даҕ.
1. Уһаты куоһахтаах (быһах тимирин этэргэ, хаан сүүрэригэр аналлаах). ☉ Имеющий продольный желобок, выемку (для стекания крови: о лезвии якутского ножа)
Көөртө: биир харыс икки илии уһун, үөстээх, ойуулаах, мас уктаах ыстаал быһаҕынан — охсон кылбачыҥната олорор үһү. Саха фольк. Бырдьай …… саха ууһа охсубут үөстээх сытыы баҕайы быһаҕынан кыһа-кыһа, олуктуу-олуктуу, бүк-тах тута-тута, чааркааны оҥортуур. Күндэ
Быһах биир өттүнэн биилээҕэ, өнчөҕө халыҥ этэ, хара үөстээҕэ, быһыта сынньыы ойуулааҕа. Далан
2. Ортотунан хара сиэл дьураалаах (көнтөһү, өтүүнү о. д. а. этэргэ). ☉ Имеющий чёрную продольную полосу (о поводе, связанном из конской гривы)
Ортотунан үөстээх ат өргөнүн курдук хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕын дьөлө көрдө. Саха фольк. Онно Дьэргэлгэн Күлүк үчүгэй үөстээх көнтөс устата холобурдааҕынан хаалан иһэрэ үһү. Күннүк Уурастыырап
Үрэхтэрим, өрүстэрим үс үөстээх өргөн өтүүнү …… Субуйа бырахпыт курдуктар. Эрчимэн
3. Хас да араас өҥнөөх (кустугу этэргэ). ☉ Разноцветный, полосатый (о радуге)
Бии аҕыс үөстээх кустук халлааҥҥа умайан дьэргэйбитин курдук арылыйан көһүннэҕэ. П. Ойуунускай
Аҕыс үөстээх аас кустук иэҕиллэн турар. И. Гоголев
♦ Бөҕө (өлбөт) үөстээх — бөҕө тыыннаах диэн курдук (көр бөҕө I)
«Эр Соҕотох бухатыыр» Быстыбат тыыннаах, Өлбөт үөстээх Киһи буолар кэскиллээх Буолуох этиҥ эбээт. Тоҥ Суорун
Сүллэһин Сүөдэр өлбөт үөстээх киһи буолан биэрбитэ. П. Аввакумов
Киһи барахсан бөҕө үөстээх. Араас түбүлээбит иэдээннэри аһарынан олох олорон кэллэҕэ. «ХС»
Үс үллэр үөстээх көр үс. Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ өрүстэн ордук өҥнөөх-тоттоох Өрүс баарын өйдөөбөппүн. Саха фольк. Үллэр балаһа долгуннаах үмүрүйэ-чөмөрүйэ тардыллар Үлүскэннээх дохсун сүүрүктээх Үс үллэр үөстээх Өлүөнэлиир эбэккэм! С. Васильев