даҕ., фольк. Сүҥкэн, олус улахан. ☉ Очень большой, огромный
[Аттар] Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал хотуну Бэтэрээ бэлэһинэн Битийэ көттүлэр. Саха фольк. Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит, Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал түгэхтэммит, Тунаах былыт урсуннаах Туустаах байҕал тулалаах …… Орто дойду оҥоһуллубута үһү. П. Ойуунускай
Ким көрбүтэй сүҥ эрилик Хотой төрөөт дайбытын? И. Гоголев
♦ Сүҥ дьааһын көр дьааһын
Э-э дьэ, мин диэтэх киһи сүгэ балта, сүҥ дьааһын тылбын истэн олор эрэ! ПЭК ОНЛЯ V
Сүүс сүллэр этиҥнии дуораттын Сүүс омук сүҥ дьааһын куолаһын. С. Тарасов
△ Кытаанах, нүһэр (ким, туох эмэ көрүҥүн этэргэ). ☉ Жёсткий, суровый (о ком-чём-л.)
Аттыгар хардаҥ эһэ тириитэ ыйанан турара кинини ордук сүҥ дьааһын, дьиппиэр, модун киэптиир. «Кыым». Сүҥ хаан фольк. — ытык-мааны, дархан. ☉ Почтенный, достойный уважения
Бу маннык сиргэ Одун хаан оҥорбут Сүҥ хаан улуустарын Сүгэ тойон аймахтарын, …… Дьылҕа тойон Оҥорон айан-кэрдэн түһэрдэҕинэ — оччоҕо эрэ бу сир иччитин булуо эбит нии, доҕоттор? Ньургун Боотур
Тукаам, Тыаһааны, эн Сүҥ хаан аҕаҥ Батас лыҥкыныырын эрэ манньыйан истибэт, Күөрэгэй дьырылыырын эмиэ кэрэхсиир. И. Гоголев
Якутский → Якутский
сүҥ
Еще переводы: