даҕ.
1. Саһаан усталаах, үрдүктээх, төһө эрэ саһаан буолар кээмэйдээх. ☉ Длиной (или высотой) в сажень или в сколько-то саженей
Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы ньилбэгэр биллэҕэн …… бугул аҥаардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут. Амма Аччыгыйа
[Быргый] ураҕаһынан биир түөрт уонча саһааннаах сиртэн чүөмпэ уутун таһыйан, балык күрэтэн киирэн барда. Күндэ
2. көсп. Олус улахан, уһун; тэйиччи (үксүн биир, бүтүн диэн курдук чопчулуур-күүһүрдэр тыллаах тут-лар). ☉ Очень большой, длинный; далёкий (часто употр. в сочет. с усилительноуточняющими словами биир ‘один’, бүтүн ‘целый’ и др.)
Табах тардан бусхатар, остуолга тэлгэппит хаһыатын тула хаампахтыыр, саһааннаах илиниэйкэтинэн кыҥаталаан көрүтэлиир. Амма Аччыгыйа
Виктор Егорович Скворцов — уунар саһааннаах уол киһи толору аата итинник этэ. Софр. Данилов
Таас үрэх барахсан уутун дьэҥкэтэ, ырааһа диибин диэн — барыта саһааннаах сиртэн субу баар курдук ыйдаҥаран, күлүмүрдүү көстө олорор үгэстээх. Н. Заболоцкай
Арай ааҥҥа төҥкөйө-төҥкөйө, мэктиэтигэр биир саһааннаах эдэр киһи киирэн кэллэ. С. Руфов
◊ Бэчээтинэй саһаан (саһааннаах) кэпс. — толору кээмэйдээх, улахан саһаан. ☉ Полномерная, большая сажень
Тоҕус бэчээтинэй саһааннаах Тоҥ харыйаны силистэри-буордары Сиҥнэри тардан [ылла]. П. Ойуунускай