аат. Аат эрэ харата, көрүҥэр эрэ хамсаныы (үлэлиир ээ дэттэрээри). ☉ Движения для видимости (чтобы показать, как будто бы занят работой)
Эрдэ бара сатааһын, ээл-дээл, аатыгар эрэ сүөдэҥнээһин курдук үлэ киһитин аатын түһэн биэрэр. ПА
Якутский → Якутский
сүөдэҥнээһин
сүөдэҥнээ
дьүһ. туохт.
1. Аадьуо икки өттүгэр иэҕэҥнээн, бытааннык хаамп. ☉ Идти, двигаться медленно, неторопливо, слегка переваливаясь с боку на бок
Миитэрэйдээх дьиэлэрин таһыгар ким эрэ күлүгэ сүөдэҥниир. Далан
Сыадах [оҕус аата] миигинэ да суох бэйэтэ хааман сүөдэҥниирэ. Н. Якутскай
Уйбаан Дьоруодабыс кэбиниэтигэр кэрийэ сүөдэҥниир. «Кыым»
△ Ыалдьан дуу, санаарҕаан дуу күлүк курдук аат харата эрэ хаамп, сырыт. ☉ Ходить, двигаться медленно, словно тень (будучи больным или печальным)
Натааһа Хаабыһаба аҕыйах хонуктааҕыттан ыла арыый буолан, сэниэтийэн дьиэтин иһигэр туран сүөдэҥниир буолла. И. Сысолятин
Дьэкиим санаата түһэн туох да саҥата суох үрүҥ дьиэтин диэки сүөдэҥнии турбута. Н. Заболоцкай
Миитэрээс, дьүүллэнэн санаата алдьанан, кимиэхэ да сыстыбакка, соҕотоҕун сүөдэҥнээтэ. П. Аввакумов
2. көсп., сөбүлээб. Сүрэҕэлдьээн аатыгар эрэ хамсаабыта, үлэлээбитэ буол. ☉ Двигаться, работать через силу, очень вяло (из-за лености)
Оттон били оҕо дьиэтин өрөмүөннүүргэ эмиэ сүөдэҥнииргэ дылы этиҥ дии? В. Ойуурускай
Күн ыаһаҕын ыытар курдук, буоллархааллар үлэлээн сүөдэҥниир. Н. Кондаков
Киһилэрэ окко киирэн биир күн бугул угааччы аатыран, аатын эрэ сүөдэҥнээн көрөн баран, эт быһынным диэн кыккыраччы аккаастанан дьиэтигэр тахсыбыта. ФСВ С
♦ Күлүгүҥ эрэ сүөдэҥнээ, баһыҥ эрэ барыҥнаа — үлэлиир киһи аатын ылаары суолтатыгар эрэ үлэлээбитэ буол. ☉ Работать только для вида, кое-как
Тугу хоторуох киһигиний? Күлүгүҥ эрэ сүөдэҥниир, баһыҥ эрэ барыҥныыр. «Кыым»
ср. туркм. сөведеҥлемек ‘бездельничать, бродить без дела; слоняться, шататься’
Якутский → Русский
сүөдэҥнээ=
образн. ходить медленно, вразвалку; двигаться медленно; хааман сүөдэҥнээ = идти медленно, вразвалку; үлэлээн сүөдэҥнээ = работать медленно, только для вида.
Еще переводы: