сытар Хотун ойохтонноҕум, Тэллэхпэр сытар Тэҥнээх киһилэннэҕим. П. Ойуунускай
Арба, били Уйбаан уол ойохтоммут үһү дуу? Суорун Омоллоон
Михей уончаҕа эрэ тиийбэт ойохтоно сылдьыбыта да, билигин биирэ да суох. Н. Лугинов
илбиэнэ (Якутский → Якутский)
илбиэнэ көмүс иэдэстээх фольк. - үрүҥ толбонноох, нарын иэдэстээх (дьахтар туһунан). ☉ С нежно светящимися белизной кожи щеками (о женщине)
[Айталыын Куо] Илбиэнэ көмүс Иэдэһин оҕотугар Имин хаана Дьэдьэн курдук Тэтэрэ умайда. П. Ойуунускай
[Үрүҥ Аар тойон] Туналҕаннаах ньуурдаах …… Имин хаана оонньообут Илбиэнэ көмүс иэдэстээх Адьыҥа сиэр хотун диэн Алыс ааттаах дьахтар Хоойго сытыарар холоонноох доҕордооҕо, Хотун ойохтооҕо эбитэ үһү... П. Ойуунускай
бырай (Якутский → Якутский)
туохт. Ханнык эмэ сиртэн арахсан эргиллибэттии букатын бар. ☉ Уезжать, покидать какое-л. место безвозвратно
Баай ытык Омоҕой диэн бырааскайтан бырайбыт, икки уоллаах, икки кыыстаах, ойохтоох, дьонноох, сылгылаах-сүөһүлээх баай оҕонньордоох эмээхсин бааллара буолуо. Саха сэһ. I
Бэрт былыр саха саҕана дойдуттан бу дойдуга бырайан Бордуолаах Удаҕан диэн кэлбит. Саха сэһ. II
Бастаан балыксыт дьон, булчут дьон бырайан кэлэн, туой хатырык сабыылаах, наҥнаһын буор сыбахтаах, үрдүнэн аһаҕас ураһанан олорбуттара үһү диэн буолара. Саха сэһ. II
кэргэннээх (Якутский → Якутский)
даҕ.
1. Ойохтоох; эрдээх. ☉ Женатый; замужняя
[Мэхээлэ:] Аны аҕыйах хонон баран кэргэннээх, дьиэлээх киһи буолуом буоллаҕа. А. Софронов
Ол Өндөрөй нуучча Төкүөйэ диэн саха дьахтара кэргэннээҕэ. Суорун Омоллоон
[Өлөөнө:] Билигин үөрэхтээх, кэргэннээх дьахтар. Аны бэйэбин иитэр киһи. С. Ефремов
2. Дьонноох, элбэх киһилээх (биир кэргэн ыал дьонун туһунан). ☉ Имеющий большую семью, много домочадцев
Сөдүөт оҕонньор элбэх кэргэннээх. Н. Габышев
[Казанов — Киириккэ:] Эн элбэх кэргэннээххин. Эн үчүгэй, сынньалаҥ олоххо эмиэ баҕараҕын. С. Ефремов
сипсис (Якутский → Якутский)
- сипсий диэнтэн холб. туһ. Баһыахтыыр Балбаара Даарыйа эмээхсинниин хараҥа муннукка бэрт өр сипсистилэр. Амма Аччыгыйа
Айыына биһикки …… бэйэбит эрэ өйдөһөрдүк иһиллэр-иһиллибэттик сипсиспиппит. Далан - Тугу эмэ сэкириэттэһэн, кистээн кэпсэт. ☉ Шептаться, секретничать
Ити курдук саагыбар тэринэр туһунан сүбэлэһэн, сипсиһэн бараллар. Н. Якутскай
Ийэлэрэ кинилэргэ хаһан эмэ сылдьар, эмээхситтэри кытта тугу эрэ сипсиһэр буолбута. И. Гоголев
Ойохтоох, икки оҕолоох …… ботуччу хамнастаах эҥин диэн эмиэ билэ, сипсиһэ охсубуттар. Н. Габышев
[Дьахталлар] сипсиһэри баҕас сатаахтыыр барахсаттар диэтэҕиҥ. В. Иванов
ускуруой (Якутский → Якутский)
сыһ., кэпс.
1. Мэлдьи, куруутун. ☉ Всё время, постоянно
Хомсомуоллары ыҥыртаан киириэм, мин табаарыстарым ускуруой бэлэм дьоннор. Күндэ
Ол курдук Байбал оҕолоохпун, ойохтоохпун, дьиэлээхпин-уоттаахпын диэн барара-кэлэрэ уурайан, Баһылай оҕонньордооххо ускуруой үлэлиир буолла. «Чолбон»
[Кириисэ:] Мин эйиэхэ ускуруой үчүгэйи эрэ баҕарабын. «ХС»
2. Тохтоло суох, үргүлдьү. ☉ Беспрерывно, безостановочно
Күнүстэри-түүннэри ускуруой айаннаан Сэмэнчик биир сарсыарда, халлаан саҥа суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ, Берёзовкаҕа тиийэр. Н. Якутскай
Түүнү быһа ускуруой тэбэрдээҕэр утуйарбытын ордорбуппут. П. Аввакумов
Үс түүннээх күн ускуруой сылдьыбыппыт, онно мин утуктаан таба муоһугар дьөлө түһэ сыһарым. ИИА КК
сүүдүрүүн (Якутский → Якутский)
- аат., поэт. Туох эмэ олус дэлэгэйэ, бараммакка куруук алла турара (үрүҥ аһы этэргэ). ☉ Обилие чего-л., изобилие (обычно о молочных продуктах)
Аллаах аты Атах тардарынан Араҕас арыы Бадарааннаах эбит, Сүүрүк аты сүһүөх быһарынан Сөҥ сүөгэй Сүүдүрүүннээх эбит. Күннүк Уурастыырап
Биэс ойохтоох, сүөһүтүн үстэ кыйдаабыт, үрүҥ илгэнэн сүүдүрүүннээх баай киһи Аммаҕа Лаамы аҕатын ууһун систээн олорбут. Р. Кулаковскай - даҕ. суолт. Наһаа тымныыта суох, сөрүүн (хол., салгын, уу). ☉ Прохладный, дающий прохладу (напр., о воздухе, воде)
Оҕоломмут дьахтар курдук, Ылааҥы, намыын күннэр. Сарсыардааҥҥы хаһыҥ, силбик, Сүүдүрүүн хараҥа түүннэр. С. Данилов
Биһиги сыппыппыт эргэ ампаарга, иинтэн сүүдүрүүн салгын аҥылыйара. С. Федотов
Сүүдүрүүн ууну иһэн Сирэм ситтэ, ача атта, Халлаан халлан дьэҥкэрэн Алаас, үрэх үөрэ сытта. «ХС»
ср. монг. шүүдэр, п.-монг. сигүдэри ‘роса’
ускул-тэскил (Якутский → Якутский)
даҕ. Оннун-олоҕун булбатах, кэлэ-бара сылдьар. ☉ Ведущий непоседливый образ жизни, скитающийся
[Оҕонньор:] Эмиэ ускул-тэскил дьон мустубут сиригэр дуо? В. Яковлев
Тиит — били баһаарга сылдьан оҕо эрдэҕиттэн өрүү аһына, уйадыйа көрөр ускул-тэскил дьонуттан биирдэстэрэ. Н. Лугинов
Остуол тула олорон, бэйэлэрин ускул-тэскил сырыыларыттан араас эриэккэс түбэлтэлэри сэһэргииллэрэ. ВЛ РБЫ
◊ Ускул-тэскил сырыт — 1) оннугун-олоххун булбакка, кэлэ-бара сырыт. ☉ Вести непоседливый образ жизни, скитаться
«Онно-манна ускул-тэскил сылдьыбакка, ойохтоох буолан баран биир сиргэ олохсуйбут киһи дуу?» — дии санаата. Е. Неймохов
Ол кэнниттэн ускул-тэскил сылдьар киһи бэртээхэй нуучча дьахтарын кытта холбоһон ыал буолбут. И. Егоров
Кырдьык, араас дойдуларынан, хотунан-соҕуруунан ускул-тэскил сылдьа сатаата. Э. Соколов; 2) кэпс. — туох да сыаласоруга суох бириэмэни атаар, бэйдиэ сырыт. ☉ Бесцельно бродить, тратить время попусту
Аны билигин, бэл, ийэлээхаҕалаах оҕолор ускул-тэскил сылдьаллара баар суол. А. Шапошникова
Эдэр ыччат тыаттан куоракка киирэн ускул-тэскил сылдьаллара элбээтэ. А. Чугунов