Якутские буквы:

Якутский → Якутский

олуурдаахтык

сыһ. Эрэйдээхтик, эрэдэһиннээхтик, күчүмэҕэй буолар курдук. Замысловато, каверзно. «Дьэ онон, билигин да баар киһи уонна суруйааччы быһыытынан туох эмэ итэҕэстэрдээх курдук эн кинини [Ойуунускайы] саныыгын дуо?» — диэн чахчы олуурдаахтык миигиттэн ыйытар буоллуннар… Амма Аччыгыйа

олуурдаах

даҕ. Эрэйдээх, эрэдэһиннээх, ыарахан. Трудный, затруднительный, сложный
Сэмэн олуурдаах суолга ылларда. Н. Якутскай
«Эн санааҕар Аргылов сөбө суох киһи дуо? Кини тугунан куһаҕаный?» — Давид Романович …… Мандаарапка бэйэтигэр олуурдаах боппуруоһу биэрэ олордо. В. Протодьяконов


Еще переводы:

дьороччу

дьороччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Быччыҥҥын күүрдэн көнөтүк туттан (көнө, үрдүк уҥуохтаах киһи, сүөһү туһунан). Очень прямо, напряженно (держаться - о стройном, высоком человеке или животном)
Кыыл таба үрдүк сиргэ тахсан, сытырҕалыы-сытырҕалыы өр дьороччу туттан турда.  Тоҕус буойун бухатыыр киһи Дьороччу тэбинэн туран, Тосту анньан Долуой кыайан киирбэтэх Толлуулаах толуу сүлдьүгэс олуурдаах эбит. Күннүк Уурастыырап
п.-монг. двирухай

көхөлөөх

көхөлөөх (Якутский → Якутский)

даҕ., көсп. Олуурдаах, эриирдээх, баайсыылаах (кэпсэтии, ыйытыы). Сложный, непростой, каверзный, заковыристый (разговор, вопрос)
[Вася — Айдаарга:] Дьэ, мин биир көхөлөөх ыйытыылаахпын, өһүргэнимэ дуу? Н. Лугинов
Яков урут, үрүк-түрүк сылдьар эрдэҕинэ, ити «хайдах» диэн тыл итиччэ көхөлөөх, моһуоктаах буолуо диэн, кырдьыга, сэрэйэ да санаабат этэ. Н. Заболоцкай

сүбэлэт

сүбэлэт (Якутский → Якутский)

туохт. Ханнык эмэ мунаах суолга кимтэн эмэ сүбэтэ, ыйыыта көрдөө. Просить, получать у кого-л. совет, наставление
Дьүөгэ Дьөгүөр биһикки, икки бассабыык, эйиэхэ кэллибит, сүбэлэтэ, үөрэттэрэ. П. Ойуунускай
Улахан туох даҕаны буолбата, ол эрээри биир моһуокка түбэһэн, сүбэлэтэ кэллим. Н. Якутскай
Табаарыс судьуйа, биир олуурдаах боппуруоска ыллардым, ону сүбэлэтэ кэллим. М. Попов

тиҥиргэт

тиҥиргэт (Якутский → Якутский)

  1. тиҥиргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Ынахтарын кырбаан тиҥиргэтэр. А. Фёдоров
    Бииктэр таһыттан олуурдаах аанын бокуойа суох тэбиэлээн тиҥиргэттэ. Л. Попов
    [Уйбаан] бастаан [боллуону] сүгэнэн уһаты охсуолаан тиҥиргэттэ. Р. Кулаковскай
  2. Бүтэҥи тыаһы таһааран тыын. Дышать, издавая гулкий звук
    Калмыков ыараханнык ынчыктаан тиҥиргэтэр. Амма Аччыгыйа
    Кэнгэдэ иһин түгэҕиттэн дириҥник ынчыктаан тиҥиргэппитэ. Далан
    Кини сотору-сотору кыатана сатыы-сатыы ынчыктаан тиҥиргэтэрэ. Е. Неймохов
аас-майах

аас-майах (Якутский → Якутский)

көр аас-аччык
Аасмайах аргыстаах, Иҥсэ, обот эркиннээх, Обот-соллоҥ ойоҕостоох Буолар эбит ол күтүр өстөөҕүм [Дьыл оҕуһа]. Саха фольк. Аас-майах аргыстаах, Опсоллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа Улуу муора диэки Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Тыаттан тоҥонхатан төннөр аас-майах аргыстаах иччитин дьылга ыыппакка, уһун кыһын устата ойоҕоһугар олордон угуттуур — оһох, сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн курдук, бүгүн ырыата-тойуга ырааппыт. «Кыым»
Арҕааҥҥы, илиҥҥи саҕахтар Аһылла-сабылла тураллар... Араҕас, дьэбиннээх ардахтар Аас-майах былыттан куталлар. Күннүк Уурастыырап

дьип-хаан

дьип-хаан (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Ыга сабыллар, олус ыарахан (үксүн аан туһунан этиллэр). Плотно закрывающийся, массивный (обычно о двери)
Ол гынан баран уола дьип-хаан дьиэлин дэлби тибилэхтээн, ыар дьэс халҕанын ыыра үктээн, суон дьөлөҕөһүн олуурун тосту үктээн баран, тахсан тус илин диэки сүүрэн барбыт. ПЭК ОНЛЯ I
[Бухатыыр халҕана] Тоҕус толуу, толомон бухатыыр Тохсунньу ый буолар киэһэтиттэн Тоҕус эргэтэ буолуоҕар диэри Уларыппат дьип-хаан Олуурдаах эбит. Суорун Омоллоон

иҥсэ-мэнэгэй

иҥсэ-мэнэгэй (Якутский → Якутский)

  1. аат. Туохха да туолбат имэҥнээх иҥсэ. Необыкновенная, невероятная прожорливость
    Аас-майах аргыстаах, Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх, Оп-соллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа …… Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Иҥсэ-мэнэгэй баар бу аан дойдуну алдьаппыт. А. Сыромятникова
  2. даҕ. суолт. Наһаа иҥсэлээх. Невероятно прожорливый
    Иҥсэ-мэнэгэй атыыһыттар ыла кэлэллэр, кинилэр бааллар хоту сири сиэччилэр! А. Сыромятникова
    Иҥсэ-мэнэгэй ньиэмэс фашистарын Иккистээн эргийэн кэлбэттик Ийэ сирим иэниттэн сиппийбитэ. С. Зверев
күкүрдээ

күкүрдээ (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Ньирэйи күкүргэ туруор. Пристроить, поместить в ясли теленка. Оҕонньор тыһаҕаһын туспа күкүрдээтэ
2. түөлбэ. Көстүбэт гына хаххалаа, сабардаа, күлүктээ. Сделать невидимым, заслонить, закрыть
Күнү-ыйы күкүрдүүр Күр муус сүрэхтээх, Олуурдаах улуу дьыл оҕуһун Туругурдан утаардаҕым буоллун! Өксөкүлээх Өлөксөй
II
тыаһы үт. туохт. Тугу эмэ (хол., тааһы, тимири, хаппыт тириини) аалар курдук бүтэҥи тыаһы таһаар. Издавать глухие звуки трением (напр., камня, металла, сухой шкуры обо что-л.).

тоҥхой

тоҥхой (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Инниҥ диэки токуччу түс, токуччу тутун (киһини, кыылы этэргэ); инниҥ диэки умса түһэн тур (хол., күөл хомуһун этэргэ). Нагибаться, наклоняться вперёд
Баабыскаһыт эмээхсин эмиэ утуйан тоҥхойон барда. ПЭК ОНЛЯ III
Тоҥмут тороххой хомустар Тоҥхойо суугунастылар. Баал Хабырыыс
Тоҕус киһи тоҥхойон туран, Кыайан олуйбат суон модун олуурдаах. А-ИМН ОЫЭБЫ
2. Дорооболоһон, сүгүрүйэн, үҥэн-сүктэн төбөҕүн умса нөрүт; бүтүн бэйэҕинэн нөрүй. Кланяться, здороваясь, выражая почтение (головой, всем корпусом); преклонить голову, колени
Соҕотох эйиэхэ Тобуктаан тоҥхойобун, Сөһүргэстээн ньүрүйэбин. А. Софронов
Кыратык оонньоон тоҥхойон, Уруккулуу эҕэрдэ биэрдэ. С. Васильев
Күтэр Уйбаан үҥэн-сүктэн тоҥхойон сытта. Н. Заболоцкай
ср. алт. тоҥкай, хак. тонъхай ‘встать на четвереньки и склонить голову; нагнуться’, монг. тонгойх ‘наклоняться; наклонять голову’

булгуруй

булгуруй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Булгу бар, олох быһа барар курдук тоһун (туох эмэ модьуну, кытаанаҕы этэргэ). Ломаться напрочь, под корень, обламываться, переламываться (о чем-л. крепком и нетонком)
Улахан кыргыһыылар буола сыдьыбыт сибиэннэрэ өтө биллэр: сорох мас ортотунан булгуруйбут, сороҕо төбөтө тэбис-тэҥҥэ сэлэммит. И. Никифоров
Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа Унаар маҥан күн Уһуурун кытта Ураа муостара булгуруйан, Удурҕаччы санаата уурайан, Улуу муора диэки Уста турда. Өксөкүлээх Өлөксөй. [Тыраахтар] Бохтообот, булгуруйбат Модун болуо тимир Муҥутуура Буруһууналардаах эбит. Саха фольк.
2. көсп. Туохха эмэ утарылаһар, туох эмэ туһугар охсуһар, туруулаһар кыаххыттан таҕыс, утарылаһар кыаҕа суох буол. Быть сломленным, лишаться сил сопротивляться кому-чему-л. или отстаивать что-л. Чэпчэкитик киирии ухханыгар байыастар өстөөх утарылаһыыта булгуруйда дии санаабыттара. Д. Кустуров
Айар үлэтин бүүс-бүтүннүү булгуруйбат модун таптал, уостан-хоронон бараммат модун санаа арыаллыыр. «Кыым»