солома || соломенный; оруос соломото ржаная солома; соломо сэлээппэ соломенная шляпа.
Якутский → Русский
соломо
Якутский → Якутский
соломо
I
1. аат. Бурдуктан туорааҕын сынньан ылбыт кэннэ хаалар умнас ото. ☉ Солома
Быргый ойоҕунуун хотоҥҥо, муостаҕа соломо тэлгэтэн утуйар идэлээхтэр эбит. Күндэ
Ууга түһэн эрэр киһи соломоттон тутуһар диэн өс хоһооно баар. Г. Угаров
Дулҕаны уонна соломону кырбатан эбии аһылыкка ууруллубут. «Кыым»
2. даҕ. суолт. Соломоттон оҥоһуллубут. ☉ Соломенный
Тэллэҕэр соломо сэлээппэлээх соноон эрэр дьахтар …… аа-дьуо хааман иһэр. Н. Габышев
Дэриэбинэ уһугар турар соломо кырыыһалаах эргэ сарайга тиийэн тохтообуттара. «ХС»
Матарааһа — соломо сөрүө. В. Гюго (тылб.)
II
аат., түөлбэ. Солоҥдо. ☉ Колонок
Саҥа сыа хаарга соломо, кырынаас, куттас куобах атахтарынан оһуор аспыттар. М. Доҕордуурап
Соломо кыыл кутуругун өрө туппут курдук хара төлөн оргуйа турар сирин устун баран истэ. Саха фольк. [Өймөкөөн] Тыһы кырынаас кыраһалаах, Атыыр соломо тобурахтаах. Саха нар. ыр. I
Еще переводы: