даҕ. Эҥин араас, буолар буолбат. ☉ Всякая всячина, то да сё
Туой ол-бу санаалар киирэннэр, ону-маны саныы сытта. А. Софронов
Уончалаах кыыс ол-бу өрбөх сыыһынан оонньуу олоорто. Күндэ
Ынах хомуйа сылдьан ол-бу оту-маһы ааҕаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап
♦ Ол-бу буолан хаалыа кэпс. — туох эмэ иэдээҥҥэ түбэһиэ. ☉ Может всякое случиться (обычно намёк на печальный исход)
Биһиэхэ оҕо турбат этэ, онон ол-бу буолан хааллаҕына, хом санаайаҕын. С. Никифоров. Ол-бу буолума сөбүлээб. — сөрүөҥнээмэ, киһини эрэйдээмэ. ☉ Не ломайся
— Хотуой, ол-бу буолан эрэйдээмэ, барар буоллаххына бар! Н. Неустроев
Атаах дьахтарга дылы ол-бу буолума! И. Гоголев
— Ол-бу буолума, кэлэн бу кумааҕыга илиитэ баттаа. С. Ефремов. Ол-бу диэмэ кэпс. — ордук-хоһу тыллаһыма, солуута суоҕу дойҕохтоомо. ☉ Не говори лишнего, не говори ерунду, не болтай
Хата, ол-бу диэбэккэ, быһаара охсуҥ. А. Софронов
Өссө ол-бу диэн дойҕохтуу олороҕун! Н. Неустроев
◊ Ол-бу диэки көр — тула көрүн, эргиччи көр. ☉ Смотреть вокруг, оглядываться
Сэмэн ол-бу диэки көрө сатаата. П. Ойуунскай. Кини ол-бу диэки көрүөлүү турбута. Суорун Омоллоон
Ким да ол-бу диэки олох-чолох көрбөт. М. Доҕордуурап