дьэ бэрт да өлүү доҕор диэн курдук
Бу манан эмиэ иҥэрэн кээспит. Дьэ үчүгэй да сордоох доҕор. А. Софронов
Якутский → Якутский
дьэ үчүгэй да сордоох доҕор
сордоох
I
даҕ. Эрэйдээх-кыһалҕалаах; дьоло суох. ☉ Причиняющий страдания, мучения; несчастный
Таҥараттан, саартан, талбаттан көҥүл сордоох дьоҥҥо кэлбэт, Көҥүл дьоллоох сырдык соргутун Бэйэбит эрэ булуохпут. П. Ойуунускай
Сордоох кураан дьыллар кэлэн умса миинэн эрэллэр. М. Доҕордуурап. Ынчыктаах айаным Ыган кэллэ, Сордоох айаным Суоһаан кэллэ. Саха фольк.
II
аат эб., муҥнаах II диэн курдук
«Бэйи, дэлбэрийэн эр! Мин эн үтүө быһыыгын бар дьоҥҥо кэпсиирим буолуо. Сордоох оҕолор!» — диэн хаалла Сэмэнчик, кыыс кэнниттэн. Н. Неустроев
[Уйбаан:] Сордоох, саатар арыычча үөрэхтээх буоллаҕым дуу! Амма Аччыгыйа
Хамначчыт сордоох сүгэтинэн мас кэрдэн тоһурҕатан барар. Н. Якутскай
Якутский → Русский
сордоох
несчастный, горемычный; уһун сордоох горемыка несчастный; хара сордоох злосчастный; сордоох суланарын таптыыр погов. горемыка любит сетовать.
Еще переводы: