аат., истор.
1. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн, гражданскай сэрии кэмигэр тэриллибит суһал боломуочуйалаах былаас уоргана (1920 с. кулун тутартан 1923 с. тохсунньуга диэри); эрэпкиэм үлэлиир дьиэтэ. ☉ Временный чрезвычайный орган власти во время Гражданской войны в России, ревком (от сокращ
революционный комитет). Эрэпкиэмҥэ кэлии-барыы, мунньах эҥин туох да сүрдээх. А. Софронов
Ородобуойга сылдьан баран уол эрэпкиэмҥэ барыах буолан эрэрэ. Суорун Омоллоон
Бу эрэпкиэмнэри ууратан, аны сэбиэт диэннэри талыахтаахпыт. «ХС»
2. Эрэпкиэм бэрэссэдээтэлэ, чилиэнэ. ☉ Председатель, член ревкома
Мин эрэпкиэм Охонооско бардым. Амма Аччыгыйа
Арамаан эрэпкиэми ким өлөрбүтэй? Суорун Омоллоон
Маннааҕы биһиги эристииммит эмиэ эрэпкиэм тойон буолан хабдьыгыраабыта. Ф. Захаров