Якутские буквы:

Русский → Якутский

проникновенный

прил. дириҥ иэйиилээх, долгутуулаах; проникновенный взгляд дириҥ иэйиилээх көрүү.


Еще переводы:

илбистээх

илбистээх (Якутский → Русский)

1) уст. кровожадный (эпитет боевого холодного оружия); илбистээх батас кровожадная пальма (старинное боевое холодное оружие); 2) обладающий особой силой внушения (напр. о шамане, певце-сказителе); проникновенный (о речи, песне).

сэттээх

сэттээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Иэстэбиллээх; иччилээх (тыл, саҥа туһунан). Влекущий за собой кару, возмездие; вещий, проникновенный (о слове, речи)
[Нүһэр Дархан:] Ол сэттээх үөгүм дуораана Суодуспут суо мырааннар кэтэхтэригэр Сүүһүн ортотугар туоһахталаах Суор хара атыыр оҕус буолан Үллэтүллэ лиҥкинэччи мөҥүрээбитэ. И. Гоголев
Айыы-кэйии! Инньэ диэн сэттээх саҥаны саҥарба, сэлээннээх тойугу туойума. Эрилик Эристиин
[Боккуой эмээхсин] Ылдьаана эмээхсин кэлбитигэр, ити сэттээх тыллаах күтүргэ тугу көрдөрөөрү, кими быһа этиттэрээри гынарын сүрэҕэ таайда. А. Сыромятникова

илбистээх

илбистээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. эргэр. Хаанымсах, хааҥҥа баҕалаах, хааҥҥа курдаттыы тартарар (үксүгэр кыргыс сэбин туһунан). Кровожадный (эпитет, характеризующий боевое холодное оружие); имеющий страсть к убийству, к резне
Оннооҕор буолуох бухатыырдарга илбистээх илиилэммит киһибин. Саха фольк. Хайа, тэбиик мохсоҕоллорум, Илбистээх биилээхтэргит санаалара көнньүөрэн, Оботтоох уһуктаахтаргыт утахтара ханан кэллэ дуо? И. Гоголев
Бөрө бөтүҥнэр маннык айылаах илбистээх сэрии сэбэ кинилэр эттэригэр-хааннарыгар ананан оҥоһуллан эрэрин билбэттэр. «Чолбон»
2. Киһини абылыыр күүстээх; дириҥ иэйиилээх, долгутуулаах, ылыннарыылаах, курдаттыы тардар (тыл, ырыа туһунан). Обладающий особой силой внушения, способностью зачаровывать (напр., шаман, певец-сказитель); проникновенный (о речи, песне)
Аартык иччитин ыллаабыт киһи ырыатын кыайбата. Бу ырыа чиҥ хатан, дириҥ, илбистээх, улуутуҥу соҕус буолуох тустаах этэ. П. Ойуунускай
Саха тыла - наһаа баай, күүстээх, били этэргэ дылы, кырдьык да имэҥнээх, илбистээх тыл. Күннүк Уурастыырап
Саҥа үөскүүр хоһоонноруҥ дьүһүнэ күлүмнээн көстө сүтэр, илбистээх дьүөрэ тылларын төлөнө умулла-умулла күөдьүйэр, ыанньыйыаххар диэри... Суорун Омоллоон
Ол эрээри оҕонньор ити бүрэ тас көрүҥэр холооно суох киһини итэҕэтэр сүлүһүннээх тыллаах, илбистээх биллэр ойуун этэ. С. Курилов (тылб.)

иччилээх

иччилээх (Якутский → Русский)

1) уст. имеющий хозяина, домового; 2) перен. обладающий какой-л. таинственной силой; одушевлённый; иччилээх тыл а) вещие слова; б) проникновенные слова; 3) имеющий содержимое; с... содержимым (о сосуде, мешке и т. п.); иччилээх иһит сосуд с каким-л. содержимым.

эрэһэлээх

эрэһэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьиримнэс күүгэннээх эрэһэ долгуннаах. Покрытый рябью; пенистый (о волнах)
Эбэбитин биһиги Эмиэ бииргэ туоруох диэн Эрэһэлээх долгуҥҥа Эрдиилэнэн испитэ. Күннүк Уурастыырап
Эрэһэлээх долгуннаах Эҥсиллэр уулардаах Эрэлийэр бурууктаах Элиэнэ эбэкэм Эҕэрдэлээх кытылыгар …… Уруй-туску олбохтоох Ороссолуода хочото Олохсуйан олорор. Н. Степанов
2. көсп., фольк. Аймалҕаннаах, сүпсүктээх (илин халлаан). Беспокойный, тревожный (о восточном небе — в олонхо)
Эрэһэлээх илин халлааннарын Эҥийэлээх иитин аннынан Эрийэ баттаан көрдөххө …… Улуу удаҕан дьахталларым Илгистэ-эккирии туралларын курдук [тыалардаах эбит]. П. Ойуунускай
3. Бөҕө миилэлээх, бөҕө (тиис). Крепкие (о зубах)
Эрэһэлээх тииһим эргэрэн эмтэрийбитин Эмээхсин буолан баран Эдэрдээҕи сааспын Эргийэн көрдөхпүнэ Этэр тылыҥ тиийбэтинэн Эгэлгэ-эриэккэс эбит. А. Софронов. Уол оҕо барахсан …… Эрэһэлээх тииһэ Эмтэрийбитин иһин, Киэһэ хонорун кэмнэнэр, Сарсын турарын сананар. Саха нор. ыр. II
4. Илбистээх, абылаҥнаах (тыл). Проникновенный, внушительный (о слове)
Дьэ, мин киһи эрэһэлээх тылым иччитин Икки тэргэн ый тэҥнээҕэ буолбут кэй чуор кулгааххытынан истэ сэҥээрдиҥитиий. А-ИМН ОЫЭБЫ
5. Чуор, сэргэх (кулгаах). Чуткий (об ушах)
Этэр тылбын Эрэһэлээх кулгааххынан Истэн тур эрэ! Д. Говоров
6. Туруору көрөр, сытыы (харах). Прямой, острый, проницательный (о взгляде)
[Квагантирадзе] Мунна өссө кырыыламмыта, чыпчылыйбат эрэһэлээх хараҕа төгүрүйэн кэҥээн кэлбитэ. «Кыым»
Икки эрэһэлээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах — олус киэҥ төгүрүк сырдык харахтаах. С большими круглыми, словно два кольца узды с мундштуком, глазами.

имэҥнээх

имэҥнээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Курдаттыы тардар иэйиилээх; омуннаах, умайар иэйиилээх. Проникнутый сильным чувством, страстный; пылкий
Көр эрэ: баай күндү дьиэтигэр Бардам баал байҕаллыы ньиргийэр, Имэҥнээх муусука эҥээттэр, Фокстрот сааланы эргийэр. Эллэй
Истэҕиэн эдэркээн оҕо-кыыс Имэҥнээх күлүүтүн! А. Абаҕыыныскай
Ити имэҥнээх суругу, таптал суругун Наташа салҕалас буолбут илиитигэр тутан баран ааҕар. Л. Толстой (тылб.)
Эмээхсимминиин, эдэр эрдэхпинэ, биһиги тапталбыт имэҥнээх таптал этэ! М. Шолохов (тылб.)
2. Олус күүстээх, уохтаах (хол., тымныы, тыал уо. д. а.). Неистовый, неукротимый (о стихийных явлениях, ветре и т. п.)
Имэҥнээх тымныыбыт Илэ-бодо эргийдэ. А. Софронов
Сытыы тыалга кыйдатан [Харыйа] Саргылаах саас имэҥнээх итиитин эккэ-хааҥҥа иҥэринэр эриэккэс үөрүүтүн билбитэ дуо? Г. Угаров
Сылаас күннэр куоттулар, Итии, тымныы охсуһан Имэҥнээх дьыбар хотто. Н. Тарабукин (тылб.)
3. Киһини абылыыр күүстээх, долгутуулаах, уоттаах-төлөннөөх (үксүгэр тыл, этии туһунан). Обладающий особой силой внушения, способностью чаровать, проникновенный (обычно о речи, песне)
Иҥсэлээх хоһоонноох, Имэҥнээх этиилээх, Ичээн буоларга Этитиилээх эбиккин эбээ, нохоо! А. Софронов
Оннооҕор Уордаах Үөксүкү этэр тыла илбистээх, имэҥнээх. Эрчимэн
Семен Данилов поэзията сахалыытыгар күүстээҕэ, имэҥнээҕэ, эҥсилгэннээҕэ нууччалыы «табыллыытын» сүрүн төрүөтүнэн буолар дии саныыбын мин. «ХС»
4. көсп. Туохха эмэ курдаттыы тартарар иҥсэлээх, оботтоох. Жаждущий чего-л., жадный до чего-л.
Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыҕан оҕонньор. П. Ойуунускай
Имэҥнээх сытыы кылыстара Ириэнэх сигэ курдук Эриллэн хаалла. С. Васильев
Күөх буруобунан Күнү бүөлээтим, Икки атахтааҕы Имэҥнээх оҥордум. С. Зверев
Имэҥнээх хараҥа - иһийбит, сиэххэ-аһыахха айылаах ынырык хараҥаны ойуулааһын. О всепоглощающей глубокой тьме, подавляющей, парализующей человека своей абсолютной тишиной и чернотой
Ол ахсын иэһийэр имэҥнээх хараҥа соһуйбут курдук өрүтэ көтүөлээн, дьэргэҥнии түһэрэ, дьэ эбии иэһийэрэ, дьэ ордук барыастара. П. Ойуунускай
Тула Им-дьим тыҥаата, Имэҥнээх хараҥа халыҥаата. В. Лебедев (тылб.)